22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан нэдиэлэтэ: «Экономика данных» саҥа национальнай бырайыак туһунан этилиннэ

Хаартыска: Регион салалтатын пресс-сулууспата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сэтинньи 20 күнэ. Ил Дархан дойду саҥа эрэгийиэннэригэр салгыы үлэлээтэ. Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Денис Пушилин Айсен Николаевка Доҕордоһуу уордьанын уонна ДНР Россияны кытта холбоспут үбүлүөйдээх мэтээли туттарда.

Айсен Николаев Донбасска ааспыт сыл сэтинньититтэн үлэлиир Саха сирин тирэх пуунугар сырытта. Байыастарга ыытыллар тиэхиньикэ, мал-сал, ас-үөл, дьон кэһиитэ бу тирэх пуунунан тиэрдиллэр. Ил Дархан бу триэх пууҥҥа төрөөбүт дойдубутугар бэриниилээх, патриот дьон байыастарбыт тустарыгар үлэлииллэрин туһунан бэлиэтээтэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун аатыттан пуун үлэһиттэригэр уопсай дьыалаҕа киллэрэр кылааттарын иһин махтанна.

Ил Дархан Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Леонид Пасечнигы кытта көрсүһүүтүгэр бииргэ үлэлээһин, Саха сирин байыастарыгар өйөбүлү оҥоруу туһунан кэпсэттилэр. Айсен Николаев Луганскайга быйыл сэтинньигэ тэриллибит байыастары эбии экипировканан уонна тэрилинэн хааччыйарга көмөлөһөр тирэх пуун үлэтин көрдө.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга анал байыаннай дьайыы балаһатыгар «Боотур» этэрээт бэтэрээннэрин, өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутаата Василий Егоровы кытта көрүстэ. Россия оборонаҕа министиэристибэтин быһаарытынан «Барс-2» этэрээккэ «Боотур» аата иҥэриллэрин туһунан иһитиннэрдэ. Этэрээтинэн киэн туттабыт уонна байыастарыгар өрүү көмө буоларга бэлэммит диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Сэтинньи 21 күнэ. Ил Дархан бырабыталыстыба салалтатыгар соруктары туруорда, тутуу эйгэтигэр кэккэ боппуруостары быһаарыыга улахан болҕомто ууралларыгар ыйда. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Онкологическай диспансеры тутууга уонна Өлүөхүмэ аэропордун саҥардан оҥорууга дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бу бырайыактары түмүктүүргэ эбии үп көрүллэрин иһитиннэрбитэ. Федеральнай бүддьүөттэн 1,2 млрд солк. Онкологическай диспансер тутуутугар көрүллүбүт. Эбийиэк тутуута тутуу матырыйаалларын сыаната үрдээн уонна сорох тиэхиньикэ сааҥсыйаларынан тириэрдиллибэтэҕинэн тардыллыбыта. Айсен Николаев түмүктүүр үлэлэри күүскэ хонтуруоллуурга сорудахтаата. Өлүөхүмэ аэропордугар көтөр балаһа бетон оҥоһуллубута. Иккис түһүмэҕинэн аэропорт тула инфраструктура саҥардыллар. Ил Дархан үлэни түргэтэтэргэ сорудахтаата. Итиэннэ Донецкайга уонна Луганскайга үлэлиир тирэх пууннары хааччыйыы боппуруостарын болҕомто киинигэр тутар туһунан этилиннэ.

Сэтинньи 21 күнэ. Айсен Николаев «Кыайыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Улуу Кыайыы 80 сылын тэрээһиннэригэр үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитиигэ болҕомто ууруллуохтааҕын туһунан этилиннэ. Ил Дархан Монголияҕа уонна Кытайга Саха сирин саллааттарын бойобуой суолларынан оҕолорго, ыччакка аналлаах туристическай бырайыагы өйөөтө уонна Белоруссияҕа буойуттар, ол иһигэр Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа Федор Попов, көмүллүбүт сирдэринэн маршруту оҥорорго эттэ.

Сэтинньи 22 күнэ. Айсен Николаев экэниэмикэни сайыннарыыны хааччыйыыга суһал ыстаап президиумун мунньаҕар дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэрии, ону тэҥэ Сунтаарга иһэр уунан хааччыйыыга водозабору тутуу боппуруостарын көрдө. Эһиил  Дьокуускайга «Сулустаах» түөлбэҕэ сэттэ дьиэни тутан, дьону саҥа кыбартыыраларга көһөрүөхтэрэ. Сунтаарга ыстаансыйаҕа тэрили таҥаллар. Эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ 11 тыһ. киһи иһэр уунан хааччыллар кыахтаныаҕа.

Сэтинньи 22 күнэ. Айсен Николаев быраап бэрээдэгин хааччыйыыны сүрүннүүр мунньаҕы ыытта. Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор өттүттэн буруйу оҥорууну сэрэтии, оҕолорго куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруостарын көрдүлэр. Ону таһынан национальнай бырайыактары, федеральнай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ сокуону кэһиини сэрэтии дьаһалларыгар тохтоотулар.

Сэтинньи 23 күнэ. Ил Дархан Өрөспүүбүлүкэтээҕи Онкологическай диспансеры тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Эбийиэк «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар. Тустаах докумуоннарга уларыйыылар киирэннэр, эбийиэги үлэҕэ киллэрии болдьоҕо уһаабыта. Айсен Николаев эппиэттээх кэмҥэ тутуу тэтимэ бытаарбытын туһунан эттэ уонна эппиэттээх былаас уорганнарыгар, бэдэрээччиктэргэ график быһыытынан ахсынньы бүтүүтэ эбийиэги үлэҕэ киллэрэллэригэр ыйда. Бүгүҥҥү туругунан ис үлэ үмүрүтүллэн эрэр. Мэдиссиинискэй оборудованиены таҥан туруораллар. Үлэһит ахсаанын элбэтии боппуруоһа быһаарыллар. Ил Дархан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовниковка уонна тутуу миниистирэ Виктор Романовка үлэ хаамыытын кытаанахтык хонтуруоллуурга сорудахтаата.

Сэтинньи 23 күнэ. Айсен Николаев «Сыыппара алмааһа» иккис федеральнай форуму арыйда. Тэрээһин ыытыллыытыгар өйөбүлүн иһин Арассыыйа сыыппара сайдыытыгар, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияларга министиэристибэтигэр, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэргэ махтанна. Икки күн устата форум былаһааккаларыгар анимация, киинэ, медиа, цифровой уопсастыба сайдыытын эйгэтигэр дойду бастыҥ хампаанньалара уопуттарын атастаһыахтара диэн бэлиэтээтэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан билигин бэлэмнэнэ сылдьар «Экономика данных» саҥа национальнай бырайыак туһунан кэпсэтии баран, федеральнай уонна эрэгийиэн таһымнаах чопчу көҕүлээһиннэри түмүөхтэрэ.

Сэтинньи 23 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо күнүн чэрчитинэн норуот үгэс буолбут култууратын илдьэ сылдьааччыларга — олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ, тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар Ил Дархан анал истипиэндийэтин, барыта 27 киһиэхэ туттарда. Аан бастаан былырыын истипиэндийэ олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ, тимир уустарыгар туттарыллыбыта, онтон быйыл норуот маастардарыгар. Истипиэндийэ куонкуруһу ааспыт, төрүт култуураны сайыннарыыга үтүөлээх дьоҥҥо ананар. 30 тыһ. солк. кээмэйдээх төлөбүр ый аайы сылы быһа төлөнөр. Ил Дархан олоҥхону дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыыга уһулуччу өҥөтүн, ыччаты уһуйууга үтүөлэрин иһин олоҕун тухары ананар истипиэндьийэни СӨ үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара, олоҥхоһут, уһуйааччы Никандр Тимофеевка туттарда.

Сэтинньи 23 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйаҕа Ийэ күнүн көрсө элбэх оҕолоох ийэлэргэ уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда уонна махталын биллэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр үтүө холобурунан буоларын бэлиэтээтэ.

Сэтинньи 23 күнэ. Айсен Николаев «Аныгы кэмҥэ судаарыстыбаннай уонна корпоративнай салайыыны тупсарыы хайысхалара» VI норуоттар ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ Өлүөнэ муостатын тутуу суолтатын туһунан кэпсээтэ. Билигин Илин диэки хайыһыы кэмигэр саҥа тырааныспар көрүдүөрдэрэ, ол иһигэр Өлүөнэ муостата Саха сиригэр, Уһук Илиҥҥэ олус суолталаах буоларынан, дойдубут туһугар, норуоппут туһугар туттуллуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Сэтинньи 23 күнэ. Ил Дархан дойду бырабыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктория Абрамченко ыыппыт мунньаҕар видеосибээс нөҥүө кытынна. Ил Түмэн киллэрбит ««Производство уонна туһаныы тобоҕо» федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан» диэн федеральнай сокуон барылын көрдүлэр. Бырайыакка ыраах сытар, уустук сырыылаах нэһилиэнньэлээх пууннарга кытаанах хомунаалынай тобохтору мунньуу болдьоҕун уларытар туһунан этиллэр. Айсен Николаев сокуон ылыллыыта төгүрүк сыл устата сиринэн сырыыта суох, ордук Арктика уонна хоту оройуоннарыгар улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Манна мунньуллубут тобоҕу кыһыҥҥы суолунан эрэ таһар кыахтаахтар, Онон сокуону кэспэт гына, болдьоҕу 12 ыйга диэри уһатар оруннаах. Сокуон барылыгар ыраах сытар, уустук сырыылаах нэһилиэнньэлээх пууннары эрэгийиэн бэйэтэ быһаарарыгар боломуочуйаны биэрэр туһунан этиллэр.

Сэтинньи 24 күнэ. Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, кэлэр сылтан «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ икки төгүл үрдүөҕэ. Ил Дархан 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн эбии социальнай төлөбүрдэри биэрии туһунан быһаарыныылары ылынна. Үһүс уонна онтон салгыы оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһ. солк. буолуоҕа. Итиэннэ элбэх оҕолоох ыаллар «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн өссө да атын төлөбүрдэри ылыахтарын сөп буолуоҕа. «Дьиэ кэргэн» хапытаала 2024 сылтан үрдүөҕэр диэри 151 690 солк. буолар. Бүтэһик биэс сылга бу өйөөһүн миэрэтинэн 15 832 ыал туһаммыт.

Сэтинньи 24 күнэ. РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар миниистирэ Алексей Чекунков Саха сиригэр «Цифровой алмаас» форумҥа кыттыыны ылла. Алексей Чекунковка РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан Дьокуускайга тутуллуохтаах хас да павильоннаах, элбэх өҥөнү оҥорор киинэ павильонун бырайыагын билиһиннэрдилэр. «Киинэ павильона Дьокуускайга 68-с кыбартаалга тутуллуоҕа. Тутууга Уһук Илин киинэни оҥорон таһаарааччыларын итиэннэ федеральнай экспертэр бары сүбэлэрэ учуоттаныаҕа. Билиҥҥитэ федеральнай бырабыыталыстыбаны кытта РФ Бэрэсидьиэнин сорудаҕын хаачыстыбалаахтык болдьоҕор толорор соруктаахпыт», — диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ.

Сэтинньи 24 күнэ. Айсен Николаев уонна Алексей Чекунков БПЛА бастакы Уһук Илиҥҥэ батальонун састаабын кытта көрүстэ. Федеральнай миниистир маннык типтээх көтөр аппарааттары оҥорууну сайыннарыыны уонна онно исписэлиистэри бэлэмнээһини биһирээтэ. Саха сиригэр оператордары икки үөрэх кыһатыгар бэлэмнииллэр. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга эрэгийиэҥҥэ пилота суох авиация экоситимэ тэриллэрин бэлиэтээтэ. Манна гражданскай уонна байыаннай исписэлиистэри үөрэтии, БПЛА оҥоруу киирэр, Оборуона министиэристибэтин иһинэн инженернэй сэриилэр базаларыгар идэтийбит салаа тэрилиннэ. Инструктордар байыаннай дьайыы кэмигэр кытта бэлэмнэниини ааһаллар.
Саха сиригэр бу ситими сайыннарыыга бырагыраама ылыныахтара. Докумуон кэлэр сыл бастакы кыбаарталыгар бигэргэниэҕэ. Сүрүн соругунан БПЛА-ны экэниэмикэ секторыгар туһаныы буолуоҕа. Бырагыраама табаары таһыы кыһалҕатын быһаарыаҕа. Ону тэҥэ ойууру баһаартан эбэтэр көҥүлэ суох кэрдииттэн кэтиэхтэрэ, уот уонна гаас ситимнэрин, атын да инфраструктуралары кэтээн көрүөхтэрэ. Хайыы-үйэ пилота суох авиацияҕа дьоҕус научнай-оҥорон таһаарар киини тэрийиигэ сайаапка оҥоһулунна. Ону тэҥэ дрону көтүтүүгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи федерация Дьокуускайга аһылынна. Өссө Саха сирин аҕыс муниципалитетыгар аһыллара күүтүллэр.

Сэтинньи 24 күнэ. Ил Дархан дойду Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар миниистирэ Алексей Чекунковкы кытта Арассыыйа Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан оҥоһуллубут Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннарын олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Уһук Илин сайдыытын корпорациятын кытта икки бырайыакка концессия мэхэньиисимин туттууга үлэ барар. Онтон биирэ — Уһук Илиҥҥэ соҕотох киинэ павильонун Дьокуускайга тутуу. Иккиһэ — Дьокуускай уулуссаларын сырдатыыны саҥардан, күүһүрдэн, 100% тириэрдии. Саҥа технология икки төгүл эниэргийэни туттууну аччатыаҕа, куттала суох буолууну хааччыйыыга сыыппара сервистэрин киллэриэхтэрэ. ВЭБ.РФ судаарыстыбаннай хампаанньаны кытта бырайыактары чэпчэтиилээх үбүлээһин туһунан кэпсэтии барар. Итиэннэ Нерюнгрига оҕо лааҕырын тутуу кэскиллээҕэ этилиннэ. Маастар-былааннарга Дьокуускайга 33, Нерюнгрига 19 дьаһал киирбит.

Сэтинньи 24 күнэ. Креативнай экэниэмикэ дойду сайдыытыгар, дьон уйгутун тупсарыытыгар оруолун туһунан «Цифровой алмаас» форум пленарнай мунньаҕар ырыттылар. РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар миниистирэ Алексей Чекунков Саха сиригэр үлэлиир Үлэ кластерын сыыппара индустрията сайдыытыгар оруолун, саҥалыы толкуйдаах урбаанньыттар олоҕу хамсаталларын холобурдаата уонна: «Бу федеральнай форуму маннык үрдүк таһымнаахтык ыытыыны дойдуга холобур оҥостуохпут, Саха сиригэр курдук креативнай хайысхалаах үлэни ыытар тэрилтэни Уһук Илин бары куораттарыгар тэрийиэхпит», —  диэн бэлиэтээтэ.

«Быйыл федеральнай таһымнаах форум Саха сиригэр иккис сылын ыытыллар. Бу суолталаах тэрээһин сыл аайы ыытыллар буолуоҕа. Дойду таһымнаах тэрээһиҥҥэ уонтан тахса эрэгийиэнтэн цифровой трансформация салааларын салайааччылара кыттыыны ыллылар. Онон кинилэри кытта көрсөн кэпсэппит, уопуттарын атастаспыт дьоҥҥо, биллэн турар, улахан бэлэҕинэн буолла», -– диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.

Сэтинньи 25 күнэ. Өрөспүүбүлкэ баһылыга Саха сирин олохтоохторун  Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Норуот үтүөҕэ сирдиир, кэрэҕэ, үрдүккэ кынаттыыр, ыарахаттары туоруурга үөрэтэр, көмөлөһөр дириҥ билиитин, муудараһын иҥэриммит олоххо көҕүлүүр олоҥхобут көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Элбэх омуктаах норуот үгэс буолбут сыаннастарын сүтэрбэт туһугар бүгүн биһиги үйэлэр тухары мунньуммут духуобунай уонна култуурунай үйэлээх баайбытыгар тирэҕирэбит», -– диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.

Сэтинньи 25 күнэ. Нам улууһун олохтоохторугар үөрүүлээх күн үүннэ. Бу күн Намҥа кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ саҥа дьиэҕэ көһөн киирдэ. 65 миэстэлээх эбийиэк Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит “Демография” национальнай бырайыак “Аҕам саастаах көлүөнэ” бырайыагынан тутуллан, үлэҕэ киирдэ. Анал дизайнер үлэлээн, киэҥ-куоҥ остолобуой, бибилэтиэкэ, сынньанар холлар тупсаҕай көрүҥнээхтэр, биир истииллээх миэбэллэринэн, анал тэриллэринэн хааччыллыбыттар. Манна иистэнэр уонна уһанар мастарыскыайдар, уруһуйдуур хос, эмтиир физкультуранан дьарыктанар саалалар, мэдиссиинэ-социальнай блок хосторо бааллар. Кырдьаҕастар хосторго иккилии буолан олороллор, туалет, душ баар.

Үөрүүлээх түгэҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев: «Лоп курдук 2 сыл 2 ый анараа өттүгэр биһиги манна бастакы сыбаайаны түһэрбиппит. Пандемия саҕана кэмигэр бүтүө дуо диэн үгүстэр саарбахтыыллара. Элбэх ыарахаттары көрүстүбүт. Кытаанах сааҥсыйа усулуобуйатыгар матырыйаалы булан, тиэрдэн, барытын кыайдыбыт. Тоҕо диэтэр, биһиги үтүө дьыаланы оҥоробут. Кэнники 5 сыл иһигэр Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ интэринээт-дьиэлэр тутулуннулар. Бу 5 тыһ.  кв.м. кэриҥэ иэннээх, аныгылыы тупсаҕай дьиэҕэ кырдьаҕастар, инбэлииттэр сынньалаҥнык, кыһалҕата суох олоруохтара диэн эрэнэбин. Кинилэргэ бэртээхэй усулуобуйа тэрилиннэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ киһи үйэтин орто сааһа 73 сылга тэҥнэстэ. Биэс сылынан 78 сааска, 2030 сылга 80 сааска тиийиэхпит диэн сорук туруорабыт. Онуоха бу маннык тупсаҕай дьиэлэри тутан, бу сорукка биир хардыы оҥоһулунна, — диэн Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ уонна массыына күлүүһүн туттарда.

Намнааҕы кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ 1994 сыллаахха тэриллибитэ. Урут интэринээккэ 30 киһи олорбут буоллаҕына, билигин 65 миэстэлээх. Үлэһиттэр ахсааннара эмиэ икки төгүл эбилиннэ.

Сэтинньи 26 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын харыстааһын дойдубут ыытар бэлиитикэтигэр биир тутаах хайысха буолар. Ол да иһин РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтиир 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрдэ. Саха сирэ дойдуга демографическай көрдөрүүтүнэн бастыҥнарга киирсэр. 34  тыһ. элбэх оҕолоох ыалга 119  тыһ. оҕо улаатар. Бу үүнэр көлүөнэни иитиигэ сөптөөх усулуобуйа тэриллибитин көрдөрөр.

«Биһиги судаарыстыба өйөбүллэрин салгыыбыт уонна саҥалары тэрийэбит. «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ үрдээбитэ, «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бэлиэ хаһаайыттарыгар биир кэмнээх харчынан төлөбүр көрүллэр. Судаарыстыбаннай наҕараадалаах уонна түөртэн элбэх оҕону төрөппүт ийэлэргэ  «Үлэ бэтэрээнэ» ааты иҥэрии, бу ийэ үлэтин сэргэ, оҕону иитиигэ, улаатыннарыыга улахан, үрдүк эппиэтинэһи сүгэрин билинии, сыаналааһын буолар. йэ дойдуларын көмүскээн байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолордоох ийэлэргэ, байыастар кэргэттэригэр сүгүрүйэбин. Арассыыйа судаарыстыбатын баай историятыгар дьахтар өйөбүлүнэн эр киһини быыһаабытын, киниэхэ күүһү-күдэҕи, эрэли биэрбитин туһунан элбэх холобур баар. Бүгүн да оннук түбэлтэлэр элбэхтэр», -– диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ..

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Ахсынньы ый чугаһаан, кыһыммыт киэбэр киирэн, тумаммыт хойдон, дьыбар күүһүрдэр да, бэйэ бэйэҕэ болҕомтолоох сыһыаммыт сылааһынан илгиттин.

Афанасий Ноев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА