Дьокуускай Можайскай аатынан уулуссатыгар суолга киһи өлүүлээх быһылааны таһаарбыт КамАЗ суоппара Борис Шишмарев хаайыллыбытын туһунан СИА-ҕа куораттааҕы сууттан иһитиннэрдилэр.
ГИБДД дааннайынан, 48 саастаах Шишмарев былырыын итирик туруктаах уруулга олорон массыынаны ыытар бырааба быһыллыбыт эрээри, син биир тырааныспары ыыта сылдьыбыт.
Можайскай Жуковскай ааттарынан суоллар быһа охсуһууларыгар итирик Борис Шишмарев утары суолга тахсан, түөрт киһи айаннаан испит Toyota Corona массыынаны саахаллаабыта. Ити түмүгэр кикбоксиҥҥа аан дойду икки төгүллэх чөмпүйүөнэ Лидия Андреева олоҕо суһал көмө кэлиэр диэри быстыбыта.
Борис Шишмареву суол быраабылатын кэһиигэ, итирик туруктаах массыынаны ыытыга, сэрэҕэ суох буолууттан киһини өлөрүүгэ буруйдууллар. Ити иһин кини 7 сылга көҥүлэ быстыан сөп.