Алтынньы ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путины төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха сирин өрүү өйүүрүн, болҕомтотун иһин Владимир Владимировичка махтанна. Кини курдук күүстээх, муударай, ырааҕы көрөр Бэрэсидьиэн салайыытынан биһиги дойдубут аан дойдуга биир күүстээх держава быһыытынан Арассыыйа норуотун таһынан, аан дойду үгүс норуотугар тирэҕинэн, эрэлинэн буоларын бэлиэтээтэ.
Алтынньы ыйын 7 күнэ. Ил Дархан Исидор Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин Арассыыйа Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчиковаҕа туттарда. Айсен Николаев Галина Данчикова олоҕун бүтүннүүтүн дойду уонна Саха сирин туһугар сулууспаҕа анаабыт улахан уопуттаах, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит маҥнайгы уонна билиҥҥи кэмҥэ соҕотох кэрэ аҥаар буоларын, билигин Судаарыстыбаннай Дуумаҕа өрөспүүбүлүкэ интэриэһин көдьүстээхтик көмүскүүрүн бэлиэтээтэ.
Алтынньы ыйын 8 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ыыппыт дойду сирин-уотун сайыннарыыга анаммыт саҥа Стратегияны дьүүллэһэр сессияҕа кытынна. Докумуон бу сыл бүтүүтэ бигэргэниэхтээх. Эрэгийиэннэр бэйэлэрин этиилэрин киллэрбиттэр. Стратегия дойду национальнай сыалларын ситиһэргэ бары эрэгийиэннэргэ дьон олоҕун хаачыстыбата сөптөөх буоларыгар туһуламмыт. 2200 тирэх нэһилиэнньэлээх пуун баар буолуохтаах.
Алтынньы ыйын 9 күнэ. Ил Дархан Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы гаас пуорумугар үлэлээтэ. Айсен Николаев «Газпром» хампаанньа бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Миллеры кытары көрсүһүүтүгэр 2021-2025 сылларга уонна 2025 сыл кэнниттэн гааһынан хааччыйыыны сайыннарыы бырагырааматыгар киирбэтэх өссө 7 нэһилиэнньэлээх пууну гаастыыр кыаҕы көрөргө сөбүлэстилэр. Бу Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 8 тыһ. тахса киһи олорор.
Алтынньы ыйын 9 күнэ. Айсен Николаев дойду Судаарыстыбаннай сэбиэтин хамыыһыйатын «Энергетика» хайысхатыгар мунньаҕын ыытта. Эрэгийиэннэргэ гаастааһын уонна гаас ис ырыынага сайдыытын, чуолаан социальнай гаастааһын бырагырааматын, гаас оттукка тырааныспары көһөрүү, электроэнергияны оҥорон таһаарыыга гааһы туттуу тустарынан дьүүллэстилэр. Дойду Бэрэсидьиэнэ Бырабыыталыстыбаҕа Газпромы кытта гаастааһын инники 10 сылга былаанын оҥорорго сорудахтаабыта. Билигин гаастааһын дойду 72 эрэгийиэнигэр ыытыллар.
Ил Дархан «Газпром газомоторное топливо» ХЭУо генеральнай дириэктэрин Сергей Комисаровы кытта көрсүһүүтүгэр гаас мотуорун уматыгын эйгэтин сайдыытын уонна бу хайысханы өйөөһүн дьаһалларын, гааһынан сапыраапкалыыр инфраструктура сайдыытын туһунан дьүүллэстилэр, бу эйгэҕэ Саха сиригэр үлэлиир хампаанньалар былааннарын, саҥа ыстаансыйалар тутуллууларын боппуруоһун көрдүлэр.
Айсен Николаев гаас пуорумугар АЛРОСА-Гаас, Сахатранснефтегаз уонна ГДК Ленск-гаас хампаанньалар инвестиционнай сөбүлэҥ түһэрсиилэрин тэрээһинигэр кытынна. Хампаанньалар Улугур уонна Эргэдьэй лицензиялаах учаастактар гаастаах сирдэрин туһаҕа таһаарыыга геологическэй чинчийиилэри кыттыһан үбүлүөхтэрэ. Бу сөбүлэҥ өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна АЛРОСА 2024 сыл бэс ыйыгар Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экономическай пуорумҥа түһэрсибит дуогабардаһыыларын салгыыта буолла.
Алтынньы ыйын 10 күнэ. Айсен Николаев Санкт Петербурга Арктическай уонна антарктическай билим-чинчийэр институтун дириэктэрэ Александр Макаровтыын бииргэ үлэлэһии хайысхаларын торумнаатылар. Саха сиригэр билим бырайыактарын сайыннарыы кыаҕын туһунан кэпсэттилэр. Биир сүрүн тиэмэнэн килиимэт уларыйыыта ирбэт тоҥҥо дьайыытын үөрэтии буолар. Институт дойду үрдүнэнэ ирбэт тоҥу кэтээн көрөр судаарыстыбаннай тиһик пууннарын тэрийэр сорудахтаах, онтон 30% курдуга Саха сиригэр баар буолуоҕа. Билигин 9 скважина үлэҕэ киирбитэ, 31 пуун быйыл оҥоһуллуохтаах. Итиэннэ өрүттэр Самойловскай арыыга баар билим ыстаансыйатыгар чинчийиилэри ыытыы консорциумун тэрийии кыахтарын ырыттылар.
Алтынньы ыйын 12 күнэ. Айсен Николаев уонна Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – дойду Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «БУОЙУН» киин салалтатын кытта көрүстүлэр, киин Дьокуускай куораттааҕы филиалын үлэтин көрдүлэр. Киини сайыннарыыга Владимир Путин биэрбит сорудаҕынан үлэ ыытыллар. Киин 21 филиаллаах, бу былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх. Анал бырагырааманан 400 инструкторы бэлэмнээбиттэр, 35 тыһ. киһи үөрэҕи ааспыт. Итинтэн «Эдэр дьоруойдар кэмнэрэ» сайыҥҥы байыаннай-патриотическай симиэнэҕэ үөрэҕи 14-18 саастаах 20 тыһ. тахса оҕо ааста. Сыл түмүктэниэр диэри өссө 10 тыһ. оҕону бэлэмниэҕэ. «Ийэ дойдуну көмүскээһин уонна куттала суох буолуу төрүттэрэ» саҥа биридимиэти үөрэтэр педагогтар идэлэрин таһымын үрдэтэллэр. Бэлэмнэниини 208 педагог ааспыт.
Алтынньы ыйын 12 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайга «Сулус» үөрэтэр-ытар кииҥҥэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ыраахтан ытыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы иккис турнир аһыллыытыгар кытынна. Дойду Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Арассыыйаҕа снайперскай ускуустубаны сөргүтэр сыаллаах ыраахтан ытыыга иккис турнир аһыллыбытынан эҕэрдэлээтэ. Айсен Николаев олунньуга ыытыллыбыт бастакы турнир кэнниттэн кылгас кэм иһигэр кыттааччы икки төгүл улааппытын, ол аата биһиги турнирбыт биллэн-көстөн, улахан суолталанан эрэрин көрдөрөр диэн бэлиэтээтэ. Икки күн ыытыллар күрэхтэһиигэ дойду араас эрэгийиэннэриттэн 140-тан тахса киһи квалификационнай, күнүскү, түүҥҥү ытыыга түһүмэхтэри ааһаллар.
Алтынньы ыйын 13 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин агропромышленнай комплексын үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Кэм-кэрдии ааһар, олох сайдан иһэр, ол эрээри тыа сирин сыралаах үлэтэ суолтата үрдүк, ханнык даҕаны ыарахаттартан толлубакка, тыа сиригэр олорор, сүөһү иитиитигэр, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга сыралаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиир дьоммут өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар сүдү кылааттарын киллэрэллэр», — диэн бэлиэтээтэ. Аграрийдары өйүүбүт, ааспыт алта сылга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраамалары үбүлээһин биллэ улаатта, үлэ өссө да салҕанар диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.
Алтынньы ыйын 13 күнэ. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы ыраахтан ытыыга икки күннээх турнир түмүктэннэ, кыайыылаахтары быһаардылар. Күрэхтэһээччилэр күнүскү уонна түүҥҥү ытыы түһүмэхтэригэр кытыннылар. Кинилэр тыал, хаары-ардаҕы аахсыбакка үрдүк маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр. Манна Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн дойду бастыҥ снайпердара күүстэрин холоннулар. Өрөбүл күн кыайыылаахтарга Юрий Трутнев уонна Айсен Николаев наҕараада туттардылар.
«Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы иккис турнир ситиһиилээхтик ааста. Бу сырыыга икки төгүл элбэх киһи кэлэн кытынна. Тэрийэр кэмитиэт улахан үлэни ыытта. Кэлэр турнирдар эмиэ биһиэхэ ыытыллыахтара. Кыттааччылар күн-дьыл туругун аахсыбакка, үчүгэй көрдөрүүнү ситистилэр, ол – биһиги Сахабыт сиригэр уонна бүтүн Арассыыйа үрдүнэн өбүгэлэрбит үгэстэрэ салҕанарын туоһулуур», — диэтэ Айсен Николаев.
Түүҥҥү ытыы түһүмэҕэр 1700 миэтэрэ ыраахтан сыалы ытыыга бастыҥ снайпердарынан буоллулар: I миэстэ — «Брат» уонна «Кос» позывнойдаах паара, II миэстэ — «Хантер» уонна «Крид», III миэстэ – «Колпачок» уонна «Воха». Күнүскү түһүмэххэ, ол эбэтэр 2 тыһ. миэтэрэттэн ытыыга кыайыылаахтарынан ааттаннылар: I миэстэ — «Колпачок» уонна «Воха» позывнойдаах снайпердар пааралара, II миэстэ — «Нагирнай» уонна «Бочаров», III миэстэ – «Агроном» уонна «Юрич».
Үһүс миэстэҕэ тиксибиттэр «Аркуда» бинтиэпкэнэн наҕараадаланнылар. Иккис миэстэни ылбыттар «ЯКТ Сокол» собуот оҥорон таһаарбыт «Сокол» вездеходу туттулар. Оттон кыайыылаахтар пикап массыынанан наҕараадаланнылар. Маны таһынан үс анал бириис олохтоммутуттан биирдэстэрэ Саха сирин спецнаһын «Сибэтиэй» уонна «Скала» диэн позывнойдаах пааратыгар тигистэ. Кинилэргэ «Лобаев Арм» диэн хампаанньа бэйэтин карабинын анаата.
Тиихэй акыйаан флотун 155-с гвардейскай байыаннай биригээдэтигэр Юрий Трутнев «Раптор» бинтиэпкэни тиксэрэллэригэр туттарда. «Бу биригээдэ хамандыырдарын, саллааттарын кытта байыаннай дьайыы бара турар сиригэр хаста да көрсүбүппүт. Биригээдэ саллааттарынан уонна хамандыырдарынан киэн туттабын. Кинилэр кыайыыны ситиһэллэригэр эрэнэбин», – диэтэ Юрий Трутнев.
Алтынньы ыйын 13 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай олохтоохторун уонна ыалдьыттарын саҥардыллыбыт киин болуоссат аһыллыбытынан эҕэрдэлээтэ. Манна дьон сынньанарыгар норуот үгэһигэр, култууратыгар олоҕурбут табыгастаах аныгы эйгэ тэриллибитин бэлиэтээтэ. Сахаҕа аан дойду алаастан саҕаланар, ону бу болуоссатынан көрдөрдүлэр. Чаҕылхай уотунан туланы сырдатар музыкальнай фонтан бырагырааматыгар сахалыы, дойду уонна омук биллэр ырыалара киирэллэр.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Бокуруоп күнүттэн кыһын саҕаланар, бу күннэргэ кыстык хаар тулабытын маҥхатар. Биир суолталаах үгэспитинэн идэһэ кэмэ саҕаланар, этэҥҥэ сыл тахсар, сүрүн аспытын хаһаанар кэммитигэр үлэ таһаарыылаах буоллун, чэгиэн-чэбдик туругу баҕарабын.
Ааптар: Афанасий Ноев