Өймөкөөн, Муома, Абый улуустарыгар барыта 396 тиэргэн ууга олорор, ол иһигэр 90 олорор дьиэ, онно 368 киһи, ол иһигэр 94 оҕо баар.
Өймөкөөн оройуонугар:
с. Өймөкөөн — 179 тиэргэн, ол иһигэр 87 олорор дьиэ;
с. Томтор – 100 тиэргэн, ол иһигэр 2 олорор дьиэ;
с. Куйдуһун – 14 тиэргэн;
с. Орто-Балаҕан — 32 тиэргэн.
Муома оройуона:
с. Хонуу — 26 тиэргэн;
с. Буор Сыһыы – 27 тиэргэн;
с. Соболоох – 2 тиэргэн.
Абый оройуона:
с. Кэбэргэнэ — 16 тиэргэн, ол иһигэр биир олорор дьиэ.
Дьокуускайга доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уонна оҕолор аҕалылыннылар.
Хамыыһыйа үлэтэ салҕанар.