Кэлэр сылга, Саха сирин автономиятын сүүс сыллаах үбүлүөйүгэр, сылы эргиччи үлэлиир «Полярная звезда» оҕо киинэ арыллыаҕа. Тэрилтэ толорооччу дириэктэрэ Иван Игнатенко эппитинэн, комплекс сылын аайы 5250 оҕону ылыаҕа, кинилэр креативнай экономика аныгы идэлэрин баһылыахтара — музыкаттан анимацияҕа тиийэ, СИА суруйар.
Өлүөнэ эбэ биэрэгэр аҕыс корпус тутуллар, ол иһигэр түөрдэ — 350 оҕо тэҥинэн олороругар ананар. Спортивнай саала, киэҥ остолобуой, үөрэх, идэни хайысхалыыр уонна медицина блоктардаах. Комплекс иэнэ – 12,3 тыһ кв м.
Иван Игнатенко бэлиэтээбитинэн, манна кинематографияҕа туспа болҕомто ууруллуоҕа. Профессиональнай видеоустуудьуйа тэриллиэҕэ, сыаналаах оборудованиенан хааччыллыаҕа. «Москва уонна Санкт-Петербург кэнниттэн Саха сирэ бу хайысхаҕа олус ситиһиилэрдээх. Онон устуудьуйа күүстээх оборудованиеларынан хааччыллыаҕа, идэҕэ туһаайар үөрэтэр блок буолуоҕа. Оҕолор бэйэлэрин аныгы идэлэргэ боруобалыахтара», — диэтэ кини. Оҕолор сүрүн үөрэхтэриттэн аралдьыйбаттар, кииҥҥэ оскуола бырагыраамата барыта бэриллэр. Сыаналара сурунаал-таабылга туруоруллар.
Үөрэтии чааһыгар «Синергия» корпорация ылсыаҕа. Ольга Грищенко — корпорация вице-президенэ: «Саха сирэ IT хайысхаҕа лидер. Тас дойдууларга бородууксуйатын таһаарар. Ити эрээри бэлэмнээх кадры иитэн-үөрэтэн таһаары олус наадалаах. Биһиги санаабытыгар IT-исписэлиис буоларга хайаан даҕаны биэс сыл үөрэниэхтээххин диэн буолбатах. Колледж таһыма билиини түргэнник ылыыны көҥүллүк биэрэр». Кини ситэрэн эппитинэн, оҕолор куурустар кэннилэриттэн дипломнары уонна сертификаттары туталлар.
Кини региоҥҥа анимацияны кытта сыһыаннаах өссө биир бырайыак үлэлиэхтээҕин эттэ. Бырагырааманы «Синергия» «Союзмультфильмы» кытта кыттыгас арыйбыт анимацияҕа факультетын баазатыгар тэрийэр былааннаахтар. Билигин бырагыраама дойдулар икки ардыларынааҕы лицензированиены ааһар.
«Оҕолор Үөрэх министиэристибэтин ыҥырыытынан комплекска кэлэллэр. Манна уопсай миэстэттэн 80% бэриллэр. Хаалбыт миэстэҕэ атын регионтан ыҥырыллаллара былааннанар», — диэтэ Игнатенко.
Бырайыак уопсай суумата — 1,86 млрд солк.