23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Халаан уутун хоромньутун чөлүгэр түһэрии үлэтэ кэмигэр оҥоһуллуохтаах

Хаартыска: Регион салалтатын пресс-сулууспата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 20 күнэ. Ил Дархан сааскы халаанынан уустук балаһыанньа үөскээбитинэн сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимин биллэрэр туһунан ыйаахха илии баттаата. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатыгар нэһилиэнньэлээх пууннары уонна экономика эбийиэктэрин чөлүгэр түһэриигэ, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйыыга уонна халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо социальнай уонна материальнай көмөнү оҥорууга сорудахтар бэрилиннилэр.

Ыам ыйын 20 күнэ. Айсен Николаев Нам улууһугар халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Хатырык нэһилиэгэр үлэлээтэ. Орто оскуолаҕа тэриллибит быстах кэмҥэ дьон олорор пуунугар олохтоохтору кытары көрүстэ. Ил Дархан матырыйаалынай уонна гуманитарнай көмө толору кээмэйинэн оҥоһулларын бэлиэтээтэ. Бу күннэргэ хоромньу кээмэйин быһаарыы толору ыытыллыаҕа уонна кэмпэнсээссийэни төлөөһүн саҕаланыа диэн эттэ. Айсен Николаев 87 саастаах Данил Данилович Пахомовтыын көрсөн кэпсэтиитигэр Хатырык аҕам саастаах олохтооҕо нэһилиэккэ маннык улахан халаан уута хаһан да тахсыбатаҕын туһунан аҕынна.

Ил Дархан Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин эрэгийиэннээҕи управлениетын салалтатын кытта Өлүөнэ өрүс үрдүнэн көтөн, нэһилиэнньэлээх пууннар балаһыанньаларын көрдүлэр-иһиттилэр.

Айсен Николаев Хатырыкка өрөспүүбүлүкэ ыксаллаах-быһыыны майгыны сэрэтиигэ уонна туоратыыга, баһаартан куттала суох буолууну хааччыйыыга хамыыһыйатын мунньаҕын ыытта. Суһаллык уотунан уонна гааһынан хааччыйыыны, «Нам» эрэгийиэннээҕи суол учаастагын уонна муниципальнай суоллары чөлүгэр түһэрэргэ, дьон төлөбүрү хойутааһына суох ыларын туһугар хоромньуну суһаллык ааҕарга сорудахтаата. Бастакы соругунан эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөһүү буоларын бэлиэтээтэ. Улууска бары суһал дьаһаллар ылылыннылар, эмсэҕэлээбит сэлиэнньэлэр олохтоохторугар быстах олорор пууннар тэрилиннилэр, оттук сезона салҕаныаҕа. Уон күн иһигэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччуларга көмөнү оҥорууга этиилэри киллэрэргэ ыйда. Туһааннаах министиэристибэлэргэ улууска тутуу матырыйаалын тиэрдиигэ биир чопчу операторы аныырга, оҕолору сайыҥҥы сынньатыыны, кыраапык быһыытынан ОГЭ уонна БКЭ туттарыы усулуобуйатын тэрийэргэ соруйда. Хатырыкка, Маймаҕаҕа, Граф биэрэгэр, Бөтүҥҥэ уонна Модукка чөлүгэр түһэрэр үлэни сүрүннүүргэ миниистирдэр солбуйааччыларын сыһыарда.

Ыам ыйын 21 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Ырыа күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бу күн Ил Дархан 2022 сыл ыам ыйын 20 күнүнээҕи Ыйааҕынан олохтоммута. Өрөспүүбүлүкэҕэ 1,5 тыһыынча кэриҥэ вокальнай, хор кэллэктииптэрэ, эстрада устуудьуйалара ырыа искусствотын тарҕатыыга улахан кылааты киллэрэллэрин бэлиэтээтэ. Кинилэртэн 24 хор уонна 29 вокальнай кэллэктииптэр норуот кэллэктиибин үрдүк аатын сүгэллэр.

Итиэннэ Дархан Саха сирин олохтоохторун Полярник күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бу күн уустук быһыылаах-майгылаах, таайыллыбатах эйгэлээх Арктиканы баһылыыр хорсун, тулуурдаах уонна булгуруйбат санаалаах дьонугар ытыктабыл бэлиэтэ буолар диэн эттэ.

Ыам ыйын 21 күнэ. Айсен Николаев Өлүөхүмэ улууһугар үлэлээтэ. 1-кы Нөөрүктээйи сэлиэнньэтигэр быстах дьон олорор пуунугар олохтоохтору кытта көрүстэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьон олорор дьиэлэрэ ууттан бары босхолоннулар. Хамыыһыйа хоромньуну ааҕар. Өлүөхүмэтээҕи тиэхиньикум устудьуоннарын этэрээтэ олохтоохторго көмөлөһө кэлэр. Айсен Николаев биир кэмнээх материальнай уонна үп өттүнэн көмө суһаллык уонна толору өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын эрэсиэрбэ пуондатыттан оҥоһуллуоҕа диэн бэлиэтээтэ. Улууска үбүлээһин көрүллэр, ол суотугар нэһилиэнньэни тутуу матырыйаалларынан хааччыйыахтара.

Айсен Николаев 1-кы Нөөрүктээйигэ быраас амбулаториятын техүлэһитэ Ирины Хохолова уонна демобилизацияламмыт, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Василий Барабанскай дьиэлэригэр сылдьан, көмө оҥоһуутун боппуруостарын туһунан кэпсэттэ.

Ил Дархан Өлүөхүмэҕэ чөлүгэр түһэрии үлэтигэр сүбэ мунньаҕы ыытта. Бүгүн сүрүн сорук – дьон сайабылыанньа биэрэн, төлөбүрдэрин ылалларын курдук түргэнник хоромньу кээмэйин быһаарыы, ону тэҥэ эмсэҕэлээбит нэһилиэктэри чөлүгэр түһэриигэ тутуу матырыйаалын кээмэйин чопчулааһын, сэлиэнньэлэри уотунан хааччыйыы диэн эттэ. Туспа биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы оробуочай бөлөҕү 1-кы Нөөрүктээйи нэһилиэгин чөлүгэр түһэриини сүрүннүүргэ тэрийэргэ сорудахтаата. Тутуу министиэристибэтигэр дьиэлэр конструкцияларын туруктарын сыаналыырга исписэлиистэри ыытарга ыйда. Тыа хаһааыстыбатын эбийиэктэрин туруктарын сыаналыырга, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр көмөнү оҥорорго эттэ.

Ыам ыйын 21 күнэ. Ил Дархан өрөспүбүлүкэ Уопсастыбаннай палаататын саҥа састаабын кытта көрүстэ. Айсен Николаев Палаата чилиэннэрэ хас биирдиилэрэ  эйгэлэринэн эксперт буолалларын, бэйэлэрин тула дьону түмэр, саҥа идеялары олоххо киллэрэр, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх дьон буолалларын бэлиэтээтэ. Быйылгы састаапка эдэрдэр элбэхтэрин чорботон эттэ. Бу иннинэ үлэлээн кэлбит састаап пандемия, ойуур баһаардарын, анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр тургутууну ааһан, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын сомоҕолуурга үлэни үрдүк таһымнаахтык ыытта. Палаата үлэтигэр билигин болҕомтону халаан уутугар эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннары чөлүгэр түһэриигэ,  гуманитарнай көмөнү оҥорууга, волонтердары кытыннарыыга, СВО-ҕа сылдьар байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга, патриотическай иитии, Арктика  боппуруостарыгар уонна да атын хайысхаларга ууруоҕа.

Санатар буоллахха, саҥа састаап ыам ыйыгар талыллыбыта, манна 66 киһи киирбит, ол иһигэр 23 киһи иннинээҕи састаапка үлэлээбит. Кинилэр ортолоругар үөрэхтээһин, култуура, билим, доруобуйа харыстабылын, экология, бырамыысалыннас, бизнес эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Бэрэссэдээтэлинэн Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун проректорын бастакы солбуйааччы Станислав Иванов талылынна.

Ыам ыйын 22 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Сайылык күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэҕэ 348 сайылыкка 41,2 тыһ. тахса ынах сүөһүнү сайылатыахтара. Эти уонна үүтү оҥорон таһаарыыны үрдэтиигэ үгэс буолбут үөрүйэҕи таһынан, аныгы технологияны туһанар, ыраах ходуһалары, мэччирэҥ сирдэри көдьүүстээхтик туһаныы сорук турар. Үгүс сайылыктарга илии үлэтин чэпчэтэргэ ынах ыыр тэриллэрин тутталлар. Механизациялаах сайылыктары тутууга өрөспүүбүлүкэ салалтата ороскуоту толуйууга кэккэ үбүлээһин көрүллэр.

Ыам ыйын 22 күнэ. Айсен Николаев Бырабыыталыстыба чилиэннэригэр ыыппыт мунньаҕар сааскы халаан содулун туоратар соруктары туруорда.  Уустук боппуруостары быһаарыыга суһал бөлөхтөрү тэрийэн, тирээн турар кыһалҕаны уталыппакка, тута быһааран иһэр наадатын ыйда. Чуолаан нуорма-быраап аакталарын оҥорууга, үбү аттарыыга тустаах үлэ барыахтааҕын бэлиэтээтэ. Хоромньуну ааҕан-суоттаан баран, төлөбүрү түргэнник оҥорорго соруйда. Онуоха былаас уорганнара миэстэтигэр методическай көмөнү уонна сүбэни дьоҥҥо оҥоруохтара. Интэриниэтэ суох сирдэргэ докумуону миэстэтигэр тутуохтара. Нам улууһун Остуолба, Маймаҕа, Граф биэрэгэ, Бүтэй Үрдэ, Тумул уонна Өлүөхүмэ улууһун 1-кы Нөөрүктээйитигэр анал оробуочай бөлөхтөр чөлүгэр түһэрии үлэтин сүрүннүөхтэрэ. Нэһилиэктэргэ итиинэн хааччыйыы тохтотуллубат. Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ үлэ барар.

Ыам ыйын 22 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Александр Куренковы кытта Нам улууһугар үлэлээтэ. Халаан уута ылбыт нэһилиэктэрин сирин-уотун бөртөлүөттэн көрдүлэр. Салгыы Хатырык нэһилиэгэр олохтоохтору кытта көрүстүлэр. 10 оҕону иитэр Кутуковтар, итиэннэ Васильевтарга дьиэлэригэр сылдьан, балаһыанньаны көрдүлэр. Миниистир быстах кэмҥэ олорор пууннарга сылдьан дьон олорор усулуобуйатын кытта билистэ, ыйытыыларга хоруйдаата уонна судаарыстыба өтүттэн көмө толору кээмэйинэн оҥоһуллуоҕа, наадалаах оборудованиены ыытарга, резервэни туһанарга бэлэммит диэн эттэ. Ил Дархан суһаллык айан суолларын, уот уонна гаас ситимин чөлүгэр түһэрэр үлэлэри ыытарга, олохтоохторго кэмпэнсээссийэ төлөбүрдэри саҕалыырга бары дьаһаллар бэрилиннилэр диэн бэлиэтээтэ.

Ыам ыйын 22 күнэ. Дьокуускайга дойду ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Александр Куренков ыыппыт мунньаҕар Саха сиригэр халаан уутун аһарыы уонна баһаары утары бэлэм боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев биһиги дьон олоҕун күннээҕи сүнньүгэр киллэрэрбитигэр түргэнник, бюрократизма суох үлэлиэхтээхпит диэн бэлиэтээтэ. Миниистир оскуола эксээмэннэрин ыытарга, эмсэҕэлээбит эбийиэктэргэ уоттан сэрэхтээх буолууга, ону тэҥэ эпидемиология өттүнэн куттала суох буолууну хааччыйыыга, ууттан саҕалаан тутуу матырыйаалларыгар диэри сыана үрдүүрүн хонтуруоллуурга болҕомтону уурарга сорудахтаата. Быстах кэмҥэ олорор пууннары тэрийэр үлэ уонна волонтердар оҥорор көмөлөрө үрдүк таһымнааҕын бэлиэтээтэ. Федеральнай кииҥҥэ эминэн, бытыылкалаах уунан, аһынан-үөлүнэн уонна ититэр пушкаларынан хааччыйыыга сайаапкалары биэрэргэ сорудахтаата. Александр Куренков Саха сирэ ойуур баһаарын бохсууга бастыҥ уопутун бэлиэтээтэ уонна быйыл дойду Бырабыыталыстыбатын анал хамыыһыйатын быһаарыытынан эрэгийиэҥҥэ ойуур баһаарын сэрэтиигэ уонна бохсууга үлэни тэрийиини тупсарыыга пилотнай бырайыак олоххо киирэр диэн эттэ.

Ыам ыйын 23 күнэ. Ил Дархан Татарстан Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, татаардар аан дойдутааҕы кэнгириэстэрин Национальнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Василь Шайхразиевы кытары өрөспүүбүлүкэлэр икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини кэҥэтии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ил Дархан Раис Рустам Миннихановы кытарытүһэрсибит дуогабардарын чэрчитинэ, Дьокуускай уонна Казань икки ардыларыгар салгын аалынан быһа көтүү аһыллыбытын бэлиэтээтэ. Өрүттэр эһиил Дьокуускайга федеральнай Сабантуйу уопсай күүһүнэн үрдүк таһымҥа тэрийиэхпит диэн кэпсэттилэр.

Ыам ыйын 23 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннара олоххо киирэр боппуруостарын көрдө. Үлэ бара турар эрээри, өссө түргэтэтэн, олоххо кириитин хонтуруолу күүһүрдэн биэрэри бэлиэтээтэ. Дьокуускайга 2024 сылга 33 млрд солк. суумалаах 23 бырайыак олоххо киирэр. Былааннаммыт үптэн-харчыттан 18 млрд кэриҥэ солк. эрдэттэн көрүлүннэ. Ил Дархан Дьокуускай куорат дьаһалтатын алта үөрэх эбийиэгин бырайыагын уонна сметатын оҥорон түмүктүүргэ сорудахтаата. Бу тутуулар 2025 сылга саҕаланыахтара. Өлүөнэ муостатын тутарга былаһааккалары бэлэмниэхтэрэ, федеральнай бүддьүөттэн харчы көрүллэр бастакы быһаарыылар ылыныллылар. Нерюнгрига 2024 сылга 6 млрд солк. суумалаах уон тэрээһин ыытыллар. Быйыл федеральнай бүддьүөттэн 1,2 млрд солк. уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 426 мөл солк. көрүлүннэ.

Ыам ыйын 23 күнэ. Айсен Николаев дьон доруобуйатын харыстааһыҥҥа Саха сирин уопутун Бүтүн Арассыыйатааҕы #ВМЕСТЕЗДОРОВО доруобуйа марафонугар үллэһиннэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2021 сылтан уопсастыба доруобуйатын бөҕөргөтүү уонна доруобуйа харыстабылын тиһигин сайыннарыы стратегическэй хайысхалара диэн ыйаах дьаһаллара олоххо киирэллэр. 2023 сыл түмүгүнэн Саха сиригэр аан бастаан дьон олоҕун уһуна дойду орто көрдөрүүтүн куоһаран, 73,6 сааска тэҥнэстэ.

Ыам ыйын 23 күнэ. Ил Дархан ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна туоратар хамыыһыйа мунньаҕар бырабыыталыстыбаҕа халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ материальнай уонна үп-харчы өттүнэн көмө кээмэйин улаатыннарарга сорудахтаата. Бу иннинэ төлөбүр муҥутаан 25 тыһ. солк. буоллаҕына, билигин түөрт төгүл, 110 тыһ. солк. диэри үрдээтэ. Ол курдук, биир киһиэхэ бэриллэр көмө кээмэйэ 5 тыһ. солкуобайтан 10 тыһ. солкуобайга диэри, онтон малларын сүтэрбиттэргэ көмө 20 тыһыынчаттан 100 тыһ. солкуобайга диэри улаатта.

Ыам ыйын 24 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Славянскай сурук-бичик уонна култуура күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Билигин Саха сиригэр олох бары эйгэлэригэр аныгы технологиялары сайыннаран, өрөспүүбүлүкэ уонна Хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тылларын, култуураҕа үгэстэрин уонна дойду судаарыстыбаннаһын устуоруйатын харыстаан сайыннарарбытыгар, барытыгар улуу баайбыт — нуучча тыла түмэр диэн бэлиэтээтэ. Бу күн Кирилл уонна Мефодий ааттарынан Ил Дархан бириэмийэтин Дьокуускай 29 №-дээх оскуолатын нуучча тылыгар, литературатыгар учуутала Наталья Митюковаҕа туттардылар.

Ыам ыйын 24 күнэ. Ил Дархан VIlI «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларыгар бэлэмнэнии хаамыытын көрдө. Күрэхтэһиилэргэ 26 дойдуттан уонна Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн 3,5 тыһ. спортсмен кыттара былааннанар. Хас биирдии хамаандаҕа эппиэттээх министиэристибэ, тэрилтэ сыһыарыллынна. Билигин эбийиэктэри бэлэмнээһин үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Сайсары уокуругар успуорт сааланы тутуу, атын саалалары, стадионнары өрөмүөннээһин ыам ыйын 31 күнүгэр түмүктэнэр. Куораты тупсарыы үлэтэ бэс ыйын 15 күнүгэр үмүрүйүөхтээх. Кыттааччылары түһэрэр, аһатар эбийиэктэр бэс ыйын 20 күнүгэр бэлэм буолуохтаахтар. Эбийиэктэр үлэһиттэрэ билигин мэдиссиинэ көрүүтүн баран, быһыылары ыла сылдьаллар. Ил Дархан терроризмы утары миэрэлэри күүһүрдүүгэ эрчиллэр тэрээһиннэри ыытарга, кыттааччылары, тэрийээччилэри, волонтердары аккредитациялааһыны түргэтэтэргэ сорудахтаата.

Ыам ыйын 24 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускай сайдыытын стратегиятын норуоттар икки ардыларынааҕы «Россия» быстапка-пуорумҥа Уһук уонна Арктика күннэрин чэрчитинэн пленарнай мунньахха билиһиннэрдэ. Маастар-былаан сүрүн бырайыактарын туһунан кэпсээтэ. Ол иһигэр, Өлүөнэ муостатын, киинэ павильонун, Муусука үрдүкү оскуолатын саҥа комплексын, Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин, үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин кампуһун тутууга, Аан дойдутааҕы мамонт уонна Арассыйатааҕы үүнээйи сиэмэтин тымныыга харайар кииннэри тэрийиигэ уонна да атын бырайыактарга тохтоото.

Ыам ыйын 25 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун аан бастаан бэлиэтэнэр Оһуохай күнүнэн эҕэрдэлээтэ. 2022 с. сэтинньитигэр оһуохай Арассыыйа норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтин шедеврдэрин испииһэгэр киллэриллибитин санатта. 2022 с. бастыҥ оһуохайы этэччилэргэ Ил Дархан анал истипиэндьийэтэ олохтоммута. Сыыппара пуондатын тэрийии уонна научнай-популярнай энциклопедияны оҥоруу бастыҥ оһуохайы толоруулары үйэтитэр. Билигин тэриллэр айар мастарыскыайга оһуохайы этээччилэр бэйэлэрин уопуттарын үллэстиэхтэрэ. Оҕолор уонна ыччаттар, улахан дьон ортолоругар бэстибээллэр, куонкурустар сыл аайы ыытыллыахтара.

Ыам ыйын 25 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактар уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн тутуу үлэлэрин сүрүннүүр суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан быйыл 102 мөл. солк. үп көрүллэн, Дьокуускайга уонна аҕыс улууска 14 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэнэ тупсарыллар. Онтон 12-гэр бэдэрээччит быһаарыллыбыт. Хаалбыт икки эбийиэккэ хантараагы баттаһыы үлэтин түргэтэтэргэ сорудахтанна. «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан 7 эбийиэккэ суолу тутуу кыраапык быһыытынан баран иһэр. Ил Дархан Дьокуускайга Можайскай уулуссаны оҥорууга «Сулус» чэбдигирдэр кииҥҥэ диэри аспаалы уурууну, «Анаабыр» суолга Чуоналыыр өрүскэ муостаны болдьоҕор киллэриини болҕомтоҕо ыларга ыйда. «Ыраас уу» национальнай бырайыагынан 6 улууска уунан хааччыйар тиһик оҥоһуллуохтаах, үлэ дойду тутуутун министиэристибэтин кытта чуолкайдаммыт кыраапыгынан барар. 4 эбийиэк бырайыактыыр-симиэтэ докумуонугар уларыйыы киирэн, судаарыстыбаннай экспертизаны ааһар.

Ыам ыйын 26 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин урбаанньыттарын идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Билигин эрэгийиэҥҥэ 116 тыһ. тахса киһи урбаанынан дьарыктанар. Орто уонна дьоҕус биисинэс оборуота 2023 сылга 328 млрд солкуобайга тэҥнэспит, эбэтэр биэс сыл иһигэр 56 %-нан улааппыт. Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатыгар дьарыктаах ахсаанынан дойдуга иккис миэстэҕэ сылдьар. Сыл саҕаланыаҕыттан ыла 1,3 тыһ. тахса кыра уонна орто тэрилтэ улахан хампаанньалар сакаастарын толорооччу буолбут. 8 аччыгый уонна орто урбаанньыт анал байыаннай дьайыыга анаан бородууксуйаны оҥорооччу ахсааныгар киирэр.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Күөх окко үктэнэн, сылаас күннэр үүнэннэр, сайыҥҥы түбүк саҕаламмыт үтүө кэмигэр таһаарыылаах үлэни, чэгиэн туругу баҕарабын.

Ааптар: Афанасий Ноев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА