Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Николай Иванов иһитиннэрбитинэн, быйыл окко, сүөһү эбии аһын бэлэмнээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ оройуон лидер буолбут. Үүт былаанын толорууга эмиэ кэккэ ситиһиилэр бааллар. Онон кыстыкка толору бэлэмнээх киирдилэр. «Маннык көрдөрүүнү бүтэһигин 2014 сыллаахха ситиспиппит. Суолталаах тэрээһиҥҥэ улахан көмөнү «Октябрь 50 сыла сопхуос» ТХПК үүт туттарааччылара оҥордулар. Күөрдэм, Тиит-Эбэ, Хоточчу үлэһит дьонугар, кээпэрэтиип салайааччытыгар Тихон Скрябиҥҥа махталбытын биллэрэбит», — диэтэ кини. Ахсынньы 17 күнүгэр сүөһү көрүүтүнэн дьарыктанар, үүт туттарар тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар уонна кэтэхтэр түмсэн, инники былааннарын торумнастылар, наҕараадаланнылар.
Күөрдэм нэһилиэгин «Ситим» култуурунай киинигэр Хаҥалас улууһун уҥа биэрэгэр түөлбэлээн олорор Күөрдэм, Тиит-Эбэ, Хоточчу сүөһү иитээччилэрэ мустан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн, улуус дьаһалтатыттан, нэһилиэктэрин салалтатыттан уонна кээпэрэтииптэрин баһылыгыттан истиҥ-иһирэх эҕэрдэни, махтал маанытын ыллылар. Үлэһит дьоҥҥо ананар дьаһалга саала толору киһи кэлбит, үөрбүт-көппүт, долгуйбут сирэйдэр тыа сирэ барахсан инники кэскиллээҕин туоһулуур курдуктар. Анаан эҕэрдэлии кэлбит Лэгэнтэй «Сайылыкка бүгүн киэһэ ыһыах буолла эн кэлбиккэр» диэн ырыата ураты тыыннанан иһилиннэ.
Хаҥалас улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Андрей Варламов тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар оройуон бюджетыгар 2023 сылга 38 мөл солк көрүллүбүтүн, урукку сылларга тэҥнээтэххэ бу саамай муҥутуурдук анаммыт суума буоларын кэпсээтэ. Эркээни хочотун сөбүлээн олохсуйбут сахалар, билиҥҥи ахсааннара 34 тыһ тахса киһи. Кинилэр 29 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа үлэни өрө тутан олороллор. «Тихон Николаевич салайааччылаах кээпэрэтиип улууска тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар арыый атыннык, саҥалыы көрүүнэн ылсан, баран иһэрэ хайҕанар. Тыа хаһаайыстыбатын салаата сүөһү-сылгы, оҕуруот аһын олордуу эрэ буолбатах, «Тыа сирин биир кэлимник сайыннарыы» бырагырааматынан суоллар оҥоһуллаллар, социальнай эбийиэктэр тутуллаллар. Бу барыта нэһилиэк сайдыытыгар олук биэрэр. «Октябрь 50 сыла сопхуос» урут-уруккуттан дириҥ историялаах, ону аныгы көлүөнэ сайыннаран биэрэрэ олус наадалаах. Ону сурукка тиһэн, кинигэ таһаарбыттарыгар Николай Филипповичка, бастакы, иккис Дьөппөн баһылыктарыгар махтанабыт«, — диэн эттэ.
Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Николай Иванов быйыл улууска аан бастакытын «Баһылык грана» диэн докумуон ылыллан үлэлээбитин кэпсээтэ. «Онно Тихон Скрябин салайар тэрилтэтэ кыттан, куонкуруһу ааһан, 3 мөл солк сууманы ылбыта. Онон рефрижераторнай контейнер атыылаһан, үлэни сөпкө туруоран, быйыл үүккэ былааннарын толордулар. Наһаа үчүгэй көрдөрүү. Инникитин даҕаны өссө сомоҕолоһон, квотаны элбэтэн, былааны толорууга ылсыахпыт. Билигин аһыыр аспытын бэйэбит хааччынарбыт — олохпут ирдэбилэ буолла. Үүтүнэн, этинэн, оҕуруот аһынан хааччыллыылаах буоллахпытына, кыайыахпыт. Саппаас баар буолуохтаах, ханнык да түгэҥҥэ. Айылҕабытын, дойдубутун, норуоппутун таптыахпытын наада, оччоҕуна патриот буолаҕын. Өссө биирдэ Тихон Николаевич сомоҕолообут нэһилиэктэригэр улахан эрэллээхпитин биллэрэбит», — диэтэ кини.
2 Дьөппөн баһылыга Александр Константинов дьонугар туһаайан, «нэһилиэккэ өрө тахсыылар да, түһүүлэр да бааллара» диэн бэлиэтээтэ. «Ити эрээри тэриллиилээх хаһаайыстыбалар куруук бааллара. Бу буолар биһиги ситиһиибит. Ситим куруук баар«, — диэбитин элбэх киһи сөбүлүү истибит буолуохтаах. Чахчы, биир нэһилиэк биир ыал курдук бэйэ-бэйэҕэ истиҥ, убаастабыллаах сыһыанынан, түһүүлээх кэмнэргэ бары тэҥҥэ хомойсон, тахсыылаах кэмнэргэ бары тэҥҥэ үөрсэн, олох олоруулара — тыа сирин кэскилэ. Саамай сүрүнэ — ситим быстыа суохтаах, төрөппүтү оҕо солбуйар кэмнэрэ хайаан да баар буолуохтаахтар, оччоҕуна эрэ тыа сирэ тыыннаах хаалар.
«Октябрь 50 сыла сопхуос» ТХПК салайааччыта Тихон Скрябин толоруллубут соруктары, былааны билиһиннэрдэ. «Бэйэбитигэр манна үүт аһы оҥорон таһаарыахтаахпыт, харчыны бэйэбит аахсыахтаахпыт диэн кэпсэппиппит. Улууспут, нэһилиэктэрбит баһылыктара өйөөн, бары биир күүс буоламмыт сомоҕолоһон, билигин былааммытын толордубут. Дьоммут үлэлээх буоллуннар, дохуоттаах буоллуннар, элбэх үлэ миэстэтэ таҕыстын, ыччаттар кэлэн үлэлээтиннэр диэн баҕа санаалаахпыт. Бэйэм оҕо сааспыттан хотоҥҥо сыстаҕас буоламмын, нэһилиэгим дьоно «биһиэхэ кэлэн үлэлээ» диэбиттэригэр, сөбүлэспитим. Аҕам бэтэринээрдээбитэ бэйэтин кэмигэр, кини билигин даҕаны тыа сирин сайдыытыгар элбэх этиилэрдээх. Кини үүт сыаната сэлээркэ сыанатын кытта тэҥнэһэрэ буоллар диэн куруук этэр. Билигин тэҥнэһиэх курдук буолла. Биир киилэ үүтү 70 солк туттарар буолаҕыт. Бородууксуйабытын тупсарарга, дэлэтэргэ үлэлиибит, онон ыанар ынахпыт ахсаанын элбэтиэхтээхпит. Арыыгыт наһаа үчүгэй диэтэхтэринэ — үлэбитин өссө тэтимирдиэх санаам кэлэр. Өссө биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын, кээпэрэтииппитигэр урукку сопхуос аатын ылбыппыт күүс биэрэр курдук. Биллэн турар, нууччалыы эттэххэ «один в поле не воин». Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар былаан туолуутугар улахан күүс буоллулар. Онон кинилэргэ анаан «Бастыҥ үүт туттарааччы» диэн номинация тэрилиннэ. Күөрдэмтэн Раиса Леонтьева , Хоточчуттан Александра Винокурова, Тиит-Эбэттэн Акулина Кириллина«, — диэн эттэ.
Раиса Леонтьева урукку курдук билигин ыанар ынах ахсаана элбэх буолбатаҕын, онон «сомоҕолоһон эрэ былааммытын толорор кыахтаахпыт» диэн эттэ. «Маннык Тихон Николаевич курдук нэһилиэктэригэр үлэлиир ыччаты өйөөҥ, өйөбүллээх буоллаҕына ыччат кэлиэ тыа сиригэр. Саҥа хотоннору, арыы сыахтарын тутуҥ«, — диэн санаатын эттэ. Кини этиитин Александра Винокурова өйөөтө. «Үүт харчыта кэлиитэ олус чуолкай буолла. Үүт таһар-тиэйэр массыына суоппарыгар Виктор Ефимовка махтанабыт. Үлэ тэтимин олус бэрээдэктиир. Наһаа эппиэтинэстээх үлэһит. Мэччирэҥ үчүгэй, сүөһүлэрбитин эспэппит, салгыы да үлэлэһэбит«, — диэн санаатын тириэртэ. Оттон Акулина Кириллина 10 туоннаттан тахса үүтү туттарбыт. Бу үлэҕэ бэриниилээх буолуу, кыах-күүс уонна дойдуга таптал.
Тихон Скрябин үүт туттарааччыларга, үлэһиттэргэ махтанна. Кини, салайааччы быһыытынан, бу үлэтин «дэриэбинэлэр сайдыыларыгар инвестициялааһын» быһыытынан сыаналыыр. Ол курдук, Хоточчуга туспа үүтү тутар сойутар хайысхалаах пуун баар буоларын, тэрил миэстэтигэр тиийэн таҥыллан туруоруллубутун иһитиннэрдэ. Күөрдэмҥэ 5 мөл солк суумалаах сэпэрээтэр, пастеризатор, арыы ытыйар курдук олус наадалаах тэриллэр туруоруллуохтарын, Тиит-Эбэҕэ эмиэ туттар тэриллэрин саҥардыыга үлэ барыахтааҕын иһитиннэрдэ.
Бу күн үлэ дьонугар элбэх грамота, махтал сурук туттарылынна. Ыанньыксыт, ньирэй көрөөччү, бостуук, үүт тутааччы, онтон да атын тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр улахан оруоллаах дьон махтанан килбиктик мичийэ тутталларын көрөн, санааҥ сырдыыр.
Сымартай хочотун үлэһит дьонун үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн сүөһүнү иитиигэ департамент исписэлииһэ Александра Петрова кэлэ сырытта. Кини миниистир Александр Атласов аатыттан эҕэрдэ тириэртэ уонна: «Сиргит-уоккут киэҥ, ону туһаҕа таһаарыҥ. Министиэристибэнэн араас бырагыраамалар бааллар, онно кыттыҥ. Этиилэргитин, идеяларгытын кэпсээҥ, эһиги үлэлииргитигэр бары кыах баар», — диэн этиитинэн суруйуубун түмүктүүбүн.
Ааптар: Полина Николаева