23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ильмень күөлү эргийэ сүүрүү саҕаланна

18:01, 06 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

1942 сыл олунньу 23 күнүгэр Новгородскай уобалас Старай Руссатын босхолооhун уоттаах кыргыhыытыгар, Ильмень күөл хоту өттүнэн киириигэ 300 саха буойун хайыhардьыт уолаттара быстах өлүүгэ охтубуттара. Кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэ бэҕэhээ тиийбит саха сирин сүүрүктэрин бөлөҕө бүгүн 250 км. дистанцияҕа Ильмень күөлү эргийэ сүүрүүнү саҕалаатылар.


Ол сэриигэ 12-с гвардейскай стрелковай корпуc хайыhардьыттарын 19-сус састаабыгар киирбит 597 саха уола кыттыбыт. Хара буулдьа ыйылыыр уоттаах күнэ, биир суукка иһигэр 300 саха уолун олоҕун тимирдибитэ. Өстөөҕү сууhаран төрөөбүт алааспытыгар, дьоммутугар эргиллиэхпит диэн ыра санаа кынаттаах, Ийэ дойду иhин
сэрии толоонун байҕалыгар дьоруойдуу охтубут саха буойуттарын сырдык аатыгар бүтүн саха норуота сүгүрүйэр.

Бөлөҕү СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэhитэ, спорт бэтэрээнэ уонна чөл олоҕу көҕүлээччи Дмитрий Николаевич Горохов салайар. Сүүрүүгэ спортсменнар, сүүрүү кулууптарын чилиэттэрэ, марафонецтар – Ульяна Окорокова, Айгуль Михайлова, Александра Митина, Гаврил ФилипповАян Николаев кытталлар.

Сүүрүү саҕаланна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар