Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 64 000 туонна үүт туттарыллыахтаах. Күн бүгүҥҥү туругунан, 5 655 туонна үүт соҕотуопкаламмыт. Ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 957 туоннанан элбэх.
— Бу хайысханан быйыл бүддьүөккэ 3 млрд 840 мөл солк суумалаах субвенция көрүллүбүтэ. Итинтэн 1 млрд 894 мөл 292 тыһ солк, ол эбэтэр 49 %-а улуустарга тиэрдиллэн турар. Хаалбыт 41 %-а бэс ыйыгар, 10 %-а алтынньыга ыытыллыаҕа, — диэн миниистир Александр Атласов иһитиннэрбитин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сайта биллэрэр, суруйда Сахапарламент телеграм-ханаала.