Өймөкөөн улууһун Томторугар 16 өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа түмүктэннэ. Ытык Дуоҕа Амма оройуонугар туттарылынна, суруйар СИА.
От ыйын 1 уонна 2 күннэригэр «Көмүс күрүө» сиргэ киэҥ ыҥырыылаах Олоҥхо ыһыаҕа тэрилиннэ. Россия, өрөспүүбүлүкэ куораттарыттан, оройуоннарыттан ыһыаҕы биэс тыһыынчаттан тахса киһи көрдө-иһиттэ, тэрээһиннэргэ кытынна. 200-тэн тахса киһи олоҥхолоото.
Ыһыах түһүлгэлэригэр 80-тан тахса тэрээһин ыытылынна — «Дугуйа Бөҕө» испэктээк-олоҥхо премьерата, олоҥхону ааҕыы марафона, уустар куонкурустара, оһуохайдьыттар туойсуулара, ат сэбэ-сэбиргэлэ көрдөрүлүннэ, спорт национальнай көрүҥнэрэ уонна да атыттар.
«Үс күн устата ытык сиргэ Өймөкөөҥҥө саха улуу култууратын өрөгөйдөөтүбүт. Саха сирин оройуоттарын бэрэстэбиитэллэрэ муһуннулар, кинилэри төрөөбүт дойдуга таптал уонна үгэстэргэ ытыктабыллаах сыһыан холбуур. Бу баайы биһиги көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиксэрэн иһиэхтээхпит. Бу саха норуотун нэһилиэстибэтэ. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыттарга, бочуоттаах ыалдьыттарга махталбын биллэрэбин», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников.
Ыһыах түмүктүүр чааһыгар Өймөкөөн улууһун баһылыгын э.т. Александр Иванов Ытык Дуоҕаны Амма улууһун баһылыгар Степан Кузьмиҥҥа туттарда. Манна эһиил Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэр.