«Сыалбыт киэҥ — трансплантация ахсаанын элбэтии. Саппаас уонна кыах баар. Донор уоргана тиийбэт кыһалҕатын таһынан, өссө логистика эмиэ уустуктардаах. Ол иһин Сергей Владимирович Готье кэлиитин күүтэбит. Сүрүн институт өйөбүлэ, регионнарга трансплантология сайдыытыгар, сыаната биллибэт күндү. Биһиги позициябыт сөп түбэһэр: бу хайысханы сайыннарар наада, бииргэ оҥоруохпут», — Василий Игнатьев тылларын биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйда.
Баар дааннайынан, 2024 сылга № 1 ӨБ — М. Е. Николаев аатынан НЦМ быраастара пациеннарга икки донор бүөрүн уонна кадавернай быар фрагменын көһөрбүттэрэ.
Саха сиригэр киһи уорганын көһөрөн олордуу аан бастаан 2001 сыллаахха буолбута, бу бүөр трансплантацията этэ. Ол кэмтэн Саха сирин быраастара 140 уорганы көһөрөн олортулар, ол иһигэр 109 аймахтара биэрбиттэрэ, 29 — донордар.