Бэс ыйын 18 күнэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үлэтин сырыытынан Дьокуускайга кэллэ. Айсен Николаев дойду Аҕа баһылыгын Дьокуускай аэропордугар көрүстэ.
Бэрэсидьиэн «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга Саха сирин IT-га уонна креативнай салааларга ситиһиилэрин, инники былааннарын кытары билистэ. Кластер резиденнэрэ медицинскэй түһэриилэри искусственнай интеллект көмөтүнэн анаалыстыыр «Сайберия» хампаанньа, көтөр ааллары кэтиир «Хорус» тиһик, «Тундра» анимация устуудьуйатын, киинэ индустриятын уонна да атын бырайыактар туһунан кэпсээтилэр. Владимир Путин Саха сирин IT-салаатын уонна креативнай сайдыытын үрдүктүк сыаналаата. Бэрэсидьиэн «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга ситиһиини баҕарда.
Владимир Путин видеосибээс нөҥүө Өлөөн уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратын ИТ-кииннэрин бэрэстэбиитэллэрин кытта кэпсэттэ. Өлөөннөр «Арктика синергията» бырайыагы өйүүрүн иһин Бэрэсидьиэҥҥэ махтаннылар. Бырайыак чэрчитинэн улууска түргэн интернет киирбитэ. Кировскайдар шефтээх Саха сирин көмөтүнэн куорат сөргүтүллүбүтүн туһунан эттилэр.
Айсен Николаев Дьокуускайдааҕы агломерация маастар-былаанын бырайыактарын туһунан кэпсээтэ. Мастар-былаан чэрчитинэн 33 тэрээһин олоххо киириэ, 90 эбийиэк, ол иһигэр үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин кампуһа, социальнай, спортивнай-култуурунай эбийиэктэр тутуллуохтаахтар, 2030 сылга диэри хаарбах дьиэлэр толору суох буолуохтаахтар. Владимир Путин дойду үпкэ миниистирэ Антон Силуановтыын Өлүөнэ муостатын тутуутун боппуруостарын тула кэпсэппитин туһунан иһитиннэрдэ.
Маны сэргэ Бэрэсидьиэҥҥэ Уһук Илиҥҥэ «Патриотическай» урутаан сайдыы сирэ хайдах үлэлиирин билиһиннэрдилэр. Анал байыаннай дьайыыга туһаныллар бородууксуйаны, бойобуой дроннары салайар оператордар тренажердарга хайдах бэлэмнэнэллэрин, разведка уонна радиоэлектроннай охсуһуу ньымаларын тутта үөрэнэллэрин көрдөрдүлэр. Дойдуга соҕотох «Сулус» ытыы полигонун үлэтин туһунан кэпсээтилэр. Итиэннэ «Муравьев-Амурскай 2030» бырагырааманы кэҥэтэн, дойду Арктикатыгар тарҕатарга этиини өйөөтө.
Бэрэсидьиэн «Земскэй доктор», «Земскэй учуутал», «Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраамалар кыттыылаахтарын, култуура үлэһиттэрин уонна Уһук Илиҥҥэ көһөн кэлбит исписэлиистэри кытта көрүстэ, боппуруостарыгар эппиэттээтэ. Владимир Путин Уһук Хоту үлэлиир иһин бэриллэр эбии төлөбүрдэр НДФЛ нолуогун ааҕыыга учуоттаныа суохтаахтарын, ол туһунан сорудаҕы Бырабыыталыстыбаҕа биэриэҕин туһунан эттэ. Эдэр исписэлиистэри, анал бырагыраамалар кыттыылаахтарын өйүүр мэхэньиисимнэри тупсарар тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Уһук Илин уокурукка инженернэй оскуолалар бырагыраамаларын сайыннарыыга үлэлэһэргэ эттэ.
Владимир Путин Айсен Николаевы кытта көрсүһүүтүгэр Ил Дархан биэс ыйдааҕы үлэ түмүгүн отчуоттаата. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысаланнас көрдөрүүтэ былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ 9,7%, онтон эрэгийиэн валовай бородууксуйата 5,6% кэриҥэ үрдээбит. Өрөспүүбүлүкэ национальнай сыалы-соругу ситиһэргэ уонна национальнай бырайыактары толорууга инники күөҥҥэ сылдьар. Бэрэсидьиэн Айсен Николаев хамаандатын үлэтин түмүгүн үрдүктүк сыаналаата, Саха сирэ демографияҕа ситиһиилэрин бэлиэтээтэ.
Додйубут салайааччыта «Азия оҕолоро» оонньуу ыытыллыахтаах «Туймаада» стадиону көрдө уонна стадион иннигэр киин куорат олохтоохторун кытта көрүстэ.
Бу күн Аҕа баһылык Муусука Үрдүкү оскуолатыгар ыалдьыттаата. Устудьуонньар уонна үөрэнээччилэр кэнсиэрдэрин кэнниттэн оҕолору кытта кэпсэттэ. Оскуола кэллэктиибигэр Саха сирин уонна Арассыыйа култууратын сайдыытыгар киллэрэр кылааттарын иһин махтанна. Муусука Үрдүкү оскуолатын салгыы сайыннарар, иккис уочараттаах комплексын тутуу бырайыагын олоххо киллэрэргэ көмөлөһүөҕүн туһунан бэлиэтээтэ. Үөрэнээччилэр Владимир Путиҥҥа кини мэтириэтин бэйэлэрэ уруһуйдаабыттарын бэлэхтээтилэр.
Бэс ыйын 19 күнэ. Айсен Николаев Мииринэй улууһугар үлэлээтэ. Арассыыйа үпкэ миниистирин солбуйааччы Алексей Моисеевы уонна АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычевы кытта «Мир-Глубокий» тутар былаһааккатын көрдүлэр. Бырайыагы олоххо киллэрии былырыын саҕаламмыта. Быйыл ыам ыйыгар сүрүн тутуулар бырайыактара судаарыстыбаннай эспэртиисэни ааспыттара. Үлэ былаан быһыытынан баран иһэр.
Ил Дархан Мииринэй аэропордун комплексын тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Билигин эбийиэги тутуу үлэтин 60% толоруллубут. 200-тэн тахса киһи, 20-тэн тахса тиэхиньикэ үлэлиир. Пассажирдар уонна таһаҕас терминаллара, көмө инфраструктура эбийиэктэрэ тутулла тураллар. Көтөр балаһаны тутуу тохтоон турар, Ирбэт тоҥу чинчийэр институт сири бигэ туруктаах оҥорорго үлэлэһэр.
Бэс ыйын 20 күнэ. Айсен Николаев ВЭБ.РФ дэлэгээссийэтин кытта өрөспүүбүлүкэ бырайыактарын уонна Дьокуускай куорат маастар-былаанын көрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын уонна куорат дьаһалтатын, ВЭБ.РФ кыттыһан олоххо киллэриллиэхтээх бырайыактарын иһигэр уулусса уотун, сынньалаҥ уонна култуура пааркатын саҥардыы, Табаҕа диэки тырааныспар-логистика комплексын тутуу, Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспары тупсарыы, киинэ павильонун тутуу, түргэн интернет ситимин Арктикаҕа тиэрдии былааннанар. Бу бырайыактары олоххо киллэриигэ ВЭБ.РФ чэпчэтиилээх үбүлээһини көрүө.
Бэс ыйын 20 күнэ. Айсен Николаев Амма улууһугар үлэлээтэ. Ил Дархан Муона чараҥар 17-с Олоҥхо ыһыаҕын аһыллар бэлиэтин — Ытык дуоҕаны туруорда. Мустубут дьоҥҥо дойду Бэрэсэдьиэнэ Дьокуускайга сырыытыгар өрөспүүбүүлүкэ инники сайдыытын былааннарын өйөөбүтүн туһунан иһитиннэрдэ. Владимир Путин Саха сиригэр төрүт култуураҕа кыра оҕоттон саастаах дьоҥҥо диэри харыстабыллаах сыһыаннарыттан, сайыннаралларыттан сөхпүтүн туһунан эппитин уонна элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэ дьонугар Ыһыаҕынан эҕэрдэтин тириэртэ. Ил Дархан Амма дьонугар Олонхо Ыһыаҕын үрдүк таһымнаахтык тэрийбиттэрин иһин махтанна.
Ил Дархан олоҥхону толорор оҕолор, хомусчуттар, кырыымпаҕа оонньооччулар күрэхтэрин көрдө, кыра оҕолор, норуот уус-уран оҥоһуктарын түһүлгэлэригэр сылдьан, кыттааччылары кытта кэпсэттэ, ат сүүрдүүтүгэр мустубут дьону, кыайыылаахтары эҕэрдэлээтэ.
Арассыыйа судаарыстыбаннай архыыбыттан соторутааҕыта булуллубут «Аммаҕа 1944 сыллаах Ыһыах» киинэ докумуону аан бастаан көрдөрүүгэ кытынна. Оччотооҕуга норуодунай суруйааччы Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап туруорсуутунан сэрии сылларыгар аан бастаан өрөспүүбүлүкэ 20-тэн тахса оройуонугар Ыһыахтар ыытыллыбыттара.
Ил Дархан былыргы саха кыптыыйын оҥоруутугар кыттыыны ылла. Археологтар Амма улууһун Болугуругар Сырдык Сулус диэн сиргэ булбут XII үйэтээҕи кыптыый эскиһинэн Амма уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын тимир уустара кыптыый аҥаардыы өттүлэрин бэлэмнээбиттэрин Айсен Николаев ситимнээтэ.
Киэһэтин уустар түһүлгэлэригэр Ил Дархан тимир уһаарыста. Амма улууһун уустара оһохтон кытарыар диэри итийбит тимирдээх таастарын таһаарбыттарын кэннэ, 11,2 киилэлээх болгуо тимир тахсыар диэри Айсен Николаев тэбис тэҥҥэ эллээһиҥҥэ үлэлэстэ. Амма улууһун уустарын ассоциациятын салайааччыта Роман Алексеев Ил Дархаҥҥа сахалыы таптайыллыбыт кыптыыйы туттарда.
Бэс ыйын 21 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Үрүҥ Тунах Ыһыах күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха сирин дьоно майгытыгар-сигилитигэр норуоппут историятын, култууратын үйэлээх сыаннастарын иҥэринэ сылдьарын туһунан дойдубут Аҕа баһылыга өрөспүүбүлүкэҕэ кэлэ сылдьан бэлиэтээтэ диэн этиллэр эҕэрдэҕэ. Быйыл Үс Хатыҥҥа бэс ыйын 29-30 күннэригэр 27-с төгүлүн ыытыллар Туймаада Ыһыаҕар ыалдьыттарынан «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт VIII оонньууларын кыттыылаахтара буолуохтара. Бастатан туран, эдэр ыалдьыттарбыт сүрэхтэригэр хотугу кыраайбыт туһунан үтүө эрэ өйдөбүлү саҕар туһугар биһиги сирбит кэрэтин, хатыламмат уратытын, өрөспүүбүлүкэбитигэр олорор норуоттар эгэлгэ култуураларын көрдөрүөхпүт, кэрэхсэтиэхпит диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 21 күнэ. Айсен Николаев Олоҥхо Ыһыаҕар Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар фольклордарыгар — норуот ырыатыгар, остуоруйаҕа, эргимтэ үҥкүүгэ күөн-күрэстэр кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. 42 киһи 19 улуустан уонна Красноярскай кыраай Туратыттан уонна Амур уобалаһыттан кыттыбыттар. Салгыы Ил Дархан «Эмисс Түммэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ» олоҥхоһуттар улахан дьоҥҥо күрэхтэрин түмүктүүр түһүмэҕин кыттыылаахтарын толоруутун иһиттэ. Барыта 36-ларыттан 78 саастарыгар тииийэ 50-тэн тахса киһи кыттыбытыттан, финалга 14 киһи тахсыбыт. Онтон Айсен Николаев «Ыччат туhулгэтигэр» эдэр толорооччулары иһиттэ. 18-тарыттан 35 саастарыгар диэри 30-тан тахса киһи кыттар. Итиэннэ Ил Дархан «Эр бэрдэ» национальнай элбэх көрүҥ күрэхтэһиитигэр сырытта. Манна өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан 15 киһи кыаҕын тургутта.
Бэс ыйын 21 күнэ. Айсен Николаев 2024 сылга Байкал-Амур тимир суолун тутуу саҕаламмыта 50 сылын бэлиэтээһин тэрээһиннэрин былаана олоххо кииритигэр анаммыт мунньахха кытынна. Мунньаҕы видеосибээһинэн Арассыыйа Бырабыыталастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виталий Савельев ыытта. Ил Дархан Саха сиригэр тэрээһиннэр кэмнэригэр ыытыллалларын туһунан иһитиннэрдэ. Беркакит бөһүөлэгэр тупсарыы үлэтэ, уһуйаан, оскуола, поликлиника уонна таҥара дьиэтин өрөмүөнэ, уулуссаны аспааллааһын түмүктэнэн эрэр. БАМ тутааччыларын албан аатын аллеята саҥардыллар, «Локомотив» успуорт комплексын өрөмүөнэ салҕанар, успуорт былаһаакката оҥоһуллар. Сыл бүтүөр диэри Дьокуускай биир уулуссатыгар «Бамовскай» диэн аат иҥэриллиэ. От ыйын 5 күнүгэр Аллараа Бэстээхтэн Тындаҕа анал поезд айанныа, аара Алдаҥҥа уонна Нерюнгрига үөрүүлээх тэрээһиннэр буолуохтара.
Бэс ыйын 23 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун норуот уус-уран оҥоһуктарын күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Билигин 297 өрөспүүбүлүкэ норуотун маастара, норуот уус-уран оҥоһугун 670 маастара айар-тутар, 139 урбаанньыт, маастардар 113 холбоһуктара үлэлииллэр. Былырыыҥҥыттан норуот маастардарыгар Ил Дархан истипиэндьийэтэ туттарыллар. Соторутааҕыта бэс ыйын 10 күнүгэр федеральный сокуон күүһүгэр киирдэ, онон норуот уус-уран оҥоһуктарын маастардарыгар уонна холбоһуктарыгар бүддьүөт араас таһымыттан көмө оҥоһуллар буолуо.
Бэс ыйын 23 күнэ. Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэлээтэ. Үөдүгэй нэһилиэгэр успуорка универсальнай комплекс тутуллуутун бэрэбиэркэлээтэ уонна эбийиэги тутууну болдьоҕор түмүктүүргэ сорудахтаата. Билиҥҥитэ ис, тас истиэнэтэ оҥоһуллубут. Бэдэрээччит тутууну алтынньы 1 күнүгэр диэри бүтэрэр былааннаах. Саҥа эбийиэк Үөдүгэй нэһилиэгин 3 №-дээх оскуола иһинэн сыһыарыллыбыта. Уопсай 1700-тэн тахса кв.м. иэннэх комплекска икки көбүөрдээх хапсыһыы саалата, тириэньэр, быраас, санузел, уларыттар хостор, тренажернай, хаһаайыстыбаннай дьиэлэр, ону сэргэ 22 миэстэлээх интэринээт баар буолуохтара.
Салгыы Ил Дархан Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Култуура уонна ускуустуба дыбарыаһын тутуу миэстэтин көрдө. Эбийиэк Саха АССР 50 сыла уулуссаҕа 10 тыһ. тахса кв. м. иэннээх сиргэ тутуллара былааннанар. Айсен Николаев Саха сирин Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр уонна муниципальнай тэриллии дьаһалтатыгар эбийиэк тэхиниичэскэй бырайыактыыр-сметэ докумуону оҥоророго сорудахтаата.
Ил Дархан Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр гидротиэхиньиичэскэй тутуу бэлэмин бэрэбиэркэлээтэ. Биэрэги бөҕөргөтүүгэ үлэ 100% толоруллубут. Эбийиэги күһүн туттарыы былааннанар. Билигин уу таһыма түстэҕинэ итэҕэстэри буллахтарына, кылгас болдьох иһигэр туоратыахтара.
Айсен Николаев Кэнтиккэ социальнай эбийиэктэри тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Быйыл фельдшер-акушер пуунун, успуорт былаһааккатын уонна сайыҥҥы уу ситимин үлэҕэ киллэриэхтэрэ.
Бэс ыйын 23 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун ааттарыттан Севастопольга террористическай атаака түмүгэр суорума суолламмыттар чугас дьонноругар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ. Эмсэҕэлээбиттэргэ түргэнник өрүттэллэригэр баҕарда.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт түһүлгэтэ үөскээбит сиригэр-уотугар төннөн, ыраах-чугас сиртэн кэлбит кыттааччыларга өрөспүүбүлүкэбит туһунан үтүө эрэ өйдөбүл хааларын туһугар түмсүөххэйин, эдэр күрэхтэһээччилэри өйүөххэйин.
Ааптар: Афанасий Ноев