Бу грант өрөспүүбүлүкэҕэ предпринимательство сайдыытын бырагырааматын чэрчитинэн төлөнүөҕэ. Үбүлээһин бырайыакка эрэ туһуланар. Билигин үөһээ ааттаммыт тэрилтэлэр уонна биирдиилээн дьон бырайыактарын номнуо саҕалаан үлэлэтэн эрэллэр.
Ил Дархан э.т. Айсен Николаев бэлиэтииринэн, бу граннар өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар саҥаны, сонуну киллэриигэ туһуланаллар. Кыайыылаахтары бүтүн хамыыһыйа быһаарда. Хамыыһыйаҕа туһааннаах министиэристибэлэр, “Якутия” технопаарка, Предпринимательствоны өйүүр киин, “Якутия” венчурнай хампаанньа, Өрөспүүбүлүкэ наукатын академията, ХИФУ, ону таһынан? уопсастыбаннай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ киирбиттэрэ.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru