Саха сиригэр академик В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» — «Шаг в будущее» XXVIII өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай конференция — эдэр чинчийээччилэр куонкурустара түмүктэннэ. Үс күн устата 350 эксперт 1572 үөрэнээччи наукаҕа бастакы хардыыларын көрдүлэр.
Саха сирин бары улуустарыттан уонна Уһук Илин регионнарыттан кытыннылар.
40 лауреат, стипендиат уонна Россиятааҕы куонкуруска кыттарга быраап ылбыт оҕолор ааттарын түмүктүүр чааска эттилэр.
Саха сиринээҕи наука Дьоҕус академиятын проректора Александра Яковлева эппитинэн, быйыл урукку сылларга тэҥнээтэххэ кыттааччы ахсаана өссө эбиллибит. «Приморскай кыраайтан уонна Чукотскай автономнай уокуруктан кэлбиттэр, бу кыттааччы географиятын кэҥэтэр. Ордук болҕомтону ИТ-эйгэҕэ уурдубут, бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тэтимнээхтик сайдан эрэр хайысха буолар. Ол иһин оҕолор үлэлэригэр эмиэ ити баар», — диэтэ кини.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-podvedeny-itogi-respublikanskoj-nauchnoj-konferentsii-shag-v-budushhee/