22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Иван Павлов: ойуур баһаардарын уһун ардахтар эрэ кыайар кыахтаахтар

10:01, 04 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ, о.э.атырдьах ыйын 3 күнүн киэьэ 17.30 ч.туругунан, Муома улууһугар ойуур баһаардарыттан биллэриллибит ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ оннунан этэ. Киэһэлик түһэр күүстээх тыал уоту тарҕатан иһэр. Кулун Өлбүт нэһилиэгин таһынааҕы уот хонтуруолга ылыллыбыт эрээри, ардах суоҕа балаһыанньаны уустугурдар диэн, улуус баһылыга Иван Павлов СИАҕа кэпсиир.


«Уот хайаттан сыыйа налыы сиргэ түһэн иһэр. 4 килэмиэтир усталаах минерализованнай балаһа оҥорбуппут да, тыраахтырбыт булууга бэйэ оҥоһуу буолан балаһабыт кэтитэ, дириҥэ ирдэбилгэ эппиэттэспэт. Утары уот ыытыахха наада. Иллэрээ күннээҕи киэһээҥҥи күүстээх тыал уоту нэһилиэктэн 2 килэмиэтирдээх дэхси сиргэ ыспытын, тыраахтыр көмөтүнэн туттубут», — диир Иван Павлов.

Кини иллэрээ күн Хонууттан түөрт доброволец кэлтин, бэҕэһээ эбии түөрт киһи эбиллибитин, бүгүн, оптуорунньукка Якутлесресурс уон үлэһитэ кэлэрин эттэ.

«Балаһыанньаны хонтуруолга ыллыбыт эрээри ардах суоҕа үлэбитин уустугурдар. Күүстээх тыал түстэҕинэ уоту кытары охсуһарга уустук. Биһиги сирбит липпэ (торф), онон баһаары наар маныы сылдьабыт. Билигин Хонууга, Буор Сыһыыга, Соболооххо, Кулун Өлбүккэ баар уоттары умулуннарыыга үлэлиибит. Уһун ардах эрэ уоту умулуннарар кыахтааҕын көрөбүн», — диир баһылык.

Соболооххо балаһыанньа аматыйда, онон Якутлесресурс 15 үлэһититтэн биэһин Буор Сыһыыга баар баһаарга ыытыахтара. Онно уот нэһилиэктэн 11 км сиргэ баар. Баһаар минерализированнай балаһаны нөҥүөлээн нэһилиэк диэки иһэр, уот линияларын ылар кутталлаах. Уоту бохсууга 20 киһи уонна икки тыраахтыр сылдьыа.

Өссө уон Якутлесресурс үлэһитэ Кулун Өлбүккэ барыахтара. Хойуу буруоттан сөмөлүөтүнан сырыы уустук. “ИрАэро” сөмөлүөтэ түспүтэ, оттон “Полярнай авиалиния” үс сөмөлүөтэ Дьокуускайтан кэлэр кыахтара суох. Нэһилиэктэргэ буруо хойуу.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА