2018 сылтан бэттэх иккис уонна онтон элбэх оҕоломмут ыаллар 6%-наах (Уһук Илиҥҥэ 5%) ипотеканан туһанар бырааптаахтар.
Сэтинньи 14 күнүттэн РФ бырабыыталыстыбатын 1396 нүөмэрдээх уурааҕа олоххо киирэн, инбэлиит оҕолоох ыаллар бу бырагыраамаҕа эмиэ хапсар буоллулар.
Бырыһыан араастаһыытын судаарыстыба төлүүр. 2022 сыл бүтүөр диэри төрөөбүт оҕо, инбэлиит буолара бигэргэннэҕинэ, төрөппүттэрэ 2027 сыл бүтүөр диэри чэпчэтиилээх ипотеканан туһанар бырааптаахтар. Дьиэ кэргэҥҥэ биир эмит инбэлиит оҕо баар буоллаҕына, хаһан төрөөбүтүттэн тутулуга суох, чэпчэтиилээх 5% (6%) ипотеканан туһаныахха сөп буолла. Саҥа тутулла турар дьиэни тэрилтэттэн атыылаһарга уонна саҥа тутуллубут дьиэни урут ылбыт ипотека кирэдьиитин бырыһыанын кыччатарга туһаныахха сөп.
Уһук Илин эрэгийиэнигэр тыа сиригэр эрэ эргэ (иккис ырыынактан ылыллыбыт) дьиэни атыылаһар көҥүллэнэр. Өскөтүн инбэлиит оҕолоох ыал урут куоракка эргэ дьиэни атыыласпыт буоллаҕына, бырыһыанын кыччатар кыаҕа суох буолан тахсар. Онтон саҥардыы ылар буоллаҕына, саҥа тутулла турар дьиэни чааһынай киһиттэн буолбакка, тэрилтэттэн эрэ атыылаһаллара ирдэниллэр. Бастакы усунуос — 20%. Кирэдьиит сууматын хааччаҕа – 6 мөл. солк. Бу 5%-наах чэпчэтии кирэдьиит төлөнөн бүтүөр диэри үлэлиир.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru