21 Сэтинньи 21.11
  • -29°
  • $ 100,22
  • 105,81

«Кэнчээрилэр» дойду таһымнаах «Норуот үгэһин харыстааһын иһин» бэлиэнэн наҕараадаланнылар

16:14, 11 сентября
Хаартыска: Мүрү саһарҕата ТГ ханаал
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков балаҕан ыйын 10 күнүгэр Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын «Кэнчээри» норуодунай ансаамбылын оҕолорун уонна салайааччыларын көрсөн улахан таһымнаах бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттыбыттарынан эҕэрдэлээтэ. Оҕолору РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «За заслуги перед Отечеством» II cт. орден хаһаайына, ансаамбыл салайааччыта Василий Парников илдьэ сырытта.

«Кэнчээри» оҕо ансаамбылын кэлэктиибэ Астрахань куоракка баран кэллэ. Онно атырдьах ыйын 29 күнүттэн балаҕан ыйын 8-гар диэри бүтүн Арассыыйатааҕы «Россия оҕолоро ыллыыллар» диэн оскуола үөрэнээччилэрин хуордарын бэстибээлэ буолан ааста. Барыта дойдубут 65 эрэгийиэниттэн хордар кыттыыны ыллылар. Мантан 15 эрэгийиэн 17 бастыҥ кэлэктиибэ Астрахань куоракка түмүктүүр гала-кэнсиэргэ кыттарга сүүмэрдэннэ. Киэҥ хабааннаах тэрээһиҥҥэ Арассыыйа 8 федеральнай уокуругуттан — Москваттан, Санкт-Петербуртан, Тюменьтан, Томскайтан, Ульяновскайтан, Псковтан, Луганскай уонна Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэртэн, Запорожскай уобаластан, Чечня өрөспүүбүлүкэтиттэн, Саха өрөспүүбүлүкэтиттэн уо.д.а. — оҕо хуорун 17 бастыҥ кэлэктиибэ кытынна.

Атырдьах ыйын 30 күнүгэр икки номинацияҕа куонкурус буолла: академическай уонна норуодунай ырыа. Саха сириттэн «Кэнчээри» кэлэктиип «Норуот үгэһин харыстааһын иһин» бэлиэнэн наҕараадаланна. Бэстибээл кыттааччылара Астраханскай уобалас тэрилтэлэригэр ыллыылларын чэрчитинэн Саха сирин оҕолоро В.Н. Татищев аатынан Астраханнааҕы судаарыстыбаннай университет устудьуоннарыгар кэнсиэртээтилэр.

Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар дойду култууратын уонна ускуустубатын биллэр-көстөр диэйэтэллэрэ киирдилэр. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ — Л. Конторович — Арассыыйа судаарыстыбаннай мусукаалынай теле-араадьыйа киинин «Хор ырыатын маастардара» улахан академическай хуор уус-уран салайааччыта, бэрэпиэссэр, Чайковскай аатынан Москватааҕы консерватория хорга дирижердааһын кафедратын сэбиэдиссэйэ, Россия норуодунай артыыһа.

Ону кытта «Оҕону үөрэтиигэ уонна иитиигэ хуор ырыатын оруола» дойду научнай-практическай кэмпириэнсийэ бэстибээл бырагырааматыгар киирдэ. Хор уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар сүрүн соруга — оҕолорго гуманистическай төрүттэри иитии, киһи бастыҥ хаачыстыбаларын уонна төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии буолуохтаах диэн кэмпириэнсийэ кыттааччылара биир санааҕа кэллилэр.

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр бэстибээл Астрахань Кириэмилин собуордааҕы болуоссатыгар «Это всё моё родное» диэн улахан гала-кэнсиэринэн түмүктэннэ. Бэстибээл финалыгар кыттыбыт 400 оҕоттон турар хомуур хор, Астраханнааҕы опера уонна балет тыйаатырын симфоническай аркыастыра, солистар уонна дирижердар кэнсиэргэ кыттыыны ыллылар.

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар