Кэбээйи оройуонугар оҕоҕо бэйдиэ сылдьар ыт саба түһэн бөһүөлэк дьаһалтата киниэхэ 50 тыһыынча солк. суумалаах моральнай хоромньуну төлөөтө. Бу туһунан СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Сангаар бөһүөлэгэр 2022 сыл атырдьах ыйыгар бэйдиэ сылдьар ыт оҕону ытырбыта. Биэдэмистибэҕэ бу бөһүөлэк дьаһалтата бэйдиэ сылдьар ыттары үчүгэйдик харайбахха тахсыбыт быһылаан диэн быһаардылар.
Прокурор ирдэбилэ толору толорулунна, бөһүөлэк дьаһалтатыттан оҕо туһатыгар 50 тыһыынча солкуобайы ирдээтилэр.