Сэтинньи 15 күнүгэр Айсен Николаев улуус баһылыктарын кытта суһал ыстаап мунньаҕын ыытарыгар кэлиҥҥи икки нэдиэлэҕэ дойду уонна эрэгийиэн таһымыгар ылыллыбыт миэрэлэр түмүктэринэн ыарыы ахсаана арыый аччаабытын бэлиэтээтэ. Биир-балтараа ый анараа өттүгэр 11-15% эбиллэн иһэр эбит буоллаҕына, кэлин көрдөрүү – 1,5% тэҥнэһэр. Ол эрээри билигин да быһыы-майгы уустук, ыараханнык ыалдьар киһи ахсаана син биир үгүс. Ол иһин вакцинаны биэрии сүрүн сорук буолар. Болҕомто киинигэр кислородунан уонна эминэн-томунан хааччыйыы турар. Итиэннэ QR-коду киллэрии кэҥиэхтээх. Суһал ыстаапка нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр-быһаарар үлэни, ордук аҕам саастаахтар ортолоругар ыытан, быһыыны биэрии тэтимин өссө үрдэтэргэ сорудах бэрилиннэ.
Сэтинньи 16 күнүгэр Ил Дархан Нам улуһугар Хамаҕатта нэһилиэгин Кириэс Кытыл сэлиэнньэтигэр үлэлээтэ. Бу күн манна 240 миэстэлээх үс мэндиэмэннээх саҥа таас уһуйаан аһылынна. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир эбийиэк бастакы сыбаайата былырыын бэс ыйын 1 күнүгэр түспүтэ, «Демография» федеральнай бырайыагынан тутулунна. «Тускул» саҥа уһуйааҥҥа эргэ мас дьиэлээх «Сарыал» уонна «Кытылчаан» уһуйааннар холбоһон биир тэрилтэ буоллулар. Онон Хамаҕаттаҕа оҕо саадыгар миэстэнэн хааччыйыыга кыһалҕа суох буолла. «Ханнык да ыарахан кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэбит үөрэхтээһин эйгэтигэр саҥа эбийиэктэри тутара. Быйылгы сылга биһиги «Демография» национальнай бырайыагынан 14 уһуйааны тутан киллэрэрбит бу туһугар рекорд буолар. Саха АССР 100 сылын туолуутугар Максим Аммосов төрөөбүт дойдута бэртээхэй бэлэҕи тутта. Сылтан ордук эрэ кэм устата дьиэ үрдүк хаачыстыбалаахтык тутулунна. Онон «Прогресс» хампаанньаҕа, тутааччыларга махтанабын», — диэн Ил Дархан эттэ уонна цифровой лабораторияны ыларга сэртипикээт бэлэхтээтэ. Саҥа уһуйааҥҥа 12 бөлөх, ол иһигэр дьааһыла үлэлиэҕэ. Оҕону сайыннарарга бары усулуобуйа эппиэттиир: музыкальнай, спортивнай саалалар, мэдиссиинэ, логопед, психолог кэбиниэтэ, көмпүүтэр кылааһа, астыыр сыах баар. Тиэргэҥҥэ оонньуур уонна спортивнай былаһааккалар бааллар.
Салгыы Айсен Николаев Кириэс Кытылга «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн оскуола тутуутун хаамыытын көрдө. «Нэһилиэк олохтоохторо оскуола үлэҕэ киирэрин олус кэтэһэллэр. Онон тутуу болдьоҕо тардыллыбакка, түргэнник кэмигэр бүтүөхтээх. Тутуу министиэристибэтигэр үп-харчы булан, эбии биригээдэлэри тардан, тутуу барыытын тэтимирдэн, бу сыл бүтүөр диэри киллэрэллэригэр уонна үлэ хаачыстыбатын кытаанахтык хонтуруоллуулларыгар сорудахтыыбын», — диэн Айсен Николаев эттэ. Билигин Кириэс Кытыл оҕолоро эрэ буолбакка, чугастааҕы сэлиэнньэлэртэн кэлэн эргэ мас дьиэҕэ үөрэнэллэр. Саҥа эбийиэк 220 миэстэлээх, 5 тыһ. кв.м. иэннээх. Спортивнай саалалаах уонна 50 миэстэлээх интэринээттээх буолуоҕа.
Сэтинньи 17 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Дьокуускай мээрэ Евгений Григорьевтыын киин куоракка Окружной шоссе өрөмүөннэммит учаастагынан арыйдылар. Бу суол «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһулунна. Национальнай бырайыак көмөтүнэн быйыл Дьокуускайга куорат уулуссаларыгар 50 км, регион таһымнаах суолга 12 км оҥоһулунна.
«Дьокуускайга уонунан сыллар усталарыгар биһиги Окружной шоссены кэҥэтиини кэтэспиппит. Хапытаалынай өрөмүөн баран, билигин суол куттала суох айаннааһын бары ирдэбилигэр эппиэттиир буолла. Манна сатыы сылдьарга аналлаах инфраструктура эмиэ баар, онон тупсаҕай уонна хаачыстыбалаах суолу тэрийии – биир сүрүн сорукпут буолар. Бу хайысхаҕа үлэ салҕаныаҕа. Окружной шоссе баар буолуутуттан Дьокуускайга куорат суолларын ноҕорууската быдан аччыыр», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев. Окружной шоссаҕа 4,2 км усталаах суол түөрт балаһалаах. Суолу кыйа уулуссаны тупсарыы, бэлэсипиэт суола уонна тротуардар оҥоһулуннулар.
Бэлиэ түгэҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, Ил Дархан суруналыыстарга суол эйгэтигэр туох уларыйыы барарын кэпсээтэ. Быйыл историяҕа суолу-ииһи тупсарыыга муҥутуур көрдөрүүнү ситиспиппит, бу тэтими ыһыктыбаппыт. 2022 сылга национальнай бырайыагынан Саха сиригэр 534,8 км суол өрөмүөннэниэҕэ, иннинээҕи сылтан 33,5 км элбэх. Бу кээмэйтэн аҥарын федеральнай тыраасса ылар. Сэтинньи 14 күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ Тырааныспарын министиэристибэтигэр 2030 сылы көрсө «Лена», «Бүлүү», «Халыма» федеральнай суолларга тохтобула суох сыл устата тыраанспар сырыытын хааччыйарга сорудах биэрдэ. Санатар буоллахха, кыһалҕаны быһаарыыга Айсен Николаев дойду салалтатыгар хаста да туруорсан турар. Бу соругу быһаарарга Бүлүү өрүһүгэр 4 муоста, Алдан өрүһүгэр 1 муоста тутуллара былааннанар.
Сэтинньи 17 күнүгэр Айсен Николаев ТАСС агентство пресс-киинигэр ыытыллыбыт пресс-конференцияҕа Дьокуускай куорат маастар-былаанын оҥорууга бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас куонкуруһу биллэрдэ. Күһүн Илиҥҥи экономическай форумҥа РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин эрэгийиэннэрин куораттарын сайыннарыы, тупсаран оҥоруу бырагырааматын бигэргэппитэ. Ол чэрчитинэн Дьокуускай куорат маастар-былаанын оҥорууну Саха сирэ «ДОМ.РФ» хампаанньаны кытары кыттыһан ыытыаҕа. «ДОМ.РФ» хампаанньа Дьокуускай сайдыытын докумуонун оҥорууга сүрүн операторынан буолуоҕа. Куонкуруска бу эйгэҕэ үлэлэһэр Арассыыйа ханнык баҕарар хампаанньата кыттыан сөп. Маастар-былаан генеральнай былаантан сүрүн уратытынан бу докумуон былаан стратегиятынан уонна социальнай-экономическай сайдыы былаанынан буолар. Ол эбэтэр тупсаран оҥорууну, тутууну уонна дойду экономическай сайдыытын тэҥҥэ илдьэ сылдьар докумуонунан буолар. Маастар-былааны оҥоруу биһиги дойдубутугар саҥа сайдан эрэр. Онон Саха сирэ бу өттүгэр биир бастакылар кэккэлэригэр киирсэр. Куонкурус икки түһүмэҕинэн барыаҕа, түмүгү эһиил ыам ыйыгар таһаарыахтара. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай атын киин куораттартан төһө да тыйыс усулуобуйаҕа турдар, киһи олороругар, үлэлииригэр, үөрэнэригэр бары өттүнэн табыгастаах буолуохтаах. «Бу маастар-былааны эһиил балаҕан ыйыгар Илиҥҥи экономическай форумҥа билиһиннэриэхпит. Киин куораппыт аны биир уонча сылынан хайдах буолуохтааҕын толкуйдуох тустаахпыт. Онон бу докумуон оҥоһуллара биһиэхэ ураты суолталаах», – диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.
Сэтинньи 17 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга тутуу боппуруостарыгар суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Манна 150 куойкалаах кардиологическай диспансер тутуутун хаамыытын көрдүлэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ эбийиэк 90% сиппит. Тутар-таҥар үлэ ахсынньы 20 күнүгэр түмүктэниэҕэ. Билигин 180-тан тахса киһи тигинэччи үлэлиир сылдьар. Вентиляцияны туруораллар, муостаны куталлар, истиэнэни кырааскалыыллар, ааннары таҥаллар. Кардиологическай киин 8 мэндиэмэннээх, 15 тыһ. тахса кв. иэннээх. Сыл бүтүүтэ аһыллыыта буолуоҕа, 2022 сыл бастакы кыбаарталыттан ыарыһахтары эмтиэхтэрэ. Маны сэргэ мунньахха Дьокуускайга урукку байыаннай чаас сиригэр «Звезднай» диэн 68,5 га иэннээх кыбаартал тутуутун хаамытыын көрдүлэр. ДСК оройуонугар кэлимник тутуллар саҥа кыбаарталга 11 тыһ. киһиэхэ суоттаммыт 66 олорор дьиэни тутуохтара. Сөптөөх инфраструктураланыаҕа: 990-нуу миэстэлээх икки оскуола, 600 миэстэлээх поликлиника, хоккейдыыр сабыылаах катоктаах спортивнай саала, 315-тии миэстэлээх икки уһуйаан баар буолуоҕа. 6 км усталаах хаамар уонна бэлисэпиэттиир суол, паарка, сквердэр баар буолуохтара. Аныгы табыгастаах усулуобуйалаах эйгэ бары ирдэбилгэ эппиэттиэҕэ. Билигин тутуу бастакы түһүмэҕэ барар, 681 кыбартыыралаах 7 дьиэ тутулла турарыгар 75 киһи үлэлиир. Манна 2022 сыл бастакы кыбаарталыгар хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүөхтэрэ.
Сэтинньи 18 күнүгэр Дьокуускайга Опера уонна балет тыйаатырын сценатыгар Россия норуодунай артыыһа Валерий Гергиев салайааччылаах Мариинскай тыйаатыр оркестрын кэнсиэрэ буолан ааста. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Мариинскай тыйаатыры кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэһэрин, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэри аан дойдуга аатырбыт кэлэктиип кэнсиэрэ саҕалаабытын бэлиэтээтэ. Ил Дархан Валерий Гергиевка «Гражданскай килбиэн» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Маэстро Саха сиригэр култуураҕа уонна духуобунаска ураты болҕомто ууруллар диэтэ. Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинэ национальнай култуура бөдөҥ киинин быһыытынан тэриллэрэ уһулуччу суолталааҕын уонна ону өйүүрүн бар дьоҥҥо биллэрдэ. Киин акустическай саалатын дойду үрүнэн биир бастыҥынан оҥорорго көмөлөһөргө бэлэмин туһунан эттэ.
Сэтинньи 18 күнүгэр Саха сиригэр оробуочай сырыылаах РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев уонна Уһук Илин, Арктика сайдыытыгар РФ миниистирэ Алексей Чекунков кэллилэр. Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл Ил Дархан Айсен Николаевы кытта Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр тиийдилэр. Санатар буоллахха, Юрий Трутнев Атамай нэһилиэгэр атырдьах ыйын 14 күнүгэр кэлэ сылдьыбыта. Билигин миэстэтигэр «Кэскил» түөлбэҕэ тутуллубут олорор дьиэлэр хаачыстыбаларын көрдүлэр, ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит олохтоохторго туох көмө оҥоһуллубутун билистилэр, дьону-сэргэни кытта көрүстүлэр. Атамай нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Анна уонна Алексей Дмитриевтар диэн эдэр ыал дьиэтигэр сырыттылар. Алексей Петров бааһынай хаһаайыстыбатыгар 100 төбө сүөһү турарыгар аналлаах саҥа хотону көрдүлэр. Юрий Трутнев Бэс Күөлүгэр 150 миэстэлээх икки этээстээх оскуола тутуута эһиил саҕаланыан наада диэн бэлиэтээтэ. Айсен Николаев эһиил куйаас уонна кураан сайын буолара сабаҕаланарын, ойуур баһаарын умуруорууга бэлэмнэнии үлэтэ саҕаламмытын эттэ. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Юрий Трутнев быһаччы көмөлөрүнэн, ойуур баһаарын умуруоруу үлэлэрин тэрийиигэ, тиэхиньикэнэн хааччыйыыга сөптөөх үп көрүллүбүт.
Сэтинньи 18 күнүгэр Юрий Трутнев VI Уһук Илин экономическай форумҥа көҕүлэммит «1000 тэлгэһэ» бырагыраама олоххо киириитэ саҕаланан, Саха сиригэр 120-тэн тахса элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тиэргэнин оҥорорго федеральнай бүддьүөттэн 850 мөл. солк. көрүллүбүтүн бэлиэтээтэ. Айсен Николаев Дьокуускайга эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар уонна тыа сиригэр олохтоохтор талбыт, кыттыыны ылар бырайыактара өйөнүөхтэрин туһунан эттэ. Тиэргэни уонна дьоҕус паарканы талыыга куоластааһын түмүгүнэн ахсынньы 10 күнүгэр диэри кыттыны ылар бырайыактар чуолкайданыахтара. Кэлэр сыл ыам ыйын 1 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри тупсаҕай тулалыыр эйгэлээх тиэргэннэр үлэҕэ киириэхтэрэ.
Сэтинньи 18 күнүгэр Юрий Трутнев, Алексей Чекунков уонна Айсен Николаев «Саха сирэ» технопааркаҕа биотехнология хайысхатынан бырайыактары көрдүлэр. Профессор Борис Кершенгольц учуонайдар коронавирустан харыстыыр уонна эмтиир «Бетукладин» биопрепараты айбыттарын туһунан кэпсээтэ. Доруобуйа харыстабылыгар коронавирус ыарыыттан сэбиргэхтэтиини түргэнник билэр бырагырааманы, салгыы искусственнай быары оҥорууга ыытыллар үлэ хаамыытын билистилэр. Саха учуонайдара алтынньыга «Unicorn capital partners» инвестиция ааҕыныстыбатын ыҥырыытын туппуттара бырайыак инникилээҕин туоһулуур. Билигин ECLiS лаборатория биотехнология эйгэтигэр үлэлиир 15 резидеҥҥэ чинчийии ыыталларыгар төһүү күүс буолар. Юрий Трутнев Саха сирин салалтата Инновация, наука, технология киинин чэрчитинэн биотехнология кластера тэрийэр этиитин өйүүрүн туһунан эттэ уонна кэккэ сорудахтары биэрдэ.
Сэтинньи 18 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин уокуругар тутулла турар бастакы «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга сырытта. Бу бырайыагы олоххо киллэрии туһунан Ил Дархан Айсен Николаев 2020 сыллаахха Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Анал этиитигэр иһитиннэрбитэ. Кластерга креативнай экэниэмикэ эйгэтигэр: анимация, киинэ, көмпүүтэр кыраапыката, хаартыска, дизайн, архитектура эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттар түмүстүлэр. Кинилэргэ анаан аныгы сыыппара технологиятынан таҥыллыбыт араас устуудьуйалар үлэлэрин саҕалаабыттар. Кластер резиденнэрэ бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрбиттэрин Юрий Трутнев биһирээтэ. Кини Саха сиригэр «Биир кэлим субсидия» бырагыраама чэрчитинэн «Үлэ кыбаартала» креативнай кластеры силигин ситэриигэ 413 мөл. солк. бэриллэрин туһунан бэлиэтээтэ. Айсен Николаев биһиги сүрүн сыалбыт — өрөспүүбүлүкэбитин күүстээх IT-салаалаах диэн ааттатар эдэр көлүөнэни иитэн таһаарыы буолар диэн эттэ. Ил Дархан Саха сирин экэниэмикэтигэр креативнай индустриялар номнуо кылааттарын киллэрэн эрэллэригэр болҕомтону уурда. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу эйгэҕэ 6 тыһ. тахса урбаанньыт уонна тэрилтэ баар, 41 тыһ. тахса киһи үлэлиир. «Үлэ кыбаартала» кластер кэлэр сыл муус устарыгар Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын туолар күнүгэр үөрүүлээхтик аһыллыаҕа.
Сэтинньи 18 күнүгэр Юрий Трутнев Айсен Николаевы кытта үрдүкү технология эйгэтэ сайдыытыгар туһуламмыт мунньах ыытта. Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл Саха сирэ IT-технологияҕа, технопааркалары тэрийиигэ, аан дойду таһымыгар тахсыбыт хампаанньаларынан Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээтэ. Федеральнай уокурук үрдүкү технологияҕа үлэлэһэр хампаанньаларын бородууксуйалара атыыга тахсыытыттан Саха сирэ 85% ылар. Билигин бу эйгэҕэ 3,5 тыһ. тахса киһи үлэлиир. Кэнэҕэскитин Саха сирэ үрдүкү технологияҕа 10 тыһ. диэри үлэ миэстэтин таһаарыахтаах. Юрий Трутнев эрэгийиэҥҥэ креативнай уонна биотехнлогия кластердарын тэрийиини өйүүрүн, онно кэккэ дьаһаллары биэрдэ.
Сэтинньи 18 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ – вице-премьер Юрий Трутнев ыыппыт мунньаҕар «Күчүс» көмүстээх сири уонна айылҕа гааһын туһаҕа таһаарыыга инвестиционнай бырайыактар тула кэпсэттилэр. Судаарыстыба өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар билигин 54 инвестиционнай бырайыак үлэлиир. Онтон 25 бырайыак үлэлээн саҕалаабыта, өссө 29 олоххо киириэҕэ. Инвестордар 130 млрд солк. көрдүлэр, 10 тыһыынчаттан тахса үлэ миэстэтэ тэрилиннэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ көмүһүн саппааһынан иккис миэстэни ылар «Күчүс» баайдаах сири баһылыырга инфраструктураны тэрийии сүрүн боппуруос буоларын бэлиэтээтэ. Бырайыак олоххо киирдэҕинэ Саха сирэ бу салааҕа бэйэтин көрдөрүүтүн бөҕөргөтүөҕэ, саҥа үлэ миэстэтэ тахсыаҕа, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр нолуок киириитэ улаатыаҕа. Өссө биир сүрүн инвестиционнай бырайыак чэрчитинэн Кыһыл Сыыртан Хабаровскай кыраай Аян бөһүөлэгэр диэри 1400 км усталаах магистральнай гаас утаҕа тутуллуоҕа, сылга 18 мөл. туоннаҕа тиийэ ыгыллыбыт айылҕа гааһын оҥорон таһаарыахтара. Бу олоххо киирдэҕинэ Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Уус Маайа улуустарыгар 16 тыһ. киһи олорор 14 нэһилиэгэ гааска холбонор кыахтаныаҕа. Техниканы гааһынан сапыраапкалыыр тиһик тэнийэн, ол тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сабыдыаллыаҕа. Бу барыта дьон олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиэҕэ. Эрэгийиэҥҥэ айылҕа гааһын хостооһун эрэ буолбакка, таҥастааһын тирэҕэр туруоҕа.
Сэтинньи 19 күнүгэр Юрий Трутнев Айсен Николаевы кытары Саха сиригэр энергетика сайдыытыгар мунньах ыыттылар. Юрий Трутнев эрэгийиэҥҥэ энергетика экэниэмикэ сайдыытын тэтимигэр эппиэттиир кыахтаах буолуохтааҕын, онуоха инфраструктураны сайыннарыы күүскэ барыахтааҕын туһунан эттэ. Айсен Николаев уот ситимэ харгыһа суох үлэлиирэ сүрүн сорук буоларын бэлиэтээтэ. Быйыл дойду баһылыгын сорудаҕынан Нерюнгритааҕы ГРЭС-кэ киэҥ далааһыннаах саҥардыы үлэтэ ыытыллар, онон былырыыҥҥы курдук станция үлэтэ тохтуур куттала хатыланыа суоҕа диэтэ. «РусГидро» Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 иккис уочаратын тутууга үлэни саҕалаан эрэр. Чугастааҕы кэмҥэ ыраах сытар 70 нэһилиэнньэлээх пууннарга аныгы технологияны туһанан миэстэтигэр баар энергетика эбийиэктэрин саҥардыахтара.
Мунньахха тарыып оҥоруутугар, өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүн уотунан хааччыйыыга тохтоотулар. Бүлүүтээҕи уонна Светлэйдээҕи гидроэлектростанцияларга ноҕорууска биллэ улааппытынан, атын эрэгийиэннэртэн уот ситимин тардыы, тыал, күн уотун эниэргийэни оҥорорго туһаныы, намыһах кыамталаах атомнай станциялары тутуу тоҕоостооҕун көрөргө Юрий Трутнев эттэ. «РусГидро» ПАО эрэгийиэн соҕуруу энергооройуонуттан арҕаа өттүгэр уоту тириэрдиигэ дьаһаллары олоххо киллэрэн эрэрин туһунан этилиннэ. Мунньах түмүгүнэн РФ бэрэсидьиэнигэр Уһук Илин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ кэккэ сорудахтары биэрдэ.
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтэрээ