Ахсынньы 19 күнэ. Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ сыл бүтүүтэ үгэс буолбут Анал этиитин иһитиннэрдэ, ааһан эрэр сыл түмүктэригэр тохтоото, чугастааҕы уонна кэлэр кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын хас биирдии хайысхатыгар сүрүн соруктары туруорда. Билигин анал байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ үлэ барар. Дойдуларын көмүскүү сылдьар байыастары хаачыстыбалаах уонна наадалаах табаарынан хааччыйыахтаахпыт. Кинилэр дьиэ кэргэттэрэ федеральнай, эрэгийиэн көмөлөрүн толору ылалларын тус хонтуруолбар тутабын диэн эттэ.
Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ үгэс быһыытынан социальнай хайысхаҕа туһаайыллар. Ураты болҕомто тыа сирин сайдыытыгар ууруллар. 2023 сылга бюджеттан тыа хаһаайыстыбатыгар хаһан да көрүллүбэтэх улахан үп 14 млрд 200 мөл. солк. көрүлүннэ. Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ уонна бырабыыталыстыбаҕа олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйыы территорияларын туһунан сокуон барылын оҥорорго сорудахтаата. Арктика улуустарыгар субсидиялаах салгынынан көтүүлэр 2023 сылга салҕаныахтара.
Арассыыйаҕа Педагог уонна наставник сылынан Саха сирин муниципальнай оройуоннарын уонна куорат уокуруктарын 36 педагог-наставнигар 100-түү тыһ. солк. бириэмийэ ананыаҕа. Ил Дархан быйыл Ийэ сылыгар олохтоммут «100 сыл оҕолоро» хапытаалы өссө 5 сылга уһатарын туһунан биллэрдэ. «Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэлээх ийэлэргэ 100 тыһ. солк. биэрэр туһунан эттэ. Маннык бэлиэлээх ийэлэр «Үлэ бэтэрээнэ» аатын тэҥинэн ылыахтара. Оттон «Дьоруой ийэ», «Ийэ Албан аата» 1,2,3 истиэпэннээх мэтээллээх ийэлэр, Арктика улуустарыгар уонна 4-тэн элбэх оҕолоох ийэлэр «Үлэ бэтэрээнэ» ааты иҥэриигэ ыстаастара 20-тэн 10 сылга диэри көҕүрээтэ.
Ил Дархан кэлэн иһэр 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрдэ. Билигиҥҥи быһыыга-майгыга үлэ боппуруостара инники күөҥҥэ сылдьыахтаахтар, олох туруктаах буоларын туһугар үлэни уонна үлэһит киһини өрө тутуохтаахпыт диэн эттэ. Саха сирин хас биирдии олохтооҕо тустаах үлэтин эппиэтинэстээхтик, эҥкилэ суох үчүгэйдик толорорго дьулуһуохтааҕын бэлиэтээтэ. Ордук бырамыысалыннаска олохтоох дьон, чуолаан эдэр ыччат үлэҕэ киирэригэр усулуобуйа тэриллэр. Аҥардас АЛРОСА хампаанньа кэлэр сылга 1500 кэриҥэ үлэ миэстэтин таһаарыаҕа. Саха сирин үрдүнэн бастыҥ 50 үлэһиккэ 300-түү тыһ. солк бириэмийэ ыам ыйын 1 күнүгэр — Үлэ бырааһынньыгар туттарыллыаҕа.
Ахсынньы 19 күнэ. Эрэгийиэн суһал ыстаабыгар олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар эбийиэктэргэ куттал суох буолуутун хааччыйыыны кэтээн көрүү түмүгүн ырыттылар. Ил Дархан эбийиэктэри көмүскүүргэ харабыллар уонна үлэһиттэр төһө бэлэмнээхтэрин бэрэбиэркэлииргэ эттэ Бурятияттан командировкаттан кэлбит бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников Айсен Николаевка 11-с туспа десантно-штурмовой биригээдэ салалтатыттан уустук кэмҥэ Саха сирэ техника уонна эбии эпикировка өттүнэн хаччыллыыга улахан көмөнү оҥорбутун иһин махталы тириэртэ. Ил Дархаҥҥа десантниктар тельняшка уонна берет ыыппыттар.
Ахсынньы 19 күнэ. Ил Дархан «АЛРОСА» хампаанньа ааспыт сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин түмүгүн көрдө. Геополитическай уонна экэнэмиичэскэй ыарахаттары аахсыбакка, эрэгийиэннээҕи валовай бородууксуйа 10% ылар, өрөспүүбүлүкэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн бэйэтин дохуотун аҥарыттан ордугун хампаанньа киллэрэр. Аҥардас бу сыл 9 ыйыгар 2 тыһ. олохтоох каадыры үлэҕэ ылла. Кэлэр сылга 1500 үлэ миэстэтин тэрийиэҕэ. Хампаанньа Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын кытта култуура, үөрэх, наука, доруобуйа харыстабылын сайыннарыы эйгэтигэр социальнай эбэһээтэлистибэтин толордо. Тэрилтэ алмааһы хостооһуҥҥа былаанын аһара толордо, ыраас барыһа улаатта. Билигин хайа бэлэмниир үлэлэрин ыыталлар, тиэхиникэлэрин дойду уонна доҕордуу дойдулар оҥорбут тиэхиникэлэринэн солбуйаллар. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт Айсен Николаев уонна хампаанньа салалтата көҕүлээбит «Саха сирин судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар – 100 алмааска анал аат» бырайыак түмүгүн таһаардылар. Хампаанньа бэрэсидьиэнэ Сергей Иванов уһулуччулаах дьон ааттарынан ааттаммыт 43 бөдөҥ алмаас сэртипикээтин туттарда.
Ахсынньы 20 күнэ. Москваҕа Кремль Екатерининскай саалатыгар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээт физикаҕа учуутала Виктор Потаповка «Арассыыйа норуодунай учуутала» бочуоттаах аат бэлиэтин туттарда. Саха сириттэн бастакынан бу үрдүк наҕарааданы ылбыт Виктор Филиппович харда тылыгар: «Мин бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Олоҕум тухары дьоһун олоҕу олорбут дьону көрсүбүтүм. Бу мин настаабынньыгым — ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев. Сэриигэ сылдьыбыта, концлааҕыры ааспыта. Олоҕун оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыта», — диэн эттэ. Бу наҕараада кэллиэгэлэрин, үөрэнээччилэрин өҥөлөрө буолар диэн бэлиэтээтэ. Владимир Путинҥа кэлэр сылы Учуутал уонна настаабынньык сылынан биллэрбитигэр махтанна. Виктор Потапов Ил Дарханы физикаҕа үөрэппит учуутала буолар.
Ахсынньы 21 күнэ. Айсен Николаев «Аныгы усулуобуйаҕа ыччат бэлиитикэтин олоххо киллэрии» туһунан дойду Судаарыстыбаннай Сэбиэтин мунньаҕын бэлэмнээһиҥҥэ анаммыт сэминээр-мунньахха кытынна. Ыччат бэлиитикэтин сүрүн боппуруостарын ырыттылар, ол иһигэр ыччат инфраструктуратын сайыннарыы, эдэр дьон дьарыктаах буолуутун патриотическай иитии туһунан. Саха сирэ эдэр көлүөнэни патриотическай иитии үлэтин эрдэттэн күүһүрдүбүтэ диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай Өрөгөй ырыатын толорууну бастакынан саҕалаабыта. Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр анаммыт уруоктар уонна патриотическай иитии ыйа куруук ыытыллар. Бу сыл муус устарга Айсен Николаев көҕүлээһининэн патриотическай иитии туһунан сокуон ылыныллыбыта. Ил Дархан иһинэн Гражданнары патриотическай иитиигэ сүрүннүүр сэбиэт үлэлиир.
Ахсынньы 22 күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ атыы-эргиэн, научнай-техническэй, социальнай, култуурунай эйгэлэргэ бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһии түһэристилэр. Докумуоҥҥа Айсен Николаев уонна Денис Пушилин илии баттаатылар. Маны таһынан Нерюнгри оройуона уонна Кировскай куорат бырааттыы сыһыаны олохтоотулар. «Саха сирин уонна Донбасс олохтоохторун дьылҕалара бииргэ баайылынна. Ил Дархан Саха сирин уопутун туһанан Донбасска ИТ-технологиялары сайыннарарга элбэҕи оҥоруохпут диэн эттэ. Өрөспүүбүлүкэ салгыы Кировскай куораты чөлүгэр түһэриэҕэ. Денис Пушилин Саха сирэ Кировскай куоракка улахан көмөнү оҥорорун бэлиэтээтэ. Чөлүгэр түһэриигэ, кыстыкка бэлэмнэниигэ уонна да атын боппуруоһу быһаарыыга хайыы-үйэ бэйэлэрин кыахтарын көрдөрдүлэр диэн эттэ. Оскуола, балыыһа, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр, ОДьКХ эбийиэктэрэ өрөмүөннэннилэр. Быйыл былааннаммыт үлэ толорулунна. Кэлэр сылга уһуйааннары, олорор дьиэлэри, стадиону чөлүгэр түһэриэхтэрэ.
Ахсынньы 22 күнэ. Москваҕа Судаарыстыбаннай Сэбиэт мунньаҕар кыттыан иннинэ Айсен Николаев Кремльгэ «Баҕа санаа харыйата» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы үтүө санаа акциятыгар кытынна. Кини харыйаттан оҕолор Саҥа дьылга баҕа санааларын суруйбут карточкаларын уһулла. Ол курдук, Ил Дархан үс оҕо ыратын толоруоҕа – иккитэ Саха сириттэн уонна биир оҕо Донбасстан. ДНР-тан 9 саастаах Илья тюбинг, оттон Саха сириттэн 4 саастаах Тихон саҥарар динозавр оонньууру, 13 саастаах Дарина гитараны үлэспиттэр. «Оҕолор дьикти баарыгар итэҕэйэллэр уонна эрэнэллэр. Саҥа дьыл – алыптаах кэм, онон кинилэр ыра санааларын хайаан да толоруом», – диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Маннык тэрээһин тулаайах, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэнтэн уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго анаан сылын аайы ыытыллар. Кинилэр баҕа санааларын биллэр бэлиитиктэр, бизнесменнэр, салайааччылар толороллор. Быйылгы акцияҕа анал эпэрээссийэҕэ кыттар байыастар уонна саҥа эрэгийиэннэр оҕолоро кытталлар.
Ахсынньы 22 күнэ. Айсен Николаев «Аныгы усулуобуйаҕа ыччат бэлиитикэтин олоххо киллэрии туһунан» РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин мунньаҕар кыттыыны ылла. Мунньаҕы Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин салайан ыытта. «Арассыыйаҕа ыччатын бэлиитикэтин салгыы хайдах сайыннарар туһунан киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтии буолла. Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, биһиги сүрүн сорукпут – көлүөнэлэр утумнаһыыларын дириҥ ис хоһоонноохтук салҕааһын. Биһиги Саха сиригэр бу хайысхаҕа үлэни көхтөөхтүк ыытабыт, өрөспүүбүлүкэбит ыччакка бэлиитикэтэ патриотизмы бөҕөргөтүүгэ уонна историческай өйү-санааны иҥэриигэ туһуланар», – диэтэ Ил Дархан.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ ыччат гражданскай эппиэтинэстээх буоларыгар уонна сомоҕолоһууга уопут ыларыгар волонтердар хамсааһыннарын сайыннарар туһунан этиитэ улахан суолталааҕын Айсен Николаев бэлиэтээтэ. «Орто уонна үрдүк үөрэх устудьуоннара практикаларын аһымал пуондаларыгар, социальнай хайысхалаах тэрилтэлэргэ баралларыгар усулуобуйа тэрийии – дойду үрдүнэн волонтердар хамсааһыннарын сайыннарыыга улахан кылааты киллэрэригэр эрэнэбин», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Ахсынньы 23 күнэ. Айсен Николаев Роскульцентр уонна «Арассыыйа креативнай нэдиэлэтэ» форум дириэктэрэ Марина Абрамованы кытта көрсөн, быйылгы сыл түмүктэрин таһаардылар, 2023 сыл былаанын ырыттылар. Ол курдук, креативнай салааҕа, ол иһигэр киинэ, музыка эйгэтигэр, айти-салааҕа үлэлээччилэр статустарын уонна кинилэр оруолларын дьүүллэстилэр. Саха сирэ креативнай индустрияҕа дойдуга биир бастыҥ көрдөрүүлээх. Сэтинньи бүтүүтэ Дьокуускайга Уһук Илиҥҥэ бастакынан «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер аһыллыбыта. Ахсынньы саҥата биһиги өрөспүүбүлүкэбит «Креативнай эрэгийиэн» номинацияҕа креативнай индустрия эйгэтигэр Арассыыйа национальнай бириэмийэтин кыайыылааҕа буолбута. Бу үрдүк наҕарааданан Марина Абрамова эҕэрдэлээтэ. Кини санаатынан, креативнай секторы сайыннарыыга эрэгийиэн үгэстэригэр уонна култууратын кодугар олоҕурбут ураты сыһыаны холобурдаан көрдөрбүт. Саха сирэ уонна Роскультцентр 2021 сылтан бииргэ үлэлэһэллэр, холбоһуктаах бырайыактары олоххо киллэрэллэр.
Ахсынньы 23 күнэ. Федерациятын Сэбиэтин күһүҥҥү сессиятын 536-с түмүктүүр мунньаҕар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар судаарыстыбаннай өйөбүл туһунан» уураах ылылынна. Докумуон ахсынньы 13-14 күннэригэр Саха сирин күннэрин чэрчитинэн парламент үрдүкү палаататын кэмитиэттэригэр өрөспүүбүлүкэ сайдыытын туһунан боппуруостары ырытыы түмүгэр оҥоһулунна. Уураах Федерация Сэбиэтин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын бииргэ ыыппыт көдьүүстээх үлэлэрин түмүгүнэн буолар. Сенатордар манна кэлэн, хотугу улуустарга тиийэ быһыыны-майгыны миэстэтигэр билсибиттэрэ, дьүүллэспиттэрэ.
Докумуоҥҥа Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытын сүрүн хайысхалара, онно дьайар кыһалҕалар ыйыллыбыттар, ону туоратарга ханнык суһал дьаһаллар ылыныллыахтаахтара чопчуланна. Тутаах сорук быһыытынан Өлүөнэ өрүскэ муостаны тутууну инвестиция уопсай кээмэйин 50% итэҕэһэ суох федеральнай бюджеттан үбүлээһинэ киирдэ. Бастатан туран, бу тутуу өрөспүүбүлүкэ ис соруктарын быһаарыаҕа, холобур, хотугу таһаҕаһы тиэйиини. Ону тэҥэ муоста хотугу муора суола сайдарыгар тирэх буолуоҕа.
Федеральнай аадырыстаах инвестиционнай бырагыраамаҕа Дьокуускайга 245 миэстэлээх инфекционнай балыыһа дьиэтин тутууну киллэрэр туһунан ыйылынна. Өрөспүүбүлүкэ аэропортарын, ол иһигэр Ленскэйгэ, Уус Куйгаҕа, Зырянкаҕа, Маҕаҥҥа, Полярнайга бырайыактааһын, тутуу, өрөспүүбүлүкэ иһигэр салгынынан көтүү маршруттарын 35-кэ диэри кэҥэтии, суолу-ииһи сайыннарыы, үгүс тутуулар, ол иһигэр ХИФУ медицинскай институтун үөрэтэр-лабораторнай куорпуһун, Музыка үрдүкү оскуолатын 240 миэстэлээх дьиэтин уонна 150 миэстэлээх интернатын, Дьокуускайга, Бүлүүгэ, Намҥа оскуолалары тутуу киирдилэр.
Тустаах министиэристибэлэргэ, биэдэмэстибэлэргэ чопчу ханнык тутуулары ыйыллыбыт болдьохторго олоххо киллэрэр туһунан ыйыылар бэрилиннилэр. Федерация Сэбиэтин уурааҕа ылыллыбыт күнүттэн күүһүгэр киирдэ.
Ахсынньы 24 күнэ. Дьокуускайга Марха микро-оройуонугар хаҥкылыыр катоктаах уонна бассейннаах успуорт комплекса аһылынна. Комплекс үөрүүлээх аһыллыытыгар Айсен Николаев саҥа эбийиэк өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр үтүө бэлэх буоларын эттэ. Бу 7 тыһ. кв. м. кэриҥэ иэннээх, аныгы оборудованиенан хааччыллыбыт улахан эбийиэги «Газпром» хампаанньа оҕолорго анаммыт бырагырааманан үбүлээн туттарда. «Газпром» хампаанньа быйыл Алдаҥҥа уонна Чульмаҥҥа икки успуорт комплексын тутан киллэрбитэ. «Киин куораппыт Гагаринскай уокуругун, Маҕан уонна Марха бөһүөлэктэрин оҕолоро бу дыбарыаска кэлэн дьарыктаныахтара, дойду чиэһин көмүскүүр спортсменнар буола үүнүөхтэрэ», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Мууска бастакынан фигурнай хаҥкылааһын, шорт-трек уонна хоккей секциятыгар дьарыктанааччылар таҕыстылар. Икки мэндиэмэннээх комплекска каток, 25 миэтирэлээх бассейн, кыра оҕолорго дьоҕус бассейн, эрчиллэр саала уо.д.а. бааллар.
Ахсынньы 24 күнэ. Дьокуускайга сибээс уонна энергетика коллеһыгар информационнай тиһик оператордарын үөрэтэр киин аһыллыбытын Айсен Николаев сылдьан көрдө. Үөрэтэр киин чуолаан пилота суох көтөр аппарааттар оператордарын бэлэмниир буолуоҕа. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, бу маннык көтөр а эрэгийиэн үгүс салааларыгар булгуччу туһаныахтара. Ол иһин итинник идэлээхтэргэ наадыйыы улаатыаҕа. 2025 сылга диэри колледж 1060 операторы бэлэмнээн таһаарыаҕа.
«Мин этиибин өйөөн олоххо киллэрбиккит иһин махтанабын. Бу киин материальнай-техническэй өттүнэн бөҕөргөтүүгэ болҕомтону ууруоххут дии саныыбын, киин үлэтэ кэҥээн уонна билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох специалистары бэлэмниэххит диэн эрэнэбин», – диэтэ Ил Дархан.
Саҥа идэҕэ уһуйуллааччылар олох бары эйгэтигэр тоҕоостоох буолуохтара, ойуур туругун үөрэтиигэ, ойуур баһаарын умулларыыга, бырамыысалыннаска, тыа хаһаайыстыбатыгар, картографияҕа, халаан уутун туругун хонтуруоллааһыҥҥа, суһал быһаарыылары ылыныыга үлэ көдьүүһүн үрдэтиэхтэрэ.
Ахсынньы 25 күнэ. Саха норуотун чулуу уола, өрөспүүбүлүкэни төрүттээспит Максим Аммосов төрөөбүт дойдутугар – Намҥа Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа аанын тэлэччи аста.
«Намҥа нэһилиэнньэни кытта көрсүһэрбэр улууска култуураҕа суолталаах эбийиэк тутуллуутугар этии киллэрбиккит. Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, 2020 сыл муус устар 27 күнүгэр, дыбарыас сыбаайатын түһэрбиппит. Максим Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар бу эбийиэги тутан бүтэриэхтээхпит диэн бэйэбитигэр сыал туруорбуппут. Ол сорукпут ситэн, тыа сиригэр бастыҥ култуура дыбарыаһа буолла. Биһиги сайдар тускулбутун оҥорбут чулуу дьоммут үтүө аатын умнубаппыт, кинилэр өтө көрүүлэрэ туолан, өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа туруктаах сайдыытыгар тирэх буолла. Бу өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх сылга биһиги элбэҕи ситистибит, өссө даҕаны дойдуга буола турар уустуктары аахсыбакка, Сахабыт сирин сайыннарарга үлэлиэхпит-хамсыахпыт», — диэн Айсен Николаев тэрээһиҥҥэ эттэ.
Бу 6 тыһ. кв.м. кэриҥэ иэннээх, үс мэндиэмэннээх киэҥ-куоҥ уораҕайга 400 миэстэлээх көрөөччү салаата, библиотека, ЗАГСа, историко-этнографическай түмэл, Национальнай уус-уран түмэл Намнааҕы филиалын хартыына галереята баар. Бырайыак АЛРОСА хампаанньа үбүлээһининэн, Үүнэр көлүөнэ пуондун көҕүлээһининэн олоххо киирдэ, барыта 480 мөл. солк. көрүллүбүт. Култуура саҥа дыбарыаһа улахан комплекс киининэн буолуоҕа. Манна кэккэлэһэ саха уһулуччулаах бэйиэтэ Илья Винокуров-Чаҕылҕан түмэлэ, Максим Аммосов аатынан болуоссат баар буолуохтара. Манна даҕатан эттэххэ, биэс сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ 39 култуура эбийиэгэ үлэҕэ киирбит. Кэлэр сылга өссө эбии 12 эбийиэк тутуллара былааннанар.
Ахсынньы 25 күнэ. Намҥа сырыытын кэмигэр саҥа Култуура уонна духуобунас дыбарыаһыгар Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарыгар пресс-конференция оҥордо, атах тэпсэн олорон ыйытыыларга хоруйдаата. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга анал байыаннай дьайыылар, аан дойдуну аймаабыт дьаҥ утары охсуһар миэрэлэр, оскуолалары уонна уһуйааннары тутуу, ыччаты патриотическай иитии, куорат табыгастаах эйгэтин уонна сири-уоту тупсарыы, хамнас үрдээһинин, бырамыысыланнас сайдыытын тустарынан уо.д.а. боппуруоска сиһилии эппиэттээтэ.
Айсен Николаев анал байыаннай эпэрээссийэ буола турарынан сибээстээн, хас биирдии киһи үлэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтааҕын туһунан эттэ. Эрэгийиэн таһымыгар дьаһаллар ылылланнар, анал байыаннай дьайыыларга кытта сылдьар дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһулларын, Саха сирин олохтоохторо көмөҕө көхтөөхтүк кытталларын итиэннэ байыаннай чаастарга тиэхиньикэнэн, араас атын сириэстибэлэринэн тиһиктээх көмө оҥоһулларын эттэ. 15 кэриҥэ туонна бородууктаны байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тиксэрбиттэр.
«Билигин өрөспүүбүлүкэ сакааһынан оҥоһуллубут бородууктаны сулууспалаахтарга тиэрдэллэр. Саҥа дьылга кэһиини тутуохтара диэн эрэнэбин», — диэтэ кини.
Дьаҥ тарҕаныытын боппуруоһа билигин да сытыытык турарын бэлиэтээтэ. Ыарыы намырыырыгар медиктэр дьоһуннаах үлэлэрин ааттаата уонна үлэ тохтообокко салгыы барарын, дьон олоҕо үрдүктүк сыаналанарын бэлиэтээтэ.
Саха сирэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка оҕо төрөөһүнүгэр бастыҥ көрдөрүүлээх. Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэҕэ мөлүйүөннээх кирбиигэ киирэр оҕо төрүүрэ былаананар. Айсен Николаев эппитинэн, ааһан эрэр сыл — Ийэ сыла — ийэ буолууну өрөспүүбүлүкэҕэ үөһэ күөҥҥэ таһаарда. Ийэ ахсаана элбээтэ, кинилэри өйүүр дьаһаллар ыытылыннылар.
Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сылыгар Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх тиһигин сүрүн хайысхалары ыйда. Үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын сүрүн соруктарынан педагогтары үөрэтии саҥа киэптэригэр, үөрэнээччигэ инникилээн сайдар билиини иҥэриигэ болҕомто ууралларын эттэ. «Бу соруктар туолалларыгар өрөспүүбүлүкэ үөрэх эйгэтин материальнай-техническай базатын тупсарыыга элбэх үбү көрөр. Урукку сылларга 10-лыы оскуоланы үлэҕэ киллэрэр буоллахпытына, бу сылга 14 эбийиэк тутулунна, оттон 2023 сылга бу сыыппара 19 тэҥнэһиэҕэ. Үөрэх хаачыстыбатын таһымын үрдэтэр кэм кэллэ», – диэн сыал туруорда уонна биир сүрүн соругунан – педагогтар оруолларын үрдэтэн, оскуола оҕотун иитиигэ болҕомто ууруллуохтааҕын ыйда.
Маны таһынан, Саха сирэ Арассыыйаҕа бырамыысыланнаһын оҥорон таһаарыыта үрдүк таһымҥа тиийэн, биир бастыҥнар истэригэр киирбитин кэпсээтэ. Хоту улуустарга интэриниэт холбонуутун боппуруоһа эмиэ турда. Кэккэ сылларга өрөспүүбүлүкэ суолу-ииһэ мөлтөх, ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар хаачыстыбалаах интэриниэтинэн хабар сорук турарын эттэ. Арктика сирин-уотун балысханнык сайыннарыы бырагырааматынан тиһиктээх үлэ салҕанар.
«Кэлэр сылы Үлэ сылынан биллэрбиппит саамай сөптөөх. Бүгүҥҥү быһыыга-майгыга үлэ боппуруостара инники күөҥҥэ сылдьыахтаахтар. Саха сирин хас биирдии олохтооҕо тустаах үлэтин эппиэтинэстээхтик, эҥкилэ суох үчүгэйдик толорорго дьулуһуохтаах. Үлэ хас биирдиибитигэр сыһыаннаах, оҕолорго, устудьуоннарга эмиэ. Үөрэнии ыарахан, уустук үлэ», – диэн Айсен Николаев эттэ.
Сыл устата Социалистическай Үлэ Дьоруойдарын, Арассыыйа Үлэҕэ Дьоруойдарын, бастыҥ удаарынньыктар тустарынан араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Ил Дархан быһаарыытынан Саха сирин үрдүнэн бастыҥ 50 үлэһиккэ 300-түү тыһ. солк бириэмэйэни кэлэр сылга туттарыахтара. Түмүгэ Ыам ыйын 1 күнүгэр – Үлэ бырааһынньыгар биллиэҕэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саргылаах Саҥа дьыл салаллан иһэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Үүнэр 2023 сылга эһигини күүрээннээх үлэ, ситиһии арыаллаатын, инникигэ бигэ эрэллээх, доруобай буолуоҕуҥ!
Ааптар: Афанасий Ноев.