Ыам ыйын 8 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улуустааҕы История уонна этнография музейа, Истибэттэр тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлэ Елена Тумусова олус сэргэх тэрээһини ыыттылар. Ол курдук, доруобуйаларынан хааччахтаах, истибэт дьон мустан, сурдопереводчиктар ыыппыт экскурсияларыгар сырыттылар.
Сурдопереводчиктар илиилэринэн, тарбахтарынан сэрии кэминээҕи историяны кэпсээтилэр, Улуу Кыайыыны уһансыбыт биир дойдулаахтарбытын билиһиннэрдилэр.
Маны сэргэ, сурдопереводчик идэтигэр үөрэнэр устудьуоннар Туйаара Кононова, Евдокия Прокопьева кыайыы өрөгөйдөөх ырыалары илиилэрин көмөлөрүнэн толордулар. Тэрээһиҥҥэ кытта кэлбит Д.С.Спиридонов аатынан 4-с №-дээх орто оскуола 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ (сал. Наталья Чуручанова) мустубут дьоҥҥо ыллаан иһитиннэрдилэр.
Салгыы музей үлэһиттэрэ ыалдьыттары гречканан, килиэп быһыытынан күндүлээтилэр, тэрээһини өссө киэргэтэн урукку кэми кытары дьүөрэлээтилэр. «Чуумпу» экскурсияны доруобуйаларынан хааччахтаах дьон эрэ буолбакка, оскуола оҕолоро эмиэ олус сэргээтилэр.