Тохсунньу 9 күнүгэр Казахстаҥҥа олорор саха дьонун сорохторо Арассыыйаҕа төнүннүлэр. Арассыыйа оборуонатын байыаннай-транспортнай сөмөлүөтүн бастакы рейсинэн Москваҕа 8 Саха сирин устудьуоннара уонна 13 турист көтөн кэллилэр.
Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһиттэрэ Казахстантан кэлбит устудьуоннарга айаннарыгар уонна олорор сири булалларыгар көмөлөһөллөр. Салгыы кэлбит дьон бары Дьокуускайга төннөр былааннаахтар.
«Арассыыйа уонна Саха сирин тас сибээһин министиэристибэтигэр биһиэхэ көмөлөспүттэригэр махталбыт улахан. Кинилэр сыралаах үлэлэрин түмүгэр, Казахстантан түргэнник уонна куттала суох эвакуацияланар кыахтанныбыт уонна Арассыыйаҕа төнүннүбүт. Казахстаҥҥа олорор биһиги биир дойдулаахтарбытыгар, төрөппүттэрбитин кытта сибээстэһэргэ көмөлөспүттэригэр эмиэ махтанабыт«,-диэн Казахстаҥҥа үөрэнэр Вячеслав Бурнашев үллэһиннэ.