Саха сирин сэлиэнньэлэригэр бизнеһи өйөөһүҥҥэ элбэх миэрэ ылыллар. Судаарыстыбаннай көмө туһунан иһитиннэриигэ «Мой бизнес» кииннэр үлэлииллэр. Олохтоох предпринимателлэр онон туһаналлар. Бу туһунан предпринимательство уонна туризм миниистирэ Ирина Высоких эттэ, СИА суруйар.
«Өйөбүл миэрэтинэн тыа сирин бизнеһэ туһанар. Холобур, сыахтары саҥардан, оҥорон таһаарыыны тупсарыыга тутталлар. Бу көрүҥ тыа сиригэр саамай наадалаах. Дьааҥы улууһун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Дьоҕус уонна орто бизнес предпринимателлэрэ ороскуоттарын сабыыга 500 тыһ солк диэри ылыахтарын сөп. Маны сэргэ тыа сирин бизнеһэ, национальнай бырайыак чэрчитинэн, агробизнескэ сыстар, тыа хаһаайыстыбатын граннарыгар, субсидияларыгар киирсиэн сөп. Куонкурус дьоһуннаах, манна тыа сиригэр үлэ миэстэтин таһаарыыга ордук болҕомто ууруллар. Биһиги министиэристибэбит лиизиҥҥэ өйөбүл биэриэн сөп, ааспыт сылга анал дьаһал бэлэмнээбиппит. Ол эбэтэр өскөтүн сыаната үлахан буоллаҕына, биһиги кыччатар өттүгэр үлэлээбиппит. Маны тыа сирин олохтоохторо туһаналлар. Туризмы сайыннарыы саҥа хайысха быһыытынан биллэн эрэр», — диэтэ Ирина Высоких.
Оройуоттарга «Мой бизнес» кииннэр арыллаллар. Манна предпринимателлэр биир сиртэн баар судаарыстыбаннай өйөбүллэри ылаллар, Дьокуускайга курдук. Быйыл биэс улууска маннык киини арыйыахпыт.
Тыа сирин предпринимателлэригэр судургутуллубут нолуок систиэмэтэ үлэлиир, уопсай ставка 6%, Арктика улуустарыгар — 2%, Дьокуускай, Мииринэй, Алдан куораттартан ураты куораттарга, улуустарга 4%. Үүнээйинэн, сүөһүнэн дьарыктанааччыларга анал ставкалар бааллар.