Алтынньы 18 күнүгэр Кангаласс-Суотту маршрутунан паромнар быйыл бүтэһик рейси толоруохтара.
Бу туһунан хампаанньа салайааччыта Иван Заровняев иһитиннэрдэ.
«Бүгүҥҥүттэн Кангалассы-Суотту маршрутунан паром үлэтин түмүктэнэрэ биллэрилиннэ», — диэтэ Иван Заровняев. «Саха сирин паромнара» УХ дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан кыраапыгынан уонна сайыҥҥы тарыыбынан уларытыыта суох таһыы нэдиэлэ бүтүөр диэри оҥоһуллуоҕа.
Бу иннинэ Дьокуускай — Аллараа Бэстээх, Хачыкаат — Мохсоҕоллоох хайысхаларынан паромнар сырыылара алтынньы 18-22 күннэригэр түмүктэнэрэ былааннаммытын туһунан Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрбитэ.