Сэтинньи 7 күнэ. Нэдиэлэтээҕи былаанныыр мунньахха Ил Дархан 2023 сыл бюджет барылын оҥорууга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай бырагыраамалар туолууларыгар сүрүн болҕомтону уурары ыйда.
«Бырабыыталыстыба дьокутааттары кытта кэлэр сыллааҕы бюджет иккис ааҕыыга көрүллүүтүгэр киирбит эбиилэри, этиилэри учуоттаан үлэлэһэргитигэр. Маны сэргэ быйылгы бюджетчуолкайдааһыныгар ылсаргытыгар. Төһө да ыарахаттар баалларын иһин, туруоруллубут соруктары ситиһиэхтээхпит. Өрөспүүбүлүкэҕэ кэккэ салааҕа национальнай бырайыактар туолуулара мөлтөҕө бэлиэтэнэр. Бу боппуруоска федеральнай былаас уорганнарын кытта мунньаҕы бэлэмниибит», – диэтэ Айсен Николаев.
РФ Бырабыыталыстабата 2030 сылга диэри тутуу уонна ОДьКХ салааларын сайдыытын Стратегиятын бигэргэппитин, өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо киириитин хонтуруоллуурга Ил Дархан сорудахтаата. Маны сэргэ федеральнай таһымҥа судаарыстыбаннай иһитиннэрэр тиһиги «ГосТех» диэн биир кэлим платформаҕа көһөрөр быһаарыы ылыллыбытын иһитиннэрдэ. Бу федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи былаас уорганнарын сыыппаранан сервистэрин киинниэҕэ уонна буолар уларыйыыларга түргэнник хардаран, нэһилиэнньэни, уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта үлэ көдьүүһүн үрдэтиэҕэ.
Айсен Николаев байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу болҕомто киинигэр сылдьарын санатта. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттааччылар устудьуон оҕолоругар эбии стипендия төлөһүү саҕаламмытын эттэ. Итиэннэ оҕолор лааҕырдарга сынньаналларыгар 189 сайаапка киирбитин иһитиннэрдэ.
Сэтинньи 7 күнэ. Айсен Николаев салайыытынан барбыт конституционнай хаамыһыйа мунньаҕар СӨ Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан сокуон барылынөйөөтүлэр. Сотору кэминэн парламент көрүүтүгэр киириэҕэ. Санатар буоллахха, РФ Төрүт сокуонугар уларыйыылар киирбиттэригэр сөп түбэһиннэрэн, субъектар сүрүн сокуннарыгар уларытыылар оҥоһуллаллар. Саҥа сокуон барыла Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын салайарын, структуратын уонна тиһигин быһаарарын чиҥэтэр. Ил Түмэн нолуоктары, хомуурдары олохтооһуҥҥа, киллэриигэ, нолуок ставкатын, төлөбүр бэрээдэгин уонна болдьоҕун быһаарыыга боломуочуйата чуолкайданар. Норуот дьокутаата боломуочуйатын болдьоҕун кэмигэр судаарыстыбаннай гражданскай уонна муниципальнай сулууспа дуоһунастарын толоруо суохтааҕа ыйыллар. Маны сэргэ СӨ Счетнай палаататын статуһа чопчуланар. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэ прокурора сокуону оҥорон, парламент көрүүтүгэр көҕүлээн киллэрэр кыахтаныаҕа.
Сэтинньи 7 күнэ. Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай института«Приоритет-2030. Уһук Илин» стратегическай академическай инники күөн бырагырааматыгар кыттыытын Айсен Николаев уонна бу үөрэхкыһатын ректора Саргылана Игнатьева дьүүллэстилэр. Ил Дархан АГИКИ-ны федеральнай куонкуруска кыайыытынан эҕэрдэлээтэ. «Култуура уонна искусство эйгэтигэр АГИКИ-ны макро-эрэгийиэн сүрүн үрдүк үөрэх кыһатынан билинии институт сайдыыга сөптөөх сыалын бигэргэтэр. 2030 сылга Арктикаҕа креативнай индустрия научнай-үөрэтэр киининэн буолары ситиһиэҕэ. Онуоха институт дьоһун түмүктээх: 2,5 тыһ. выпускник култуура уонна искусство эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, дойду хотугулуу-илин эрэгийиэннэригэр үлэлиир», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
«Арктика култууратын куода: кэлэр кэм креативнай оскуолата» стратегическай бырайыагы олоххо киллэриигэ креативнай уонна сыыппара кииннэрэ, хоту сиргэ киһи хапытаалын үөрэтиигэ лаборатория, ситимнэринэн оскуолалара тэриллиэхтэрэ, үрдүк үөрэххэ бэлэмнээһин куурустара, аныгы үөрэх бырагыраамалара уонна технологиялара аһыллыахтара. Көрсүһүүгэ институкка кампуһу саҥардан оҥорууну, уопсай дьиэтин тутууну кэпсэттилэр. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ талааннаах оҕолорун кытта үлэҕэ инновационнай былаһааккалары кэҥэтиигэ, Саха сирин куораттарыгар, сэлиэнньэлэригэр табыгастаах эйгэни тэрийиигэ институт кыттыытыгар болҕомтону туһаайда. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ АГИКИ сайдыытыгар салгыы өйөбүлү оҥоруоҕа диэтэ. Санатан эттэххэ, «Наука уонна университет» нацбырайыак «Приоритет – 2030» госбырагырааматынан Уһук Илин 8 үрдүк үөрэҕин кыһата грант тутан, 71 мөл. солк. ылыаҕа.
Сэтинньи 8 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Алдан оройуонугар үлэлээтэ. Бу күн Алдаҥҥа саҥа спортивнай комплексы үлэҕэ киллэрдилэр. 4 тыһ. кв.м.иэн нээх хаҥкылыыр катоктаах эбийиэк «Газпром – оҕолорго» бырагыраама чэрчитинэн тутулунна. Айсен Николаев этэринэн, «Газпром» хампаанньаны кытта социальнай бырайыактарга бииргэ үлэлээһининэн тупсаҕай спортивнай комплекстар Алдаҥҥа, Чульмаҥҥа уонна бассейнаах, катоктаах Марха бөһүөлэгэр быйылкиирэллэр. Алдан урут-уруккуттан спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр бастыҥ холобурга сылдьар. Манна Саха сирин хоккейга аан бастакы чемпионата 1966 сыллаахха ыытыллыбыта. Ил Дархан спортивнай инвентарь ыларга сертификат туттарда. Бастакынан саҥа катокка оҕолор хоккейдыы таҕыстылар.
Салгыы Айсен Николаев Алдаҥҥа быстах байыаннай хомуурга барбыт дьоҥҥо көмөнү оҥорор #БАРЫБИИРГЭ сүрүннүүр кииҥҥэ үлэтин билистэ. Киин быйыл балаҕан ыйыгар аһыллыбыт, Алдантан Чита уонна Уссурийскай куораттар сүүмэрдиир пууннарыгар тиийбит байыастарга 487 кг кэриҥэ материальнай көмөнү ыыппыттар. Итиэннэ 2,5 тн көмө Дьокуускайга баар #БАРЫБИИРГЭ өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаапка тиэрдиллибит. Айсен Николаев киин үлэһиттэригэр байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн иһин махтанна.
«Эһпгп толорор үлэҕит барыбытыгар улахан суолталаах. Байыастарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр биһиги бары болҕомтобутун, кыһамньыбытын ууруохтаахпыт. Бу хааччыйыы боппуруоһун сэргэ байыаннай сулууспалаахтар чөлүгэр түһүүлэрин, социальнай өйөбүлү эмиэ таарыйар», — диэн бэлиэтээтэ аҕа баһылык.
Алдаҥҥа сырыытыгар Ил Дархан балаҕан ыйыгар мобилизацияламмыт байыас дьиэ кэргэнин кытта көрүстэ. Спириннэр чааһынай дьиэҕэ олороллор. Айсен Сергеевич олохтоох дьаһалта байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү хайдах оҥорорун бэрэбиэркэлээтэ. Оройуон олохтоохторо уонна дьаһалта дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһөллөр, волонтердар тиэргэн хаарын күрдьүбүттэр. Бу ыал өрөспүүбүлүкэ биир кэмнээх төлөбүрүн ылбыт. Ону сэргэ ыал аҕатын үлэлээбит тэрилтэтэ эмиэ көмөлөспүт. «Көмө оҥоһуллар, төлөбүрдэр тиэрдиллибиттэр, олохтоох салалта бэйэтэ быһаарар боппуруостара бааллар. Дьон эмиэ көмөлөһөр. Мин байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр барыларыгар чугас дьонноро түргэнник кыайыы көтөллөөх, этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын», — диэтэ Айсен Николаев.
Салгыы Ил Дархан 2023 сылга Алдан куорат төрүттэммитэ 100 сылынан бэлиэ даатаны көрсө бэлэмнэнии үлэтигэр сүбэ мунньаҕы ыытта. Туох үлэ ыытыллыбытын оройуон баһылыга Александр Шестопалов иһитиннэрдэ. Ил Дархан туох-ханнык иннинэ ОДьКХ уонна социальнай эйгэ боппуруостарын быһаарарга соруйда.
«Алдан — бырамыысыланнас сайдыбыт куората. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан«Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах ааты сүгэр. Билигин куорат сайдарыгар бары усулуобуйаны тэрийиэххэ наада. Маныаха кэнники сылларга бэлиэтэнэр ситиһиилэри биһиги эмиэ көрөбүт. Түргэн быһаарыыны эрэйэр тэрээһиннэр бааллар. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар Алдан куорат 100 сыллаах тэрээһиннэрин кытары сибээстээх боппуруостары кэлэр сыл бүддьүөтүгэр учуоттуулларыгар сорук туруорулунна», — диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.
Үбүлүөйдээх бэлиэ даатаҕа тэрийэр кэмитиэти бастакы вице-премьер Кирилл Бычков салайар. Ил Дархан Алдан куорат 100 сылыгар бэлэмнэнииүлэтин күүһүрдэргэ соруйда.
Сэтинньи 9 күнэ. Айсен Николаев Владивостокка Уһун Илиҥҥи федеральнай уокурук Сэбиэтин мунньаҕар кытынна. Юрий Трутнев салайан ыыппыт мунньаҕар федеральнай министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, эрэгийиэннэр салайааччылара Уһук Илин уокурукка экэниэмикэҕэ уонна уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун, РФ Сэбилэниилээх күүстэрэ наадыйыыларын хааччыйыы боппуруостарын, национальнай бырайыактары олоххо киллэрии хаамыытын көрдүлэр уонна Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум түмүктэрин таһаардылар.
Бу күн Ил Дархан Владивосток куоракка сулууспалыы сылдьар өрөспүүбүлүкэ байыаннай сулууспалаахтарын кытта көрүстэ.
«Саха сириттэн сулууспаны ааһа сылдьар 83-с гвардейскай десантнай-штурмовой биригээдэҕэ икки УАЗ массыынаны туттардым. Бу массыыналары мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго туһаныахтара. Саха сирин кылаата уопсай дьыалаҕа көмө буоллун!», — диэтэн Айсен Николаев.
Бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ сулууспаны ааһар Бурятия байыаннай чааһыгар массыыналары биэрбитэ.
«Эрэгийиэннэр баһылыктара байыаннай чаастарга аадырыстаан туран, массыыналары, квадрокоптердары, тепловизордары – ол эбэтэр байыастарбыт кыайыыларын түргэтэтиигэ көмө буолар тэриллэри ыыталлар. Биһигини утары Хотугулуу-атлантическай блок туруммут кэмигэрдойдубутун аармыйа эрэ буолбакка, бүтүн норуот көмүскүүр. Губернатордары кытта биһигиттэн тутулуктааҕы, кыаллары барытын оҥоробут дии саныыбыт», — диэн РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи уокурукка боломуочунайа Юрий Трутнев эттэ.
Санатар буоллахха, Саха сириттэн сылдьар байыаннай сулууспалаахтары материальнай-тиэхиньиическэй боппуруоһунан хааччыйыынанИл Дархан сорудаҕынан алтынньы 10 күнүгэр тэриллибит өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба дьарыктанар.
Сэтинньи 10 күнэ. Айсен Николаев Нерюнгри оройуонугар оробуочай сырыытын кэмигэр Иенгра сэлиэнньэтигэр амбулатория тутуутун бэрэбиэркэлээтэ. Амбулатория «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар. Эбийиэк уопсай иэнэ – 180 кв.м., тутуу уопсай суумата — 19,9 мөл. солк., итинтэн 15 мөл. тахса солк. үп федеральнай бүддьүөттэн көрүллүбүт.
«Олохтоохтор саҥа амбулатория аһылларын күүтэллэр. Биһиги хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорорго бары усулуобуйаны оҥоруохтаахпыт. Эбийиэги болдьоммут кэмигэр киллэрии суолталаах», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Билиҥҥитэ инженернэй ситими тардыы уонна ис үлэни ситэрии хаалбыт. Ил Дархан тутууну түргэтэтэргэ, эбийиэги бу сылга киллэрэри сорудахтаата. Амбулаторияҕа улахан дьоҥҥо,оҕолорго күнүскү сытар стационар баар буолуоҕа.
Иенгра бөһүөлэгэр Ил Дархан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа, дьоруойдуу кыргыһыы толоонугар өлбүт Станислав Кронгауз дьиэ кэргэнигэр сырытта. Кини «Хорсунун иһин» уордьаны Станислав эбэтэ Ольга Борисовнаҕа туттарда.
«Станислав Васильевич Донбаһы босхолооһуҥҥа дьоруойдуу охтубута. Украина фашистарын утары кыргыһыыга чиэстээхтик киирсибитэ. Кинини уонна кини курдук хорсун уолаттарбытын өйдүү-саныы сылдьыахпыт. Дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин», — диэн Айсен Николаев эттэ.
«Станислав дьиэ кэргэммитигэр эппиэтинэһи ылынан, биһигини иитээри коллеһы бүтэрээт даҕаны, хантараак баттаһан сэриигэ барбыта. Кини спортсмен этэ, быраата эмиэ билигин Чурапчытааҕы спортивнай оскуолаҕа боксанан дьарыктанар, балта Ираида технологическай колледжка үөрэнэр. Стас суох буолбутун билигин даҕаны итэҕэйбэппит», — диэтэ Ольга Борисовна.
Билигин дьиэ кэргэн хаарбах туруктаах дьиэҕэ олорор, Ил Дархан бу боппуруоһу быһаарыыга үлэлэһиэх буолла. Станислав Васильевич Кронгауз 22 саастааҕа. Кини дьиэ кэргэнигэр судаарыстыбаттан 5 мөл. солк. төлөммүт, оройуон социальнай харалтатыттан — 1 мөл. солк.
Айсен Николаев оробуочай сырыытын кэмигэр Нерюнгритааҕы ГЭС иккис уочаратын тутуутун көрдө. Нерюнгритааҕы ГРЭС-и өссө кэҥэтэн 225 Мвт кыамталаах икки энергоблогу тутар туһунан быһаарыныы икки сыллааҕыта ылыллыбыта. Бу энергоблоктар үлэлээн бардахтарына бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ өссө улахан кыаҕы биэриэҕэ, ону таһынан «РЖД» Илиҥҥи полигонун сайыннарыыга улахан кыамталаах подстанциялары уонна оройуону күүстээх уотунан хааччыйыаҕа. Билиҥҥи туругунан инженернэй чинчийиилэр бүтэннэр, тутуу барар сирин-уотун уонна бырайыактыыр докумуоннарын кэмпилиэктэрэ оҥоһуллан Главгосэкспертизаҕа бэрэбиэркэҕэ ыытыллыбыттар. Ону таһынан сүрүн оборудованиены – турбоагрегаттары уонна котлоагрегаттары ылыыга куонкурус барыахтаах. Эбийиэк тутуллуутун хаамыытын билсэн баран, Айсен Николаев бырамыысыланнас уонна геология миниистиригэр бу тутуллар саҥа эбийиэги каадырынан хааччыйарга анаан анал мунньаҕы тэрийэн ыытары сорудахтаата. Эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, 300-тэн тахса саҥа үлэ миэстэтэ тахсыа диэн былаанныыллар.
Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр «Газпром – оҕолорго» бырагырааманан хаҥкылыырбылаһааккалаах саҥа физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс тутулунна. Эбийиэк иэнэ 4 тыһ. тахса кв. м. Айсен Николаев спорт эбийиэгэ аһыллыбытынанспортивнай малы атыылаһарга сертификаттуттарда.
«Нерюнгри оройуонугар маннык аныгы муус былаһаакка киирбитинэн, хоккейга, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа, шорт-треккэ дьарыктанар спортсменнар саҥа таһымҥа тахсыахтара диэн эрэнэбин», — диэтэ кини.
Сэтинньи 11 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын кытары холбоһуктаах мунньаҕы ыытта. Бастакынан национальнай бырайыактар туолууларын боппуруоһа көрүлүннэ. Сорох бырайыактары олоххо киллэрии графига болдьоҕуттан хаалан, былырыыҥҥы көрдөрүүнүкытта тэҥнээтэххэ, быйыл бытаарыы тахсыбытынсанатта. Билигин да сорох эбийиэк кэмигэр киирбэт туруктаах. Онон Ил Дархан тэтими күүһүрдэргэ, киирэр болдьоҕу тардыбакка ситиһэри эттэ. Маныаха Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ национальнай бырайыактар туолууларыгар эппиэтинэһи сүгэллэрин санатта.
Салгыы оттук сезонун боппуруоһа көрүлүннэ. Ититии олорор дьиэ уонна социальнай эбийиэк 100% бэриллибит. Үс муниципальнай тэриллии оттук сезонугар бэлэм буолуу пааспарын ыла илигинэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри хонтуруоллуур уорганнар ирдэбиллэрин толороругар сорудахтанна. Айсен Николаевхомунаалынай тэрилтэлэр эбийиэктэригэр саахал тахсыбатын туһугар ураты болҕомто ууруллуохтааҕын ыйда. Бырабыыталыстыба уонна тустаах министиэристибэлэр саахалы таһаарбат гына эбии миэрэлэри ылалларыгар сорудахтаата.
Сэтинньи 11 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыгаНациональнай мэдиссиинэ киинин – 1 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа тэриллибитэ 30 сылынан кэллэктииби, үлэлээбит бэтэрээннэри эҕэрдэлээтэ. Ил Дархан отут сыллааҕыта киин аһыллыыта өрөспүүбүлүкэ сайдыытын уонна кыаҕын саҥа таһымҥа таһаарбыт уһулуччулаах түгэн буолбутун, маныаха бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев өҥөтүн бэлиэтээн эттэ. Хара маҥнай тэриллиэҕиттэн Национальнай киин мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга, диагноһы туруорууга үрдүк таһымҥа тахсыбыта, аан дойду бастыҥ оборудованиетынан хааччыллыбыта, бастыҥ каадыр түмсүбүтэ. Прокопий Семенов, Елизавета Попова, Гаврил Николаев, Петр Захаров, Галина Труханова уонна да атын медиктэр кылааттарын киллэрбиттэрэ. Маны сэргэ киини салайбыт Прокопий Яковлев, Вячеслав Александров, Владимир Попов, Михаил Томскай, Валерий Петров, Николай Лугинов уонна билиҥҥи генеральнай дириэктэр Станислав Жирков ааттарын ааттаата. Бу сыллар тухары Национальнай кииҥҥэ сүрэххэ, бүөргэ, быарга, ис уорганнары трансплантациялааһыҥҥа уустук эпэрээссийэлэр оҥоһулуннулар, тыһыынчанан киһи олоҕо быыһанна, доруобуйата көннө. Тэрилтэ аныгы кэм хаамыытынан тэҥҥэ хардыылыыр, аныгы технологиялары баһылыыр, кыаҕын улаатыннарар, инфраструктураны кэҥэтэр. Бу саас техническэй хааччыллыытынан дойдуга биир бастыҥ саҥа кардиологическай киин аһыллыбыта. Ил Дархан кэллэктиипкэ махталы биллэрдэ уонна саҥа ситиһиилэри баҕарда, итиэннэ дойду уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда.
Сэтинньи 11 күнэ. Айсен Николаев Ленскэй оройуонун баһылыга Жумарт Абильмановы кытта көрсөн, оройуон социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын кэпсэттилэр. Ол курдук, технологическай техникумҥа устудьуоннарга 250 миэстэлээх уопсай дьиэни тутууну, суолу оҥорууну, Ленскэй куорат аэропордун саҥардыыны дьүүллэстилэр. Пандемия көрдөрбүтүнэн, улууска доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ бырамыысалыннаска вахтаҕа үлэлээччилэри барыларын кыайан эмтиир кыахтара суоҕун көрдөрбүттэрэ. Онон саҥа инфекционнай балыыһаны тутар боппуруос турар. Бу туһунан Ил Дархан Ленскэй улууһугар сырыытын кэмигэр көрүөхтэрэ.
Сэтинньи 11 күнэ. Айсен Николаев Кировскай куораты чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбит оробуочай бөлөххө Денис Пушилин илии баттааһыннаах Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда.
«Аҕыс сыл устата байыаннай быһыыга-майгыга, буомбалааһыҥҥа олорбут дьон эһиги көмөҕүтүнэн Арассыыйаҕа олороллорун, дьэ, итэҕэйдилэр. Кылгас кэм иһигэр Саха сириттэн оробуочай бөлөх Кировскайга 30-тан тахса эбийиэги чөлүгэр түһэрдэ уонна эһиилгигэ үлэ торумнарын оҥордо», — диэн эрэгийиэн баһылыга эттэ.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, чөлүгэр түһэриллибит, саҥардыллыбыт 2-с №-дээх оскуола Кировскай куорат эрэ буолбакка, бүтүн Донецкай Өрөспүүбүлүкэ киэн туттуутунан буолар. Ону тэҥэ, шахтаттан ылан, ититии уонна саппаас уунан хааччыйыы ситимнэригэр ыраастыыр тэриллээх саҥа водоводу сахалар туппуттарын, ол уопутун Донбасс атын куораттарыгар эмиэ туһанар буоллулар. «Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ үтүөлэрин иһин» III истиэпэннээх бэлиэнэн РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын оробуочай бөлөҕүн салайааччыта Андрей Федотов уонна СӨ нэһилиэнньэ куттала суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков наҕараадаланнылар. ДНӨ Бочуотунай грамотатынан СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин управлениетын салайааччытын э.т. Давид Архан, «Сахамедиа»холдинг генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сулустаан Заболоцкай, Бастайааннай бэрэстэбиитэл көмөлөһөөччүтэ Григорий Федоров, Судаарыстыбаннай баһаары утары охсуһар сулууспа отделын начаалынньыга Геннадий Шестаков бэлиэтэннилэр.
Санатар буоллахха, СӨ Бырабыыталыстыбатын оробуочай бөлөҕө Ил Дархан сорудаҕынан ыам ыйыгар Кировскай куоракка барбыттара. Исписэлиистэр сатабылларын, үлэҕэ бэриниилээхтэрин, тэрээһиннээхтэрин көрдөрөн, кировскайдар махталларын ыллылар. Саха сирин көмөтүнэн социальнай тэрилтэлэргэ өрөмүөн, чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ түмүктэннилэр. Култуура дьиэтэ, балыыһа, үөрэх тэрилтэлэрэ, суоллар уонна уулуссалар уоттара оҥоһулуннулар. Кировскайга 3 сыллаах чөлүгэр түһэрии үлэтэ барыахтаах, куорат маастар-былаана оҥоһуллар. Эһиил 7 оҕо саадыгар өрөмүөн ыытыллыахтаах. Олорор дьиэлэри, стадиону өрөмүөннүүргэ болҕомто ууруллуо5а.
Сэтинньи 12 күнэ. Дьокуускайга лүөччүктэр училищеларын саҥа үөрэнэр куорпуһун уонна уопсай дьиэтин тутуохтара, устудьуон ахсаана 450-ҥа диэри эбиллиэҕэ. Билигин манна 300 устудьуон баар, ааспыт үйэ 70-с сылларыгар тутуллубут эргэ дьиэҕэ үөрэнэллэр. Саҥа дьиэни тутарга федеральнай бүддьүөттэн 1,4 млрд солк.көрүллүөҕэ. Новопортовской кыбаарталга саҥа куорпустар тутуллуохтаах былаһааккаларын Айсен Николаев тиийэн көрдө-иһиттэ.
В.И. Гришуков аатынан Дьокуускайдааҕы авиационнай техническэй училище Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай гражданскай авиация университетын филиала буолар. Үөрэнэр куорпуһу, уопсай дьиэни, физкультурнай-чэбдигирдэр уонна тренажернай куорпустары тутуу федеральнай үрдүк үөрэх кыһаларын сайыннарар стратегия чэрчитинэн ыытыллыахтаах. Училищеҕаөрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн эмиэ кэлэн үөрэнэллэр. Летчиктары да, техниктэри да бэлэмнииллэр.Үөрэнэр куорпуһу, уопсай дьиэни, спортивнай сааланы былаан быһыытынан 2023-2025 сс. тутуохтара. Айсен Николаев тустаах министиэристибэлэргэ, куорат дьаһалтатыгар тутуу барыахтаах сиригэр баар, саахалланар туруктаах дьиэлэри көһөрөргө анал бырагыраама оҥорон, түргэтэтэргэ сорудахтаата. Тутуу барыахтаах сирин иэнэ – 42 тыһ. кв.м.
Сэтинньи 13 күнэ. Сахабыт сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 85 сааһын туолбутунан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ. «Сахабыт сирин инникитигэр бигэ акылааты уурбут, норуот дьылҕатыгар улахан эппиэтинэһи сүкпүт уһулуччулаах салайааччыларбыт кэккэлэригэр Эйигин, бастакы Президеммитин, биһиги киэн тутта ааттыыбыт. Уларыта тутуу тыҥааһыннаах сылларыгар Ийэ айылҕаттан бэриллибит модун санааҕынан, мындыр өйгүнэн саҥа үйэҕэ сайдар суолбутун түстээбитиҥ, киэҥ аартыктары дабайарга кыаҕы арыйбытыҥ. Өрөспүүбүлүкэ тэтимнээхтик сайдарыгар экономическай, социальнай тирэҕин тобулан, киһи туһугар хайысхалаабытыҥ. Далааһыннаах саҕалааһыннар дьон-сэргэ өйүн-санаатын уһугуннарбыттара, күүһүгэр күүс эппиттэрэ. Олохпут укулаатын чиҥэтиигэ, төрүт дьарыгы харыстааһыҥҥа, дьиэ кэргэн уйгутун тупсарыыга, нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутугар балысхан үлэ барбыта. Ол түмүгэр тыа сиригэр биир даҕаны саха дьоно уутуйан олорор дэриэбинэтэ симэлийбэтэҕэ. Өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үгэспитин, сиэрбитин-туоммутун сөргүтүүгэ, ийэ тылбытын, култуурабытын өрө көтөҕүүгэ, удьуорбут утума чөл туруктаныытыгар үтүө уларыйыылар тахсыбыттара. Бу кэмнэргэ баараҕай тутуулар дьэндэйбиттэрэ, бырамыысалыннас аныгы ырыынак ирдэбилинэн киэҥ ыырга тахсыбыта. Үөрэх эйгэтигэр, наукаҕа, каадыры бэлэмнээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар ойуччу болҕомто ууруллубута, кэскиллээх бырайыактар олоххо киирбиттэрэ. Ыччаппыт, үүнэр көлүөнэбит дэгиттэр кыахтаах, эргиччи талааннаах, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолуутун өйөөһүҥҥэ, аан дойду ааттаахтарын кытта алтыһыытыгар сырдык суол тэлэллибитэ. Регионнар ортолоругар биллэр-көстөр оруоллаах салайааччы, ыйааһыннаах политик быһыытынан судаарыстыба федеративнай тутулун бөҕөргөтүүгэ, биир сомоҕо буолуутугар бэйэҥ кылааккын киллэрбитиҥ. Михаил Ефимович, Эн ырааҕы өтө көрөр көҕүлээһиннэриҥ, кэмигэр уталыппакка ылыммыт быһаарыыларыҥ суолталара үрдүгүн күн-дьыл хаамыыта итэҕэтиилээхтик көрдөрөр. Салайааччыга үлэтин муҥутуур үрдүк сыанабылын — норуот тапталын, итэҕэлин ылыыны Эн холобургар көрөбүт. Бастакы Президеммитигэр Сахабыт сирин олохтоохторо өйөбүллэрин, махталларын мэлдьи иһирэхтик этэ туруохтара. Ытыктабыллаах Михаил Ефимович! Инникигэ кынаттыыр дириҥ толкуйгунан, киэҥ-куоҥ майгыгынан бар дьоҥҥун араҥаччылыы, алгыс тылгын тиэрдэ сырыт! Өрөгөйдөөх күҥҥэр Ытык киһибитигэр үтүө тыл кэрэтин, баҕа санаа бастыҥын аныыбыт», — диэн Михаил Ефимовичка Айсен Сергеевич туһаайан эттэ уонна чэгиэн-чэбдик туругу, уһун үйэни баҕарда.
Үөрүүлээх күн Ил Дархан Мэдиссиинэ национальнай киинигэр Михаил Ефимович Николаев аатын иҥэрдэ. Бу этии медицина эйгэтиттэн киирбитин, ону өйөөбүтүн Ил Дархан иһитиннэрдэ. «Биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Медицина национальнай киинэ олохтоноругар, өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥэ доруобуйа харыстабылын биир бастыҥ тэрилтэтэ буоларыгар сүҥкэн оруоллаах», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Саха сиринээҕи Мэдиссиинэ национальнай киинин албан ааттаах историята 30 сыл анараа өттүгэр саҕаламмыта. Билигин киин аан дойдуга баар аныгы оборудованиетынан хааччыллан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр үрдүк технологиялаах мэдисиинэ көмөтүн оҥорор кыахтаах базалаах. Онон сүдү киһибитигэр, Михаил Ефимовичка, дьон-сэргэ махтала муҥура суох. Кини аатын үйэтитии саха норуотун барҕа махтала буолар.
Афанасий Ноев,
Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ