Өлөөн улууһун олохтоохторун саамай киэн туттуулара– 2019 сыллаахха үлэҕэ киирбит таас тутуулаах “Илкит” этнокултуурунай киин.
Бу туһунан Өлөөн Эбэҥки национальнай оройуонун култуураҕа салаатын салайааччыта Надежда Николаева кэпсиир:
— Ити 2019 сылтан ыла Өлөөн улууһугар кэскиллээх тутуу элбээн барбыта. Ол курдук, нэһилиэк аайы аныгылыы тииптээх модульнай хочуолунайдар тутуллан үлэлии тураллар. Ээйиккэ саҥа электро-ыстаансыйа үлэҕэ киирээри турар. Сыл аайы тулаайахтарга анаан тутуллубут дьиэлэр үлэҕэ киирэллэр. Өлөөҥҥө “Кэнчээри”, Дьэлиҥдэҕэ “Орончикан” оҕо уһуйааннара тутуллан киирбиттэрэ. Харыйалаахха оскуола-уһуйаан тутуллан тигинэччи үлэлии турар. Аны хаарбах дьиэ бырагырааматынан икки 16 кыбартыыралаах таас дьиэ киириэхтээх. Киһи киэн туттара баар – бу саҥа тутууларбыт барыта архитектурата эбэҥкилии этническэй дизайннаах буолан, национальнай уратыбытын олус бэркэ арыйар. Өссө да улууспутугар киһи киэн туттар үгүс тутуу бара турар.
Елена Потоцкая, Саха сирэ