Бэс ыйын 5 күнэ. Ил Дархан Абый улууһугар сырыытын кэмигэр хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама олоххо киириитин көрдө. 13 кыбартыыралаах дьиэ тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Тэтими ыһыктыбакка, аны күһүн үлэҕэ киллэрэргэ сорудахтаата. Бөһүөлэккэ 16 кыбартыыралаах дьиэни тутуу былааннанар.
Айсен Николаев Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын Үрүҥ Хайатааҕы суудуна сырыытын учаастагын үлэтин билистэ. Манна 62 киһи үлэлиир, 13 флот аала, 3 устар кыраан баар. Индигиир сүнньүн улуустарыгар уматыгы, атын суолталаах таһаҕаһы тиэйиини хааччыйаллар. Ил Дархан салалтаны кытта устар аал тохтууругар хомону тутуу боппуруоһугар тохтоотулар.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев Хаҥалас улууһун Күөрдэмигэр Николаевскайдааҕы таҥара дьиэтин сөргүтүү кэнниттэн аһыллыытын тэрээһинигэр кытынна. Тутуу «Култуура уонна туризм сайдыыта» федеральнай бырагыраама уонна Ил Дархан көҕүлээбит «Пааматынньыктары харыстыыбыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн 2020 сылтан ыытыллыбыта. Николаевскайдааҕы таҥара дьиэтин 1892 сыллаахха олохтоох меценаттар үбүлээн туттарбыттара. Билигин чөлүгэр түһэриигэ федеральнай үбүлээһини таһынан олохтоох меценаттар уонна нэһилиэк олохтоохторо кыттыыны ыллылар. Дьиэ ис тутуулара, иконостаһа эмиэ саҥардыллыбыт.
Айсен Николаев Күөрдэмҥэ «Самыртай» түмэлигэр история уонна архитектура пааматынньыктарын көрдө. Меценат С.П.Барашков бурдук куурдар тэрилэ, 18-с үйэҕэ тутуллубут алта кырыылаах бабаарына, 19-с үйэҕэ Манчаарыттан көмүскэнэргэ диэн тутуллубут баай Кирилл Скрябин икки мэндиэмэннээх ампаара, 18-с үйэтээҕи Марковтар сайыҥҥы балаҕаннара баар. Ил Дархан түмэл салгыы сайдыытын уонна туризм кэскилин туһунан дьүүллэстэ.
Ил Дархан Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кытта көрүстэ. Граннар, өйүүр дьаһаллар, бородууксуйаны батарыы уонна салаа сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. «Хачыкаат» ТХПК салайааччыта Роман Куприянов федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи өйөбүл көмөтүнэн хаһаайыстыба сайдарын эттэ. Быйыл улахан кыамталаах тыраахтары ылбыттар. Айсен Николаев Роман Куприяновы кытта автоматизированнай, кондиционердаах саҥа тыраахтарга олорон, бааһынаҕа үлэлээн көрдүлэр. Кэпэрэтиипкэ сыл аайы Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннара көмөлөһөн, үлэҕэ уопут ылаллар эбит.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев «Уһук Илин уонна Забайкалье» парламеннарын ассоциациятын уопсай мунньаҕа Дьокуускайга Ил Түмэҥҥэ ыытыллыбытыгар кытынна. Ил Дархан ассоциация 28 сыл устата федеральнай сокуону оҥорууга Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэрин дьокутааттарын мунньахтара биир сөбүлэһиллибит позицияны тутуһалларыгар элбэх үлэни ыыппытын уонна ыытарын туһунан эттэ. Экология, сиртэн хостонор баай, хоту сир тырааныспарын логистикатын, ойуур уонна уу ресурсаларын туһаныы боппуруостарыгар сокуону оҥорон киллэрбитин бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 6 күнэ. Ил Дархан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа генеральнай сэбиэтин сэкирэтээрин солбуйааччы Александр Сидякин селекторынан ыыппыт мунньаҕар кытынна. Суһал көмө массыыналарын автопааркатын уонна мэдиссиинэ оборудованиетын саҥардыы бырайыактарын ырыттылар. Айсен Николаев Саха сирэ ураты эрэгийиэн буоларын, нэһилиэнньэлээх пууннарын 44% уустук сырыылааҕын уонна үгүс өттүгэр киһитин ахсаана аҕыйаҕын бэлиэтээтэ. «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн суһал көмө массыыналарын 65,2%-на биэс сылтан бэттэх оҥоһуллан таһаарыллыбыт. Мэдиссиинэ 146 ыарахан оборудованиета атыылаһыллыбыт, ол иһигэр кардиососудистай диспансерга уонна саҥа киирэр онкология киинигэр. Муниципальнай тэриллиилэргэ баар үһүс таһымнаах мэдиссиинэ тэрилтэлэрин ыарахан оборудованиенан хааччыйыыга болҕомто уурулларын туһунан Ил Дархан эттэ.
Бэс ыйын 6 күнэ. Ил Дархан көҕүлээһининэн Саха сирин экэниэмикэҕэ министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар сирдэр тустарынан сокуон барылын оҥордо. Маннык сир резиденнэригэр нолуокка чэпчэтии уонна судаарыстыба өттүттэн өйөбүл баар буолуо. Ол иһигэр – страховкаҕа төлөбүрдэрин чааһын, кирэдьиит бырыһыанын төлүүргэ уонна оҥорон таһаарыыга хапытаалынай инвестицияҕа ороскуоттарын сорох өттүн толуйуохтара. Бастакы пилотнай бырайыак сиринэн Хаҥалас улууһун «Эркээни хочото» буолуо.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин спартакиадаларын үөрүүлээх аһыллыытыгар эдэр спортсменнары эҕэрдэлээтэ. Кини күрэхтэһии ыытыллар далааһынын сөхпүтүн туһунан эттэ. Ол курдук, улуустарга уонна куорат уокуруктарыгар ыытыллыбыт түһүмэхтэргэ 63 тыһыынча оҕо кыттыбыт. Дьокуускайга Саха сирин 1300 бастыҥтан-бастыҥ эдэр спортсмена мустубут. Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев көҕүлээн тэрийбит «Азия оҕолоро» оонньуулар эһиил Дьокуускайга ыытыллалларыгар спартакиада бэлэмнэнии түһүмэҕинэн буоларын Ил Дархан бэлиэтээтэ. Үөрэнээччилэр спартакиадалара Айсен Николаев көҕүлээһининэн сэттэ сыллаах тохтобул кэнниттэн быйылгыттан сөргүтүллүннэ.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ыыппыт Хотугу муора суолун сайыннарыы туһунан стратегическай сессияҕа кытынна. Ил Дархан Булуҥҥа Тиксии муора пуордун кэҥэтии чэрчитинэн Найбаҕа дириҥ уулаах пуорту тутуу, итиэннэ Зеленомысскай уонна Аллараа Дьааҥы пуортарын саҥардыы оруннааҕын туһунан эттэ. Жатайга судоверфь тутулуннаҕына сылга 10 «өрүс» уонна «өрүс – муора» кылаастаах суудуна оҥоһуллан таһаарыллыа.
Бэс ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев суруналыыстары кытта пресс-кэмпириэнсийэҕэ Ил Дархан быыбарыгар кыттарын туһунан иһитиннэрдэ. Саха сирин уонна дойду олохтоохторун иннигэр улахан эппиэтинэс кини иннигэр баарын, саҕаламмыт үлэ чопчу түмүктээх буолуохтааҕын туһунан бэлиэтээтэ. Күһүн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо биһиги кэнники сылларга үлэбитин сыаналыахтара диэн эттэ.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ үгүс ыйытыыга хоруйдаата. Ол курдук, барыллаан куоластааһын түмүгүнэн, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Ил Түмэҥҥэ уонна Дьокуускай куорат Дууматыгар хандьыдааттарын састаабын үс гыммыт биириттэн тахсаны уларытта диэн иһитиннэрдэ.
2025 сылга диэри «Халыма» федеральнай суолу асфаллааһын Ытык Күөлгэ диэри тиийиэхтээх. Билигин бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһулларын, бу сылга Таатта улууһун өттүгэр асфальт ууран саҕалыахтарын туһунан Айсен Николаев эттэ.
Саха сирэ социальнай гаастааһыҥҥа дойду бастыҥ эрэгийиэннэрин ахсааныгар киирэрин Ил Дархан бэлиэтээтэ. Ааспыт сылга 2,8 тыһ. тахса дьиэҕэ гаас киирбитэ. «Газпрому» кытта сөбүлэҥ чэрчитинэн «Сибиир Күүһэ» газопроводтан чугас оройуоннарга гааһы киллэриэхтэрэ – Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ 5-6 сыл иһигэр 12 тыһ. дьиэ күөх төлөн баар буолуо.
Айсен Николаев быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ мөлүйүөн ахсааннаах киһи баар буолуон сөп диэн эттэ. 2023 cылга муус устар ыйдааҕы көрдөрүүнэн, Саха сиригэр 999 100 киһи олорор. Бу сыл бастакы кыбартаалыгар былырыыҥҥытааҕар элбэх оҕо төрөөтө, дьон көһөн кэлэр, нэһилиэнньэ ахсаана сыыйа эбиллэн иһэр.
Бэс ыйын 7 күнэ. Ил Дархан Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчиковаҕа федеральнай таһымҥа быһаарыллар боппуруостарынан соруктары туруорда. Хотугу таһаҕаһы таһыы туһунан федеральнай сокуону ылыныы, ол түргэнник үлэлиирэ уонна Саха сирин уратытын, өрөспүүбүлүкэ бары этиилэрэ учуоттаналлара суолталааҕын туһунан эттэ. Мөлтөхтүк истэр оҕолору кохлеарнай имплант матырыйаалынан хааччыйарга федеральнай сокуоҥҥа уонна аакталарга уларытыылары киллэрии туһунан кэпсэттилэр. Бу кыһалҕа хааччахтааһынынан сибээстээн быһаарыыны эрэйэр. Көмүһү сууйуу туһунан сокуон барылын итэҕэс өрүттэрин уонна сэлии муоһун хостооһун боппуруоһугар бэрээдэктээһини ырыттылар.
Бэс ыйын 8 күнэ. Айсен Николаев Биир кэлим эксээмэн түмүгүнэн химияҕа уонна литератураҕа бастакы сүүс бааллаах выпускниктары эҕэрдэлээтэ. Барыта 11 оҕо, ол иһигэр химияҕа үс уонна литератураҕа аҕыс бастыҥ көрдөрүүлэннилэр. Ил Дархан БКЭ-ни 100 баалга туттарбыт выпускниктарга 100 тыһ. солкуобайдаах биир кэмнээх төлөбүрү олохтообута.
Бэс ыйын 8 күнэ. Айсен Николаев алтыс ыҥырыылаах Ил Түмэн уочараттаах 44-с пленарнай мунньаҕар ситэриилээх былаас 2022 сыллааҕы үлэтин отчуотун туруорда. Кини сүрүн хайысхаларынан түмүктэргэ уонна соруктарга тохтоото. Сүрүн соругунан билигиҥҥи уларыйыыларга сөп түбэһэр суолу сатабыллаахтык уонна суһаллык булан, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бигэтик хааччыйыы, норуоту харыстааһын, тулалыыр эйгэни чөл хаалларыы уонна киһи хапытаалын элбэтии буолар диэн бэлиэтээтэ. Билигин Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ төрөөһүҥҥэ бастакы миэстэҕэ сылдьар, Россияҕа — сэттис көрдөрүүлээх.
Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ 52,34 млрд солк. үп федеральнай киинтэн ыытыллыбыт, өрөспүүбүлүкэ үбүлээһинин кытта холбоон 66,55 млрд солк. үп угуллубут. Биэс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ 274 улахан социальнай эбийиэк тутуллубут – оскуолалар, уһуйааннар, доруобуйа харыстабылын, култуура уонна спорт, социальнай көмүскэл эбийиэктэрэ. Ол иһигэр 36 оскуола уонна 66 уһуйаан тутулунна. Бу сыл түмүгүнэн эбии 14 оскуола, 7 уһуйаан үлэҕэ киириэ. Оскуолалары саҥардыы федеральнай бырагырааманан ааспыт сылга 38 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Быйыл эбии 57 оскуола өрөмүөннэниэҕэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ биэс сыл устата 2,4 мөл. кв. м. иэннээх олорор дьиэлэр тутуллубуттар.
Өлүөнэ муостатын тутуутун Владимир Путин өйөөбүтүн туһунан Ил Дархан эттэ. Бырайыак дойду суолларын сайыннарыы биэс сыллаах былааныгар, федеральнай бүддьүөккэ киллэрилиннэ, инфраструктурнай бүддьүөт кирэдьиитин биэрии сөбүлэҥин ылла.
«Мобильнай доктор» пилотнай бырайыагынан быраастар биригээдэлэрэ Арктика улуустарыгар 15 тыһ. тахса киһи доруобуйатын көрдө, ол иһигэр 4 тыһ. оҕо. Ол түмүгүнэн тыһыынчаттан тахса киһи учуокка турда, дириҥэтиллибит чинчийиигэ уонна эмтэниигэ ыытылынна. Бырайыагы сырыы хааччахтаах нэһилиэнньэлээх пууннарга, бырамыысаланнас улуустарыгар тэнитиэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Сүрэх-тымыр киинигэр сүрэххэ уонна тымырга 1800 эппэрээссийэ оҥоһуллубут. Биир кэлим дистанционнай консультация киинигэр улуустарга 2 тыһ. тахса виртуальнай көрүү уонна телеконсультация ыытылынна.
Айсен Николаев саҥа сайдар хайысхаҕа креативнай индустрия бырайыактара олоххо киирэллэригэр бары усулуобуйа оҥоһулларын эттэ. Ааспыт сылга аһыллыбыт Уһук Илиҥҥэ тэҥнээҕэ суох «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер резиденнэрин сүрүн хайысхаларынан – киинэ, анимация, медиа, цифровой контент уонна дизайн буолаллар. Манна 2025 сылга диэри 1250 саҥа үлэ миэстэтэ аһыллара былааннанар. Креативнай индустрияны сайыннарыы айар ыччат дойдутугар үлэлииригэр-хамсыырыгар көмө, өйөбүл, буолар диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Быйыл «Синергия Арктики» бырайыак саҕаланан, 2025 сылга диэри 7 тыһ. км уһуннаах оптоволокно Арктика уонна уустук сырыылаах 86 нэһилиэнньэлээх пуунҥа тиийиэ.
Айсен Николаев быйылгы быыбардар чиэһинэйдик уонна аһаҕастык барыахтаахтарны бэлиэтээтэ. 2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Ил Түмэн дьокутааттарын, 10 улуус баһылыгын уонна 23 оройуоннааҕы сэбиэти, ол иһигэр Дьокуускай куорат уокуругун Дууматын дьокутааттарын быыбардара буолаллар. Сорох нэһилиэккэ, куораттарга дьокутааттары, баһылыктары талыахтара. «Биһиги гражданнар санааларын көҥүл этэллэригэр, быыбар хампаанньата аһаҕастык ыытылларыгар, бэлитиичэскэй киирсии чиэһинэйдик ааһарыгар усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит», — диэн эттэ эрэгийиэн баһылыга.
Айсен Николаевка норуот дьокутааттарыттан 19 боппуруос киирбитигэр сиһилии эппиэттээтэ. Ил Түмэн бары фракциялара ситэриилээх былаас 2022 сыллааҕы отчуотун уонна Ил Дархан биэс сыллаах үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар. Онуоха кини өрөспүүбүлүкэни хаһааҥҥытааҕар даҕаны уустук кэмҥэ салайарын, ол эрээри улахан, киэҥ далааһыннаах үлэ барбытын бэлиэтээтилэр. Ол иһигэр дойду салалтатын кытары ыкса сибээһи олохтообута, эбии үбүлээһини көрүүнү ситиспитэ, пандемия кэмигэр хамсык утары тэрээһиннээх үлэни ыыппыта, анал байыаннай дьайыыга көмө оҥоһуллуута этилиннэ.
Бэс ыйын 9 күнэ. Айсен Николаев патриотическай тыыҥҥа иитиигэ Сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕын ыытта. Эрэгийэн салайааччыта былырыын сыл бүтэһигэр дойду бэрэсидьиэнэ Арасыыйа олохтоохторун үгэс буолбут духуобунай сыаннастарын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга судаарыстыбаннай бэлиитикэ төрүттэрин бигэргэтэр туһунан ыйаахха илии баттаабытын бэлиэтээтэ. Бу докумуон чэрчитинэн дойдуга гражданнары патриотическай тыыҥҥа иитии үлэтэ ыытыллар.
«Билигин биһиги дойдубутугар, сыаннастарбытыгар арҕааттан ыытар үлэ кутталынан суоһуура баар. Онон биһиги билиҥҥи быһыыны-майгыны табатык өйдөөммүт, ханнык хайысхаҕа болҕомтобутун ууран үлэлиэхтээхпитин тобулуохтаахпыт. Ол быһыытынан патриотическай тыыннаах бырайыактары олоххо киллэрэр сорук турар», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар уонна улуустарыгар париотическай тыыннаах кииннэри тэрийэргэ сорудахтаата. Бу сорук 2023 сылтан саҕалаан 2025 сылга диэри патриотическай иитиигэ туһуламмыт кэлим тэрээһиннэри ыытыы эригиэйиэннээҕи былааныгар киириэҕэ.
Бэс ыйын 9 күнэ. Айсен Николаев Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Егор Борисовы кытта көрүстэ. Егор Афанасьевич Федерация Сэбиэтигэр өрөспүүбүлүкэ интэриэһигэр туох үлэ ыытылларын билиһиннэрдэ. Аграрнай, ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэт Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын кээпирээссийэтин уонна айылҕаны харыстааһын боппуруостарыгар көһө сылдьар мунньаҕы ыытыаҕа. Маны таһынан көрсүһүүгэ Федерация Сэбиэтигэр Саха сирин күннэрин кэмигэр ылыллыбыт Уураах пууннарын олоххо киллэрии боппуруостарын ырыттылар. Маны тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кэккэ миэрэлэри ылыыны дьүүллэстилэр, аграрнай сиэктэри өйүүргэ үлэ былаана оҥоһуллар кэмэ кэлбитин бэлиэтээтилэр.
Егор Борисов Айсен Николаев Ил Дархан быыбарыгар кандидатуратын туруорунарын өйүүрүн биллэрдэ. Бу быһаарыныыны РФ бэрэсидьиэнэ уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо эмиэ өйүүллэрин бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 9 күнэ. Иккис ыҥырыылаах Ил Түмэн 25 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ Ил Дархан кыттыыны ылла. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга 25 сааһыгар саамай эдэр дьокутаат быһыытынан парламеҥҥа бастакы хардыылары хайдах оҥорбутун, ол саҕанааҕы иккис ыҥырыылаах Ил Түмэн састааба күүстээҕин, үлэтэ көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ. Кини Михаил Николаев кэнниттэн Саха сирин салайбыт үс баһылык бу иккис ыҥырыылаах мунньахтан үүнэ-сайдан тахсыбытын ыйда уонна дьокутааттаабыт кэмэ олох оскуолата буолбутун бэлиэтээтэ. Биэс сыл иһигэр Ил Түмэн иккис ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара 242 сокуону ылыммыттара.
«Ил Түмэн дьокутааттара оччолорго Федеральнай мунньаҕы кытта ыкса сибээһи олохтообуппут. Биһиги дойдуга буолар балысханнаах уларыйыылар кыттыылаахтарынан буолбуппут. Өрөспүүбүлүкэбит саҥа үүммүт үйэҕэ сайдыытыгар Саха сирин парламена дьон интэриэһин көмүскүүр былаас институтунан хаалыаҕа», — диэтэ Ил Дархан.
Алтыс ыҥырыылаах Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев Айсен Николаевка «Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламентаризмын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни туттарда.
Бэс ыйын 9 күнэ. Ил Дархан граныгар куонкурус кыайыылаахтара Айсен Николаевка бэйэлэрин бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын граныгар сайаапканы ыытыы ахсаана сыллата эбиллэр. Уопсайа 32 оройуонтан 414 сайаапка киирбит. Онон кыайыылаахтар күүстээх сүүмэрдээһини ааспыттар. Айсен Сергеевич бэлиэтээбитинэн, кыттааччы элбэҕин ааһан, бырайыактар хаачыстыбалара тупсубут. Дьоҥҥо туһалаах, көмөлөөх буоларга дьулуһалларын иһин куонкурус кыттыылаахтарыгар махтанна.
«71 бырайыак кыайда, ааптардар 117 мөл. солк. суумалаах грант өйөбүлүн ылыахтара. Быйыл аан бастакытын бары улуустар уонна куораттар, ол иһигэр Арктика улуустара кытыннылар. Биир граҥҥа түөрт бырайыак кииристэ. Бу аата дьиҥнээх күрэстэһии буолбутун туоһулуур. Хас биирдии сайаапка эспиэртэр дьоһуннаах бэрэбиэркэлэрин ааста. Онон бастыҥтан бастыҥнар кыайбыттарыгар эрэллээхпит», — диэтэ кини.
Ил Дархан быйылгы куонкуруска ордук киэҥник тарҕаммыт хайысханан патриотическай иитии, ол иһигэр байыаннай эпэрэссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн буоларын бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 10 күнэ. Саха сиригэр муниципальнай тэриллиилэри сыыппаранан трансформация стратегиятыгар кытыннарыахтара. Итинник соругу Ил Дархан экэниэмикэ, социальнай эйгэ, судаарыстыбаннай салайыныы салааларын сыыппара эйгэтигэр көһөрүүгэ бырайыактыыр офис мунньаҕар туруорда. Ол курдук, нэһилиэнньэни кытары харда сибээс платформатын хаачыстыбатын тупсарыы барыахтаах, ол иһигэр улуустарга бу хайысхаҕа рейтинг оҥоһуллуоҕа.
Бэс ыйын 10 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга орто уонна дьоҕус бизнес бэрэстэбиитэллэрин кытта көрүстэ. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, урбаанньыттар улахан социальнай ноҕуруусканы сүгэллэр, дьону үлэнэн хааччыйаллар, уһуйааннары үлэлэтэллэр, нэһилиэнньэни аһылыгынан хааччыйаллар, эрэгийиэн социальнай сайдыытыгар төһүү күүс буолаллар. Урбаан сайдыытынан көрөн, миэстэтигэр олохтоох салайыныы уорганнарын таһымын сыаналыахха сөп.
Урбаанньыттар куораттар дьаһалталарын уонна бырабыыталыстыбаны кытары хардарыта дьайсыыга баар кыһалҕалары эттилэр. Ол курдук, эргиэн кииннэригэр сыһыаннаах Ил Дархан сорудаҕын толорууга, чааһынай уһуйааннары үлэлэтии уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны, туризмы өйөөһүн боппуруостарыгар тохтоотулар. Айсен Сергеевич уопсай соругу быһаарыыга муниципалитеттарга холбоһуктаах үлэни күүһүрдэргэ, министиэристибэлэргэ административнай харгыһы оҥорботторугар сүбэлээтэ. Ил Дархан урбаан министиэристибэтигэр ааптар быраабыгар эрэгийиэн таһымыгар депозитарий тэрийэр туһунан боппуруоһу көрөргө сорудахтаата. Быйылгы сылга эргиэн надбавкатын уларыппат гына соруйда. Көрсүһүү түмүгүнэн кини урбаанньыттарга байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн иһин махтанна. Итиэннэ кэлэр сылга «Азия оҕолоро» оонньуулар тэрээһиннэригэр кытталларыгар ыҥырда.
Бэс ыйын 10 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга Автодорожнай уокурукка баар «Звезднай» диэн саҥа түөлбэҕэ сабыылаах каток бастакы сыбаайатын түһэрии үөрүүлээх сиэригэр-туомугар кытынна. Бу тутуу «Успуорт — олох нуормата» федеральнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар.
«Икки сыллааҕыта манна бастакы олорор дьиэ сыбаайата түһэриллибитэ. Оттон бүгүн номнуо тутуу күргүөмнээхтик ыытылла турар. 2027 сыл бүтүөр диэри түөлбэҕэ элбэх кыбартыыралаах 66 дьиэ тутуллуоҕа. Бу дьиэлэргэ 11 тыһ. тахса киһи олоруоҕа. Бүгүн сабыылаах каток тутуута саҕаланна. Манна хоккейдыыр корт, успуорт уонна тренажер саалалара, керлинг дорожката баар буолуохтара», — диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.
Айсен Николаев «Звезднай» түөлбэни бырайыактааһыҥҥа 990 миэстэлээх оскуола, поликлиника курдук социальнай эбийиэктэри тутуу учуоттаммытын аҕынна. Каток икки мэндиэмэннээх, 5 тыһ. кв. м. буолуоҕа.
Бэс ыйын 10 күнэ. Дьокуускайга «Ленскэй кулууп» диэн экспертэр, аналитиктар кыттыылаах сүбэ мунньахтара буолан ааста. Ил Дархан уонна Арассыыйа сүрүн политологтара Саха сирин сайдыытын тула кэпсэттилэр.
Бу сүбэ аан бастаан 2019 сыллаахха түмсүбүтэ. «Ол кэмҥэ күрэстэһэр кыахтаах буолар туһугар уларыйыахтаахпыт диэн эппитим. Оччолорго уларыйыылар буолаары туралларын ким да билбэт этэ: пандемия, сааҥсыйалар, байыаннай дьайыы. Ол да буоллар, биһиги туруоруммут сорукпутун ситистибит», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Кини эппитинэн, эрэгийиэн экэниэмикэтин сайдыыта 43% тэҥнэспит. «Саха сирэ дойдуга экэниэмикэҥэ, бырамыысалыннаска эрэ локомотив буолбатах, киһи капиталыгар инвестицияны угууга, урбааны сайыннаарыыга инники күөҥҥэ сылдьар. Саамай сүрүнэ – киөи ахсаана аччаабат, эбиллэр, оҕо төрөөһүнэ улаатар. Үлэ миэстэтэ элбээн иһэр. Ол аата дьон атын сиргэ көспөккө, өрөспүүбүлүкэҕэ хаалыахтара», — диэн эбэн эттэ.
Бэс ыйын 11 күнэ. «Биир ньыгыл Россия» бэлитииичэскэй баартыйа эрэгийиэннээҕи салаатын кэмпириэнсийэтигэр Айсен Николаевы баартыйаттан Ил Дархан быыбарыгар хандьыдаатынан туруордулар. 100-тэн тахса делегат бары улуустан түмсэн, балаҕан ыйын 10 күнүгэр буолуохтаах быыбарга хандьыдааты бигэргэттэ. Айсен Николаев баартыйа, бырабыыталыстыба сүрүн соруктарын ыйда. Өрүү буоларын курдук, өрөспүүбүлүкэ уонна хас биирдии киһи олоҕор болҕомто киинигэр туруоҕа. Доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин, табыгастаах уонна куттала суох олоҕу хааччыйыы сайдыы барыгырааматын сүрүнэ буолуохтара.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Муус хоту өрүстэрбит төрдүгэр тиийэн, айылҕабыт чэлгийэн, үрүҥ түүннэр тулабытын сырдатан, үтүө күннэр үүннүлэр, онтон күүс-уох эбинэн этэҥҥэ буолуоҕуҥ.
Афанасий Ноев