Балаҕан ыйын 5-7 күннэригэр Айсен Николаев баһылыктаах Саха сирин улахан дэлэгээссийэтэ Владивостокка ыытыллыбыт VII Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа үлэлээтэ.
Балаҕан ыйын 5 күнэ. Форум бастакы күнүн саҕаланыытыгар Ил Дархан «Глонасс» генеральнай дириэктэрэ Игорь Милашевскайдыын ГЛОНАСС сервиһигэр өрөспүүбүлүкэ информационнай-аналитическай тиһигин холбуур туһунан кэпсэттилэр. Бу тырааныспар тиһигин, онтон да атын инфраструктураны салайыыга, ыксаллаах быһыыга-майгыга күүһү түмэргэ көдьүүстээх буолуо.
Ил Дархан Саха сирэ уонна Арассыыйа почтатын икки ардыгар сөбүлэһиигэ илии баттаата. 2025 сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ почта сибээһин 40 отделениета аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына саҥардыллыа, ол онтон быйыл аҕыһа олоххо киириэ. Оччоҕо почта оҥорор социальнай өҥөтүн көрүҥэ кэҥиэ, хаачыстыбата үрдүө.
Саха сирэ салайар каадырдары бэлэмниир «Муравьев-Амурский 2030» бырагыраамаҕа кыттыа. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ «СКОЛКОВО» салайыы оскуолатын, социальнай көҕүлээһини сайыннарыы фондатын кытта сөбүлэһии түһэристэ. Бу бырагыраамаҕа босхо биир сыл үөрэммит дьон Уһук Илиҥҥэ судаарыстыбаннай сулууспаҕа икки сылтан аҕыйаҕа суох үлэлиэхтээхтэр.
Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа биир суолталаах түгэнинэн Сыллаахтааҕы чох разреһа үлэтин саҕалаабытын туһунан үөрүүлээх быһыыга-майгыга биллэрдилэр. Бу Нерюнгри оройуонугар баар таас чох саппаастаах сирин туһаҕа таһаарыы Уһук Илиҥҥи уокурукка уонна дойдуга биир улахан бырайыагынан буолуо. Манна 700 мөл. тахса туонна таас чох саппааһа баара биллэр. Карьертан сылга 6,5 мөл. тахса туоннаны хостуур былааннаахтар. Бырайыагы «АнтрацитИнвестПроект» тэрилтэ сүрүннүүр. 21 млрд солк. инвестиция үбэ саппастаах чоҕу хостооһуҥҥа, тимир суолун тутууга, байытар фабриканы, инфраструктура эбийииэктэрин тутууга туһуланыа. 1170 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыахтаах.
Форум бастакы күнүгэр Саха сирэ уонна Сибиир, Уһук Илин хоту аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын ассоциациятын кытта бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэһии түһэристэ. Докумуоҥҥа Айсен Николаев уонна ассоциация бэрэсидьиэнэ Григорий Ледков илии баттаатылар. Сөбүлэһии быһыытынан хоту аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар сокуоннай интэриэстэрин көмүскүүргэ, кыһалҕаларын быһаарарга, култуурунай, социальнай сайдыыга туһуламмыт федеральнай, эрэгийиэннээҕи бырагыраамаларга бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.
Форум кэмигэр хотугу эрэгийиэннэр социокултуурунай сайдыыларыгар анаммыт мунньахха Айсен Николаев Саха сиригэр этнологическай экспертиза туһунан соҕотох эрэгийиэннээҕи сокуон уопутун кэпсээтэ. Бу сокуон өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо киириэҕиттэн 47 бырамыысыланнай бырайыак аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар общиналарыгар көмөлөспүт, компенсация төлөммүт. Бырамыысыланнай хампаанньалары кытары 34 сөбүлэһии түһэрсиллибит, 5 сыл иһигэр 37 млрд солк. кэриҥэ үп өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көрүллүбүт. Ил Дархан бэйэтин этиитигэр этнологическай экспертизаны ыытар туһунан сокуон федеральнай таһымҥа ылыллыахтааҕын уонна «Сир баайын туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэри туруоруста. Кини улахан хампаанньалар хоту сиргэ үлэлииллэригэр хайаатар да төрүт омуктар олохторун-дьаһахтарын чөл туруктаах хаалларыыга үлэлэһиэхтээхтэрин бэлиэтээтэ.
РФ доруобуйа харыстабылыгар министирин бастакы солбуйааччы Виктор Фисенко, Росздравнадзор салайааччыта Алла Самойлова өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһаҕа – Медицина национальнай киинигэр медицина өҥөтүн оҥоруга хаачыстыба уонна куттал суох буолуутун сэртипикээтин ылбытын Ил Дархаҥҥа туттардылар. Биллэрин курдук, Росздравнадзор Медицина национальнай киинигэр бэс ыйыгар бэрэбиэркэ ыыппыта уонна медицинэ өҥөтө үрдүк таһымнаахтык оҥоһулларын бигэргэппитэ. Маннык сэртипикээти өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа Саха сирин тэрилтэлэриттэн бастакынан ылла.
Айсен Николаев Владивостокка форум чэрчитинэн «Билии» уопсастыба студиятыгар устудьуоннарга уонна үөрэнээччилэргэ Саха сирин 100 сыллаах историятын уонна билиҥҥитин, дойду сайдыытыгар киллэрэр кылаатын туһунан лекция аахта. Өрөспүүбүлүкэ кэлиҥҥи сыллардааҕы ситиһиитин холобур аҕалла. Ол курдук, эрэгэйиэн валовой бородууктата 1,5 трлн солк. диэри үрдээбитин, бырамыысалыннас үүнүүтэ аҕыс ыфга 113% тэҥнэспитин, күн бүгүн Саха сирэ Уһук Илиҥҥи уокурукка IТ-салааҕа ураты болҕомтону уурарын, бастыҥ көрдөрүүлээҕин, бу хайысхаҕа оҥорор бородууксуйатынан бастакы миэстэҕэ сылдьарын, 2004 сылтан 130 уус-уран киинэни таһааран, киинэ индустриятат күүскэ сайыннарарын кэпсээтэ.
Балаҕан ыйын 6 күнэ. Форум иккис күнүгэр Ил Дархан Амурскай уобалас губернатора Василий Орловтыын Амур өрүскэ тимир суол муостатын тутуу туһунан кэпсэттилэр. Манна Дьалында — Мохэ (Кытай) хайысхатынан кыраныысса нөҥүө аһардар саҥа пуун тутуллар. Бу суолунан Саха сирин бырамыысыланнаһын бородууксуйата экспорка таһаарыллыа. Манна эргиэн-логистика киинин тэрийиигэ «Саха сирин тимир суоллара» ААУо кыттыа. Ол туһунан меморандумҥа илии баттастылар. Көрсүһүү кэмигэр икки эрэгийиэн туһааннаах министиэристибэлэрэ туризм эйгэтигэр бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥ түһэристилэр.
Айсен Николаев Монголия Суһал ыҥырыылаах уонна Боломуочуйалаах посола Улзийсайхан Энхтувшины кытта убатыллыбыт айылҕа гааһын, тас чоҕун тириэрдии, агропромышленннай комплекса бииргэ үлэлээһин хайысхаларын туһунан ырыттылар.
Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бырамыысыланнаска үлэҕэ ыҥырар «Навахту.рф» мобильнай сыһыарыыны сүрэхтээтэ. 2020 с. Айсен Николаев сорудаҕынан олоххо киирбит бырайыагы салгыыр. Сыһыарыыга хампаанньалар ирдэбиллэрэ уонна үлэ көрдьүүр дьон резюмета тэҥинэн түмүллэр. Балтараа сыл устата Саха сирин араас оройуоннарыттан бу сыһыарыы көмөтүнэн 1217 киһи үлэҕэ киирдэ. Үлэни көрдөөһүн, докумуоннары бэлэмнээһин босхо уонна дьиэттэн олорон ыытыллар.
Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа хоту таһаҕаһы таһыы туһунан сокуон барылын ырытыыга Айсен Николаев үбүлээһин боппуруоһа чопчу ыйыллыахтааҕын туһунан бэлиэтээтэ. Билигин оҥоһуллубут сокуон барылыгар ол туһунан суох. Тэрилтэ хоту таһаҕаһы тиэрдиигэ анаан баантан ылбыт кирэдьиитин бырыһыана толуйуллуохтаах. Маны таһынан кирэдьиит ыларга судаарыстыбаннай мэктиэ киириэхтээх. Быстах кэмҥэ туттуллар массыына суоллара диэн өйдөбүл сокуонунан бигэргэниэхтээх. Оччоҕо кыһыҥҥы суоллар уратылара суолу оҥорууга үп көрүллүүтүгэр аахсыллыа.
Форум былаһааккатыттан Муомаҕа Хонууга, Саһыырга, Кулун Өлбүккэ уонна Чуумпу Кытылга түөрт гибриднай энергокомплексы үлэҕэ киллэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна РФ энергетикаҕа миниистирэ Николай Шульгинов кытыннылар. Саҥа станциялар аһыллыбыттарынан сыллата 980 тыһ. туонна дизельнэй уматык кэмчилэниэ.
Айсен Николаев уонна АЛРОСА хампанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов «Мир» алмаас баайдаах сиргэ сир аннынааҕы саҥа руднигы тутар туһунан кэпсэттилэр уонна ол туһунан киэҥ араҥаҕа биллэрдилэр. Манна куттала суох буолууну хааччыйыыга анаан научнай-чинчийэр үлэ ыытыллыбыт.
Ил Дархан «Росгеология» генеральнай дириэктэрэ Сергей Горьковы кытта Саха сиригэр геологическай чинчийэр үлэни сайыннарыы туһунан ырыттылар. Билигин «Росгеология» сир баайдаах алта учаастагы уонна үс ньиэп, гаас учаастагын чинчийэр. Кэнники сылларга аан бастаан тоҕус учаастакка тэҥинэн үлэлиир.
Айсен Николаев «Сахачай» хампаанньаҕа Уһук Илиҥҥэ «Сыл экспортера» бириэмийэни туттарыыга кытынна. Хампаанньа «Тыа хаһаайыстыбатын бэлэм бородууксуйатын экспорга таһаарыы» номинацияҕа иккис миэстэни, оттон хампаанньа салайааччыта Нюргуяна Заморщикова «Бастыҥ экспорга таһаарааччы» номинацияҕа үһүс миэстэни ылла.
Саха сирэ уонна «РусГидро» ПАУо Амма улууһугар энергетика инфраструктуратын сайыннарыыга уонна уотунан бигэтик хааччыйыыга сөбүлэһии түһэристилэр. «Сулҕаччы — Амма» үрдүк күүрүүлээх уот линията, 110 кВ кыамталаах «Амма» подстанцията тутуллуо. Өрөспүүбүлүкэ улуустара күүскэ сайдыыларын энергиянан хааччыйыыга төһүү күүс буолуо диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев «Көдьүүстээх энергетика – экономика и экология балансата» диэн сессияҕа Саха сиригэр 2024 сылга диэри энергетика сайдыытын былааннарын туһунан кэпсээтэ. Саха сиригэр күн күүһүнэн үлэлиир энергетиканы сайыннарыыга дойдуга бөдөҥ бырайыак олоххо киирэр. 2024 сылга диэри 72 дизельнэй ыстаансыйа саҥардыллыа. 30 нэһилиэк хочуолунайын убатыллыбыт айылҕа гааһыгар көһөрүөхтэрэ. 2025 сылга 193,5 Мвт кыамталаах ЯГРЭС-2 иккис уочаратын тутуохтара. Нерюнгритааҕы ГРЭС-кэ 215 МВт кыамталаах икки энергоблогу тутуу быланнанар.
Айсен Николаев «Губернатордар кулууптарын» мунньаҕар Уһук Илин сайдыытыгар инвестиция эрэ буолбакка, саҥа төрүттэр ирдэнэллэрин туһунан эттэ. Суол-иис, социальнай инфраструктура уонна олорор дьиэ тутуута, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү тэтимириэхтээҕин, онуоха түргэтэтэргэ аналлаах методикаларга коэффициеннар туттуллуохтаахтарын туһунан бэлиэтээтэ.
Графенҥа олоҕурбут үрдүк технологиялары оҥорууну Саха сиригэр сайыннарыахтара. Ол туһунан сөбүлэһиигэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Элемент» АУо бэрэсидьиэнэ Илья Иванцов илии баттаатылар. Суперконденсатордары таҥан оҥорууга анаан оборудованиены үбүлүөхтэрэ, саҥа үлэ миэстэтин тэрийиэхтэрэ. ХИФУ-ны кытта хампаанньа бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэни быйылгыттан саҕалыахтара.
Айсен Николаев форумҥа «Үрдүк үөрэх саҥа хаачыстыбата» сессияҕа Саха сирин бастыҥ практикатын Уһук Илиҥҥи уокурукка тарҕатар туһунан эттэ. «Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска» бырайыакка Уһук Илин үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэрэ кыттыылара, экономика саҥа салааларыгар туһуламмыт үөрэтэр бырагыраамаларын кэҥэтии тоҕоостооҕун ыйда. Маны тэҥэ каадыры бэлэмнээһиҥҥэ «Роснефть» хампаанньа «Оскуола-ВУЗ-тэрилтэ» бырагырааматын бэлиэтээтэ.
Балаҕан ыйын 7 күнэ. Дьокуускайга Адаптивнай үөрэх комплексын тутуохтара. Ол туһунан форум үһүс күнүгэр сөбүлэһии түһэрсиигэ Ил Дархан кытынна. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор үөрэнэллэригэр бары усулуобуйа тэриллиэ. Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир үөрэх киинигэр 550 миэстэлээх оскуола, 200 миэстэлээх уһуйаан и 350 миэстэлээх интэринээт баар буолуо. Эбийиэк тутуута 2023 сылга саҕаланыа уонна 2024 сыл бүтүүтэ түмүктэниэ. Арассыыйа Үөрэҕин министиэристибэтин бырайыагын иһинэн 1,3 млрд солкуобай федеральнай субсидия көрүллүбүт.
Айсен Николаев форум «Уһук Илин уонна Арктика – саҥа энергетика территорията» диэн сессияҕа Саха сиригэр олоххо киирэр бырайыактар туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, Уус Куйга тутуллар кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа Арктика сирэ-уота сайдыытыгар, саҥа быраамысыланнас киинэ төрүттэнэригэр сабыдыалын бэлиэтээтэ. Үөһээ Дьааҥыга «Табалаах» күн күүһүнэн үлэлиир энергетика комплекса оҥоһуллан, дизельнэй уматыгы 50% кэмчилээбиттэр. Былаанҥа барыллаан 20-25% этэ.
Айсен Николаев Саха сирэ уонна дойду бөдөҥ IT-хампаанньата – БАРС Груп генетика хайысхатыгар бииргэ үлэлииллэрин туһунан сөбүлэһиигэ илии баттата. Аныгы технологиялары туһанан, наука чинчийиилэрин түмүктэрин практикаҕа туттарга усулуобуйа оҥоһуллуо. Маны тэҥэ телемедицинаны сайыннарыыга, доруобуйа харыстабылыгар искусственнай интеллегы туттууга, каадыр таһымын үрдэтиигэ уо.д.а. хайысхаларга бииргэ үлэлиэхтэрэ.
Саха сирэ уонна Кемерово уобалаһа экономика, эргиэн, наука уонна култуура эйгэтигэр бииргэ үлэлэһиилэрин туһунан сөбүлэҥҥэ эрэгийиэннэр баһылыктара Айсен Николаев уонна Сергей Цивилев илии баттастылар.
Саха сирэ уонна Росбанк ПАУо икки ардыларыгар сөбүлэҥи Ил Дархан Айсен Николаев уонна Росбанк бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Илья Поляков түһэристилэр. Экэниэмикэ уонна социальнай бырайыактарга инвестицияны тардыыга бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.
Арассыыйа Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар министиэристибэтэ, Айылҕа ресурсалпрыгар уонна экологияҕа министиэристибэтэ, «Росатом» уонна Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ арктическай зонатыгар хайа бырамыысыланнаһын сайыннарар туһунан сөбүлэһии түһэристилэр. Усуйаана уонна Дьааҥы улуустарыгар бырамыысалыннас сайдыа. Уус Куйгаҕа, Депутатскайга уонна Хайырга социальнай эбийиэктэр тутуллуохтара, дьиэ-уот саҥардыллыа, хаарбах дьиэлэр көтүрүллүөхтэрэ. 235 млрд солк. инвестиция оҥоһуллуо. 5 111 саҥа үлэ миэстэтэ тэриллиэ.
Саха сиригэр геологическай чинчийэр үлэни үбүлээһини улаатыннарыыы туһунан Айсен Николаев и Роснедра салайааччыта Евгений Петров кэпсэттилэр. Нерюнгрига, Тааттаҕа, Томпоҕо баар хостонор баайдаах сирдэри туһаҕа таһаарыыга лицензия боппуруоһун ырыттылар. Сангаар шахтатын сабыы үлэтин тэрээһиннэригэр, ону кытта сибээстээх баһаары бохсууга тохтоотулар.
Айсен Николаев Саха сиригэр дойду кииниттэн туристарга анаан чартер рейстэрин тэрийии туһунан сөбүлэҥ түһэрсиитигэр кытынна. Ростуризм салайааччыта Зарина Догузова быйыл сэтинньи бүтүүтүттэн чартер оҥоһуллуо диэн эттэ. Туроператор ороскуотун аҥарын субсидиялыахтара.
Аллараа Бэстээхтэн Магадаҥҥа диэри тимир суол саҥа лиинийэтин аҕыс сыл иһигэр тутуохтара. Бырайыагы олоххо киллэрэргэ үс өрүттээх сөбүлэҥҥэ Саха сирэ, Магадан уобалаһа уонна «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа илии баттастылар. «Аллараа Бэстээх — Магадан» тимир суолун тутуу 1600 км усталаах буолар, үс түһүмэҕинэн ыытыллар.«Бу хайысхаҕа тимир суол тутулуннаҕына хоту эрэгийиэннэргэ таһаҕаһы тиэрдии сыаната чэпчиэ уонна сылы эргиччи тиэрдии олохтонуо, Саха сирин 15% олохтооҕо сылы эргиччи тырааныспарга эрэйдэниэ суоҕа, итиэннэ 8 тыһ. тахса үлэ миэстэтэ тэриллиэн сөп, — диэн Ил Дархан эттэ.
Ил Дархан массыыналары гаас оттукка көһөрүүнү субсидиялыыр туһунан этиини дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыны – Бырамыысыланнас уонна эргиэн миниистэрэ Денис Мантуровы кытта көрсүһүүгэ киллэрдэ. Маныаха тырааныспар сыаната үрдээтэҕинэ субсидия кээмэйин улаатыннарарга эттэ.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум пленарнай мунньаҕар кытынна. Кини Уһук Илин эрэгийиэннэрэ Азия, Чуумпу акыйаан дойдуларын кытары тэҥҥэ сайдан иһиэхтээхтэрин санатта. Илиҥҥи форум Уһук Илин эрэгийиэннэргэ ураты суолталааҕын, Арассыыйа Азия, Чуумпу акыйаан кытылын дойдуларын кытары үлэлэһэригэр далаһа буоларын эттэ. Итиэннэ кэлиҥҥи сылларга бу дойдулары кытары үлэлэһии күүһүрбүтүн бэлиэтээтэ.
Бэйэтин этиитигэр Путин Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ болдьоҕун өссө аҕыс сылга уһатарга соруйда. «Бырагыраама көдьүүстээҕин уонна наадалааҕын иһин аччаабыта 2030 сылга диэри уһатарга этии киллэрэбин. Уһун Илин олохтоохторо ону сыаналыахтара диэн эрэнэбин», — диэн Владимир Путин дьиэни атыылаһарга кыра ставкалаах бырагырааманы бэлиэтээн туран эттэ. Бэрэсидьиэн быйыл бу бырагыраама кэҥээбитин санатта. Ипэтиэкэни эдэр дьон эрэ буолбакка, сааһыттан тутулуга суох быраастар уонна педагогтар эмиэ ылалларын эттэ.
VII Илиҥҥи экономическай форум уопсай түмүгүн таһаардахха, барыта сүүстэн тахса тэрээһин ыытылынна. Быйылгы форумҥа 7 тыһ. тахса киһи кытынна, 3,2 трлн солкуобайдаах 296 дуогабар түһэрсилиннэ. Форум биир уратытынан быйыл Арктика, хоту дойду боппуруостарыгар улахан болҕомто уурулунна. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пленарнай мунньахха бэлиэтээн эппитин курдук, бу форум Арассыыйа уонна Азия, Чуумпу акыйаан эрэгийиэнин дойдулара бииргэ үлэлээһиннэригэр сүдү кылааты киллэрэр.
Быйыл Саха сирэ барыта 330 млрд солк. тахса суумалаах 39 дуогабары түһэристэ. Уһук Илин эрэгийиэннэригэр Саха сирэ түһэрсиллибит дуогабардарын ахсаанынан да, уопсай сууматынан да бастакы миэстэҕэ таҕыста. Саха сирин кэнниттэн Забайкалье, Сахалин 148, 117 млрд солкуобайдаах дуогабардары түһэристилэр. Айсен Николаев форум түмүгүн таһаарарыгар: “Инвестиция бырамыысыланнаска эрэ буолбакка, араас эйгэҕэ, тутууттан саҕалаан генетика боппуруостарыгар тиийэ туһуланна. Ол иһигэр “Мииринэй” рудник тутуутугар 120 млрд солкуобай көрүллүннэ. Вице-премьер Юрий Трутнев кыттыылаах биир улахан бырайыакпытыгар дуогабар баттастыбыт. Ол хайа-бырамыысыланнай кластерын сайдыыта. Атомнай энергияны туһанан бу кэлэр сылларга Усуйаана улууһугар биир улахан кластер тутуллуо. Итини таһынан туризм эйгэтигэр дуогабар баттаһылынна. Биһиги дойдубут сиринэн-уотунан да киэҥ, култууратынан, үгэһинэн да баай. Тымныытынан, сылааһынан да үгүс киһини сөхтөрүөн сөп. Саха сирин туризма, саха киинэтин курдук, хайа баҕарар чаҕылхай, бастыҥ буолан тахсыан сөп”, – диэн бэлиэтээн эттэ.
Форум култуурунай бырагыраамата киэҥник барда. Владивостокка өрөспүүбүлүкэбит 100 сылынан Саха сирин уулуссатын үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Ону сэргэ саха киинэтэ Приморье көрөөччүлэрин сэргэхситтэ. Форум чэритинэн “Пути великих свершений” бырайыак “Дойти до края” диэн документальнай киинэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Балаҕан ыйын 8 күнэ. Бу күн РФ энергетикаҕа миниистирэ Николай Шульгинов кэлэн, Саха сиригэр сырыытын Мэҥэ Хаҥаластан саҕалаата. Бүтэйдээх сэлиэнньэтигэр күөх төлөн умайар үөрүүлээх тэрээһинигэр Айсен Николаевтыын кытынна. 2018 сылтан саҕалаан түөрт сыл иһигэр 15,8 км гаас ситимэ тардыллан нэһилиэк аҥара гаастаммыт. Быйыл социальнай гаастааһын бырагырааматынан эбии 14,3 км ситим тардыллан, хаалбыт 220 дьиэҕэ гаас киирдэ. “Владимир Путин гаастааһыны тэтимирдэр дьаһалыгар олоҕуран, быйыл кылгас кэм иһигэр нэһилиэк толору гаастанна. Социальнай гаастааһын бырагырааматынан быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 3 тыһ. кэриҥэ ыал гааска босхо холбонуо. 2030 сылга диэри барыта 11 тыһ. ыал дьиэтигэр күөх төлөн кэлэрэ күүтүллэр”, — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Бу күн Саха сиригэр Ленскэй уонна Нерюнгри оройуоннарыгар икки улахан энергоэбийиэк үлэҕэ киирдэ. Телемост быһыытынан буолбут бэлиэ түгэҥҥэ Николай Шульгинов, Айсен Николаев уонна «Россети» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Андрей Рюмин кытыннылар. Эбийииэктэри тутуу 4,2 млрд солк. үбүлэннэ. Саҥа станциялар бырамыысыланнас эбийиэктэрин уотунан-күөһүнэн бигэтик хааччыйыахтара. «Улахан далааһыннаах үлэ ыытылынна. Бырамыысыланнас сайдыыта энергетическэй хааччыллыыттан быһаччы тутулуктаах. Билигин “Россети” хампаанньа биһиги бырамыысыланнаспыт “энергетикатын каркаһын” тутар. Инникитин атын даҕаны бырамыысыланнай бырайыактарбыт өйөнөллөрүгэр эрэллээхпин», – диэтэ Айсен Николаев.
Николай Шульгинов ыыппыт федеральнай ыстаап мунньаҕар Саха сиригэр Өлүөхүмэттэн ураты бары улуустарга уонна куораттааҕы уокуруктарга оттук сезона саҕаламмытыны иһитиннэрдилэр. Өлүөхүмэҕэ ититии бэнидиэнньиктэн бэриллиэ. Айсен Николаев эппитинэн, улууска чоҕунан оттуллар хочуолунай оннугар ньиэбинэн оттуллар хочуолунай тутуллар, үлэ сотору түмүктэниэхтээх.
Балаҕан ыйын 9 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ сүбэ мунньах ыытта. Бүтэһик нэдиэлэ устата өрөспүүбүлүкэҕэ 12 тыһ. туонна оттообуттар. Уопсайа 342,5 тыһ. туонна соҕотуопкаланан, былаан 77% туолбут. 19,8 тыһ. туонна сиилэс, 5,5 тыһ. туонна сенаж бэлэмнэммит. Билиҥҥитэ 208 мобильнай биригээдэ үлэлиир. Айсен Николаев хаалбыт кэмҥэ тэтими ыһыктыбакка, оттоһун үлэтин күүһүрдэр соругу туруорда.
Эрэгийиэн баһылыга «Сколково» пуонда бырабылыанньатын салайааччыта Игорь Дроздовы кытта көрүстэ. 2019 сылтан Саха сирин технопаарката бу пуонда эрэгийиэннээҕи оператора буолар. Быйыл саас Саха сирэ уонна «Сколково» бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ. «Пуонданы кытта үлэ IT-хайысхаҕа улахан сайдыы олугун уурда. IT-бородууксуйаны оҥорууга Саха сирэ дойдуга 9-с миэстэни ылар», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан. Игорь Дроздов “Саха сирэ Арассыыйаҕа биир IT-киин буоларын, бу Сколкованы кытта ыкса үлэлэһэн, технологиялары сайыннарыыга инники күөҥҥэ сылдьарын бигэргэттэ. Өрүттэр Арктика сайдыытыгар туһуламмыт кэккэ хайысханы дьүүллэстилэр. «Сколково» салайааччыта “Үлэ кыбартаала” креативнай кластер үлэтин өйүөх буолла.
Балаҕан ыйын 10 күнэ. Бу күн Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылын туолла. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга үбүлүөйүнэн Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлииригэр Дьокуускай куорат хас биирдии киһи олоҕор, дьылҕатыгар оруоллааҕын бэлиэтээтэ. Быйылгы үбүлүөй САССР төрүттэммитэ 100 сылын кытта сөп түбэспитэ суолталааҕын эттэ. Автономия олохтонуута куорат наука, үөрэх, култуура киинэ буола сайдарыгар улахан төһүү буолбута. Дьокуускай күн бүгүн Уһук Илин уокурук IT-киининэн биллэр, сайдыыны кытта тэтимнээхтик хаамсар. Кэлиҥҥи сылларга инфраструктураны тупсарыыга хамсааһын барар, саҥа кварталлар, суол-иис, социальнай эбийиэктэр тутуллаллар. Аны уон сылынан Дьокуускай 400 сылын туолуутугар олох хаачыстыбата өссө тупсарыгар Ил Дархан үтүө баҕа санаатын тириэртэ.
Киин куорат үбүлүөйүгэр анаммыт үөрүүлээх мунньах Опера уонна балет тыйаатырыгар буолан ааста. Куорат баһылыга Евгений Григорьев Айсен Николаев Дьокуускай дьаһалтатын салайбыт уон сылын аҕынна. Саҥа оскуолалар, уһуйааннар, балыыһалар тутуллан киирэн барбыттара, суол-иис оҥоһуллубута, өрөспүүбүлүкэ, федеральнай киин көмөтүнэн ГРЭС-2, водозабор үлэҕэ киирбиттэрэ. Киин куораппыт аны уон сылынан өссө сайдыаҕын бэлиэтээтэ. Ол туһугар Ил Дархан Дьокуускай куорат 2032 с. диэри стратегическай сайдыытын туһунан ыйаахха илии баттаабытын санатта. Евгений Григорьев уонна куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов Айсен Николаевка Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина үрдүк аатын иҥэрбиттэрин биллэрдилэр дастабырыанньаны туттардылар. Айсен Сергеевич: «Куорат бочуоттаах олохтооҕун үрдүк аатын сүгүү бу өрөспүүбүлүкэ салайааччытын быһыытынан Дьокуускайы ирбэт тоҥҥо турар бастыҥ куорат оҥорорго улахан эппиэтинэс буолар», — диэн долгуйан туран эттэ.
Ил Дархан Марха микро-оройуоҥҥа олорор элбэх оҕолоох ыалга сырытта. Биэс оҕолоох Елена Тирская уонна кини бииргэ төрөөбүт балта икки оҕотун кытта бары Есенин аатын уулуссаҕа сааххаланар туруктаах чааһынай дьиэҕэ олорбуттара. Саас ахсын дьиэни уу ылара. Быйыл ыам ыйыгар куорат олохтооҕо Татьяна Сергеева Ил Дархаҥҥа бу элбэх оҕолоох ыалга көмөлөһөрү туруорсан тахсыбыта. Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия эрэгийиэннээҕи салаатыгар сорудах биэрбитэ. Сайыҥҥыттан үлэ баран, 7 оҕо уонна икки ийэ саҥа дьиэҕэ көстүлэр. Ил Дархан биэрбит сорудаҕа туолбутун, оҕолор сылаас, сырдык дьиэлэммиттэрин көрдө, кинилэр үөрүүлэрин үллэһиннэ.
Куорат күнүгэр Айсен Николаев Автодорожнай уулуссаҕа саҥа тиэргэн тупсарыллан оҥоһуллан аһыллыбытыгар сырытта. Эрэгийиэн салайааччыта бэлиэтээбитинэн, киин куорат үбүлүөйдээх сылыгар элбэх квартиралаах олорор дьиэлэрдээх 75 тиэргэн саҥардыллыбыт. Бу Юрий Трутнев көҕүлээһининэн Уһук Илиҥҥэ киирэр бырагыраама чэрчитинэн үбүлээһин көрүллэн, тупсарыы үлэтэ барбыт. Дьиэлэр эргин спортивнай уонна оҕо былаһааккалара, ыскамыайкалар, уот-күөс, тротуардар, бордюрдар оҥоһуллубуттар, аспаал тэлэгэммит. Саха сирин үрдүнэн быйыл итинник 124 тиэргэн оҥоһуллуо.
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ