Өймөкөөн улууһугар от ыйыгар уһун ардахтан «Халыма» федеральнай айан суолугар Элги үрэх муостатын сыбаайаларын суулларан, айан суолугар улахан харгыһы таһаарбыта. Сонно тута трасса 868 км ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ.
Аҕыйах сыллааҕыта тутуллубут муостаны чөлүгэр түһэрэргэ ылыллар миэрэни миэстэтигэр быһаара СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Омуков, «Росавтодор» федеральнай суол агенствотын салайааччытын солбуйааччы Игорь Астахов, нэһилиэнньэ олоҕор куттал суоһаабатын туһугар үлэлэһэр судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Лепчиков кэлэн барбыттара. Ол түмүгэр, Өймөкөөн улууһуттан ДЭП-132 суол оҥорооччулара уонна Томпоттон “Дортранс” ХЭТ от ыйын 20 күнүгэр тэптэрии үлэтин ыытан, аны муостаҕа чугаһыыр даамбаҕа күннэри-түүннэри араас тиэхиньикэнэн таас куталлар, дьапталыыллар, биэрэги бөҕөргөтөллөр.
Күн бүгүн биэрэк икки өттүттэн айаннаан иһэр массыыналар (манна атын регионнартан кытта бааллар) муоста хаһан оҥоһулларын кэтэһэн тураллар. Суолга хаайтаран турар дьоҥҥо Уус-Ньараттан улуустааҕы дьаһалтаттан иһэр уу, килиэп, саахар, чэй, хортуоппуй уо.д.а наадалаах бородуукталары аҕалан түҥэтэллэр. Аһаҕас сир-халлаан икки анныгар, саатар суотабай сибээс суох сиригэр аймахтарыгар, үлэлэригэр да кыайан биллэрбэккэ хаалбыттар бааллар. Ол курдук, Новосибирскай куораттан айаннаан иһэр Ирина диэн кыыһы, Магадан куоракка төрөппүттэрэ сүтэрэн, өр сибээскэ тахсыбатаҕыттан полицияҕа киһи сүппүтүн туһунан сайабылыанньа суруйбуттар. Хата, дьол быатыгар, улуус баһылыгын солбуйааччыта Раиса Садыкова айанньыттар лааҕырдарыттан кыыһы булан ылан, рациянан дьонугар биллэрэн, улахан үөрүү-көтүү буолла.
Өтөрүнэн сууммакка-тарааммакка, киһилии аһаабакка сылдьар дьон тахсан киирэр сирбит суох диэн тыл көтөхпүттэр. Бара сатаан бу дьон: “Субу көстөн турар, 2 этээстээх аныгылыы тупсаҕай көстүүлээх чааһынай гостиница үлэлиирэ буоллар”, — диэн баҕа санааларын үллэстэллэр. Ол гынан баран, тутулла турар гостиница хаһаайынын, Төрүт урбаанньытын Афанасий Десяткины булбакка, Элги үрэҕинэн дьону таһар мотуорунай тыылаах саха уолаттарын көрүстүм. Дьонум хас да чаас иһигэр, төттөрү-таары кырынан, үлэ-хамнас кытаанаҕа. Буһан-хатан сынньалаҥҥа тохтообуттарыгар түбэһэ тиийэн кэпсэттим. Төрүт уола Прохор Кондаков көмөлөһөөччү доҕорунаан дьону харчыга тиэйбиттэрэ ырааппыт. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр уолаттар түүн Дьокуускайтан кэлбит хас да матаһыыкыллаах дьону биирдиилээн туораттылар. Ыраах Москваттан Магадаҥҥа айаннаан иһэр байкердар 4 тыһ. солк. төлөөн баран, салҕыы айаннаан куугуната турдулар.
Ити бириэмэҕэ ГИМС үлэһитэ Марина Самсонова уолаттар дьону туораталларыгар ууга кэтиллэр анал жилеттара тиийбэтин, мотуорунай тыылара регистрацията суоҕун ыйан туран, ыстараап төлүүргэ кумааҕылары толоттордо. Прохор да улаханнык кистээбэккэ: «Бу иккис түбэһиим», — диэн билиннэ. Эдэр дьон үрэҕинэн элбэх дьону төттөрү-таары туоратан салгыы айаннаттахтара, тиийиэхтээх сирдэрин булалларыгар көмөлөстөхтөрө. Ол да буоллар сэрэтилиннилэр.
Алдьаммыт муостаҕа дьон чугаһаабатын диэн суолу оҥорооччулар сырдык лиэнтэни таппыттар да, харахха тута быраҕыллар бэлиэ суоҕуттан, харса суох өттүлэрэ хаартыскаҕа түһэрээри, кутталлаах сиргэ тиийэ тураллар. Маны ким эмэ тохтоторун, сэрэтэрин көрбөтүм. ГАИ үлэһиттэрэ биэрэк анараа өттүгэр сылдьаллар.
Мин тиийэ сылдьыбыт күммэр ардах тохтообокко кэлэ-кэлэ түһэ турбута. Ол да буоллар, суол тутааччылар үлэлэрэ тохтообот. Бу күн «Росавтодор» федеральнай суол агенствотын салайааччытын солбуйааччытын Игорь Астаховы күүтэллэр.
“ Урал” массыына турарыгар тиийбитим ыаллыы сытар Муома улууһун Сааһыыр нэһилиэгиттэн 7 абитуриент оҕо үөрэх туттарса айаннаан иһээхтииллэр эбит. Кыргыттартан биирдэстэрэ, хараҕа ыалдьан, кытаран хаалбыт. «Арааһа үөрэх туттарсан бүттэҕим буолуо», — диэт кыысчаан санаарҕаабыттыы үөһээ тыынар. Ити бириэмэҕэ анараа биэрэктэн рациянан “Игорь Астахов кэллэ” диэн буолла. Салайааччы массыынаттан түһээт, суол тутааччылары кытта биэрэги кыйа хаамтылар, тугу эрэ өр кэпсэттилэр. Хаайтара сытар дьон Игорь Астаховка ким эрэ 10 күнүн сүтэрэн үлэтэ суох хаалбытын, биир аҕам саастаах киһи саахарынай диабет ыарыылааҕын, инсулин эмп наадатын, о.д.а. ким туох кыһалҕалаахтарын кэпсээтилэр.
Игорь Астахов: «Көрөргүт курдук балаһыанньа билигин да ыарахан. Ардах тохтообот, үрэх уутун таһыма үрдүү турар. Элги үрэх сүүрүгүн атын сиринэн салайар гына дэлби тэптэрии үлэтин ыытыахха сөп диэн этии киирдэ. “Халыма” федеральнай трасса 630 км-тан үс самосвал уонна сэттэ ыарахан кыамталаах тиэхиньикэ Чурапчыттан кэлиэхтэрэ. Онтон билигин муоста сыбаайаларыгар чугаһыыр гына таас кутуллан, үлэ түүннэри-күнүстэри барыаҕа».
Раиса Садыкова: «Кырата, 40 хаайтаран турар массыынаны аахтыбыт. Бу дьону аһынан-үөлүнэн, иһэр уунан хааччыйабыт. Кинилэртэн ураты, аны Уус-Ньара бөһүөлэгэр 20-н тахса массыына баар. Ол дьон эмиэ тустаах көмөҕө наадыйаллар. Онон Элги муостата төһө кыалларынан түргэнник чөлүгэр түһэригэр биһиги бары интэриэстээхпит, бары бииргэ саба түһэн үлэлэһиэхпитин наада».