Буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин 100 сааһыгар аналлаах «Сурэхтэн кэпсэтии» литературнай сэһэргэһии Кэбээйи улууһугар буолла. Киэн туттар, инники күөҥҥэ илдьэ сылдьар, ытыктыыр киһилэрин туһунан биир дойдулаахтара истиҥ санааны сахтылар.
Кэбээйилэр айылҕаттан айдарыылаах, саха алыптаах уус-уран тылын баһылабыт, саха литературатыгар бэлиэ миэстэни хаалларбыт суруйааччы, тумус туттар чулуу уолларын Тимофей Сметанин 100 сылыгар «Сүрэхтэн кэпсэтии» литературнай сэһэргэһии ыыттылар.
Саха сирин биллиилээх дьоно-сэргэтэ, улуустар бэрэстэбиитэллэрэ, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, Тимофей Сметанины кытта алтыспыттар, аймах-билэ дьоно, Тимофей Егорович бииргэ төрөөбүт балта Екатерина Егоровна Сметанина, кыыһа Татьяна Тимофеевна Сметанина дьиэ-кэргэнинээн уонна Тимофей Сметанин эдэр сааһын чугас доҕоро, Саха сирин норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов кыыһа – Вера Софроновна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун ытык олохтооҕо кэлэн кыттыыны ыллылар. Горнай, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү уо.д.а. улуустартан делегациялар санааларын сайа эттилэр.
«Тимофей Сметанин санаабытын барытын ситэ суруйбакка, өйдөөбүтүн, көрбүтүн үксүн эппэккэ-туойбакка эдэр сааһыгар суох буолбута. Кинини кытта бииргэ улааппыттар, бииргэ үлэлээбиттэр, үөлээннээхтэрэ, кини килбиэннээх айымньыларын аахпыттар Тимофей Сметанины куруук истиҥник, итиитик ытыктаан саныыр буолуохтара», — диэбиттээх Үөһэ Бүлүүттэн төрүттээх саха поэта, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Василий Георгиевич Чиряев.
Ааптар: Анисья Спиридонова, Кэбээйи улууһа