22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев «Томпо-Ас» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин үлэтин көрдө

Фото: Пресс-служба главы и правительства республики
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 26 күнэ. Ил Дархан «ProДФО – Барыта Кыайыы туһугар!» форумҥа кытынна. Уһук Илин эрэгийиэннэригэр ыытыллар тэрээһиҥҥэ бу сырыыга судаарыстыбаннай уорганнар уопсастыбаннаһы уонна көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэри кытта сыһыаннарын боппуруостарын ырыттылар. Кырдьыктаах информацияны тиэрдиигэ суруналыыстартан улахан эппиэтинэс ирдэнэрин уонна онуоха байыаннай кэрэспэдьиэннэр оруоллара улаханын Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Саха сирэ байыаннай кэрэспэдьиэнин ахсаанынан дойдуга инники күөҥҥэ сылдьарын туһунан эттэ. Ил Дархан байыаннай кэрэспэдьиэннэргэ махтанна. Кинилэр миэстэтигэр тиийэн, байыастар анал байыаннай дьайыыга кыттыыларын, Саха сирин тутааччылара Кировскайга хайдах үлэлииллэрин туһунан сонуну тиэрдэллэр.

Бэс ыйын 26 күнэ. Айсен Николаев «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт бэрэсэдьиэнэ Владимир Максимовтыын биир сылынан ыытыллар VIII сайыҥҥы спортивнай оонньууларга бэлэм хаамыытын көрдүлэр. От ыйын 17-20 күннэригэр Дьокуускайга эһиилги күрэхтэһиигэ кыттар дойдулар бэрэстэбиитэллэригэр анаан семинар ыытыллыаҕа. Онно билигиҥҥитэ 11 дойдуттан ситэриилээх былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэргэ сайаапка ыыттылар. Ол иһигэр — Индонезия, Таиланд, Бутан, Узбекистан, Кыргызстан. Итиэннэ дойду федеральнай уокуруктарын хамаандаларын сүрүннүүр дьон кэлиэҕэ. Семинар кыттыылаахтара күрэхтэһии ыытыллар, оҕолор олорор, аһыыр усулуобуйаларын көрүөхтэрэ, бэлэм хайдах барарын билсиэхтэрэ. Билигин успуорт эбийиэктэрэ өрөмүөҥҥэ сабылыннылар. Быйыл 12 эбийиэги саҥардыыга 400 мөл. солк. тахса үп көрүлүннэ.

Бэс ыйын 26 күнэ. Ил Дархан Территориялары сайыннарыы пуондатын дириэктэрэ Андрей Шелковойдыын хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү боппуруоһун ырыттылар. Айсен Николаев пуонданы кытта үлэ тэтимнээхтик барарын бэлиэтээтэ. 2019-2025 сылларга көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ, пуондаттан өрөспүүбүлүкэҕэ 90 млрд солк. кэриҥэ үп киирбит. Бырагыраама уопсай үбүлээһинэ 119 млрд солк. тахса суумаҕа тэҥнэспит. Андрей Шелковый 2017 сыл кэнниттэн саахалланар туруктааҕынан билиниллибит, ол иһин  бырагыраамаҕа киирбэккэ хаалбыт Дьокуускай куорат 17-с түөлбэтигэр баар дьиэлэри көрбүтүн иһитиннэрдэ. Боппуруос быһаарыллыаҕын, территориялары кэлимник сайыннарыы бырайыак чэрчитинэн эрэгийиэҥҥэ кыах бэриллиэҕин туһунан эттэ.

Бэс ыйын 27 күнэ. Айсен Николаев национальнай бырайыактар уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн Дьокуускайга улахан социальнай эбийиэктэр тутууларын хаамыытын суһал ыстаап мунньаҕар көрдө. «ПроШкола» тэрилтэни кытта түһэрсиллибит концессионнай сөбүлэҥ быһыытынан тутуллар үөрэх тэрилтэлэрин, «Хотугу сулус» оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйатын бөҕөргөтөр киини, өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансеры, «Спортивнай» түөлбэ кэлимник сайдыытын олоххо киллэрии дьон олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ суолталааҕын ыйда. Бу социальнай эбийиэктэри тутууну уонна үлэҕэ киллэриини тэтимирдэргэ сорудахтаата. Холобур, онкологическай диспансер тутуутун былаһааккатыгар үлэһит ахсаанын эбэн, мэдиссиинэ тэриллэрин болдьоҕор туруоруохтаахтар, таҥыахтаахтар. «Спортивнай» түөлбэҕэ уһуйаан уонна успуорт комплексын тутуута быйыл атырдьах ыйыгар саҕаланыахтаах.

Бэс ыйын 27 күнэ. «Сбербаан» ПАУо Саха сиригэр былаас уорганнарын үлэтигэр искусственнай интеллеги киллэрии технологияларын туһунан дизайн-сессия ыытта. Ил Дархан бу тэрээһин уонна күһүн аһыллыахтаах программирование «21 оскуолата» аныгы технологияларга туһуламмыт Сберы, салайааччыта Герман Грефы кытта уһун болдьоххо бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн ыытылларын бэлиэтээтэ. Онуоха соторутааҕыта Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа информационнай технологиялары сайыннарыыга сөбүлэҥ түһэрсибиттэрин санатта. Айсен Николаев искусственнай интеллегинэн төһөнөн түргэнник салайа үөрэнэбит, бары хайысхаҕа киллэрэбит да, оччонон дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга көдьүүстээх буолуоҕа диэн эттэ. Холобур, мэдиссиинэҕэ «Сайберия» хампаанньа ыарыыны диагностикалыырга аналлаах бырагыраамата номнуо атын эрэгийиэннэргэ эмиэ олоххо киирэр.

Бэс ыйын 27 күнэ. Айсен Николаев «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда эрэгийиэннээҕи филиалын үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Анал кэбиниэттэри көрдө, көмө ыла кэлбит байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна байыастар дьоннорун, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ. Пуонда үлэһиттэрин байыаннай дьайыыга командировкаҕа тиийэн, биир дойдулаахтарбыт хайдах усулуобуйаҕа сорудахтарын толороллорун, туох боппуруостар кинилэргэ үөскүүллэрин миэстэтигэр билсэргэ сүбэлээтэ. Пуонда эрэгийиэннээҕи филиалыгар дойду судаарыстыбаннай наҕараадаларын байыастарга туттарар үгэһи олохтуурга эттэ. Ил Дархан байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх Родион Габышевка «Хорсунун иһин» мэтээли  туттарда.

Бэс ыйын 27 күнэ. Ил Дархан Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна «Арассыыйа тимир суоллара» хампаанньа икки ардыгар сөбүлэҥ чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллубут бородууксуйаны тиэйии былаанын толоруу хаамыытын көрдө.  Ол курдук, 26 мөл. туонна таас чоҕу Азия-Тиихэй  акыйаан ырыынагар экспорга таһаарарга былаанныыллар. Бастакы кыбаарталга 6,1 мөл. туоннаны тиэйбиттэр. Баһыйар өттүн 4,4 мөл. туоннаны «Эльгауголь» хампаанньаттан. «Якутуголь», «Долгучана», «Право-Кабактинский Разрез» уонна «Колмар» чоҕу хостооччулартан тиэйиини тэтимирдэргэ этилиннэ.

Бэс ыйын 27 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга тутулла турар эбийиэктэргэ үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. 26 №-дээх оскуола салҕааһынын тутууну, Поярков уулуссаҕа өрөмүөн барар учаастагын, Лермонтова уулусса 60 №-дээх дьиэтин тупсарыллар тиэргэнин көрдө. Оскуола салҕааһынын тутуута былаан быһыытынан барар, үлэ 28% оҥоһуллубут. Поярков уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөн 30% бүппүт. Дзержинскай уулуссаттан Курашовка тиийэ суол үөһээ бүрүөһүнүн уурбуттар, Курашовтан Киров уулусатыгар тиийэ бордюр оҥоһуллар. Лермонтова уулусса 60 №-дээх дьиэтин тиэргэнигэр тротуары, урукку оҕо былааһааккатын көтүрбүттэр.

Бэс ыйын 27 күнэ. Ил Дарахн улуустар хаһыаттарын кылаабынай эрэдээктэрдэрин кытта көрүстэ, боппуруостарыгар эппиэттээтэ. Ол курдук, оҕону идэҕэ туһаайыыга, ыччат идэни баһылыырыгар кэми кытта тэҥҥэ хардыылыырга инникигэ уларыйыылары билгэлээһин биир сорук буолар. Холобур, информационнай технологияларга уонна креативнай индустрияларга өрөспүүбүлүкэ ситиһиилэрин чиҥэтэр туһугар. Көрсүһүүгэ гаастааһын, энергетика эбийиэктэрин тутуу, Арктика сайдыытын, Олонхо дьиэлэрин тиһигин сайыннарыы уонна атын боппуруостар тула кэпсэттилэр.

Бэс ыйын 28 күнэ. Айсен Николаев «Судургу тылынан» подкаһын саҥа таһаарыытын тыа хаһаайыстыбатыгар анаата. «Улахан үүт» кэмэ саҕаламмыта экономикаҕа төһүү күүс буолара этилиннэ. Ыам, мэччирэҥ, сайылык боппуруостарыгар тохтоото. Салааны өйөөһүн туһунан кэпсээтэ.

Бэс ыйын 28 күнэ. Ил Дархан Кэбээйи улууһугар оробуочай сырыытыгар Сангаарга саҥа аэровокзал үлэҕэ киириитин тэрээһинигэр кытынна. Эбийиэк тутуута Саха сирин аэропортарын саҥардыы бырагырааматын чэрчитинэн 2021 сыл олунньутуттан саҕаламмыта. Урукку кыра мас аэропорт дьиэтэ хаарбах туруктааҕынан өссө 2000 сыллар саҕаланыыларыгар ааҕыллыбыт. Саҥа үс мэндиэмэннээх дьиэҕэ пассажирды үрдүк хаачыстыбалаах өҥөлөрүнэн хааччыйыахтаахтарын туһунан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Ил Дархан Сиэгэн Күөл сэлиэнньэтигэр 4G стандартаах суотабай сибээһи киллэрии сиэригэр-туомугар кытынна. «Ростелеком» хампаанньа маннык базовай ыстаансыйалары Саха сирин 14 дьоҕус нэһилиэнньэлээх пуунугар киллэрдэ. Бу сыл бүтүөр диэри өссө 14 кыра нэһилиэккэ мобильнай сибээс киллэриллиэҕэ.

Айсен Николаев Кэбээйи улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар мунньах ыытта. Ил Дархан Сангаарга балыыһа комплексын тутуу инники күөҥҥэ туруохтааҕын бэлиэтээтэ. Бырайыактыыр-смета докумуона бигэргэнэ илигэ этилиннэ. Сайылыкка уонна Сииттэҕэ уһуйаан тутуута урут быһаарыллара бэлиэтэннэ Чагдаҕа уонна Тыайаҕа оскуола-уһуйаан тутуута 2025-2026 сылларга былааннанар. Сангаарга успуорт саалатын тутуу Ил Дархан улууска сырыытын түмүгүнэн сорудахтарга киириэҕэ. Тыа хаһаайыстыбатын министэристибэтигэр сири оҥоруу үлэтин уонна куурдуу ханаалларын өрөмүөннээһини хонтуруолга ыларга ыйылынна. Энергиянан хааччыйыыны тупсарыыга араас барыйааны көрөргө уонна туспа мунньах ыытарга туһааннаах министиэристибэҕэ сорудах бэрилиннэ.

Айсен Николаев Сиэгэн Күөлгэ мобилизациламмыт байыас ийэтэ Прасковья Бугаеваны кытта көрүстэ. Василий — ыал үһүс уола. Биир кэмнээх төлөбүрү дьиэ кэргэн ылбыт. Оттон хамнаһын ыларыгар баан каартатын сүтэрбитин чөлүгэр түһэрэргэ бэйэтэ баар буолара ирдэнэрин туһунан ийэтэ эттэ. Ил Дархан боппуруоһу быһаарарга туох да харгыс суох буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Бэс ыйын 29 күнэ. Ил Дархан медиа-акселераторга судаарыстыбаннай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалар — «Сахабэчээт», «Саха» НКИХ, «Сахамедиа», «Ил Түмэн», «Кэскил» үөрэтиини ааһан, сыыппара бырайыактарын олоххо киллэрбиттэрин түмүгүн көрдө уонна барыларын өйүүрүн туһунан эттэ. Матырыйаалларын көрүү, ааҕыы ахсаана лаппа эбиллибитин, ол эрээри уоскуйбакка, хас эмэ төгүл элбэтэргэ үлэлииргэ ыйда.

Бэс ыйын 29 күнэ. Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» эрэгийиэннээҕи салаатын кэмпириэнсийэтигэр кытынна. Кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн балаҕан ыйын 10 күнүгэр буолуохтаах Ил Түмэн быыбарыгар хандьыдааттары быһаардылар. Баартыйа эрэгийиэннээҕи салаатын сэкирэтээрэ Айсен Николаев Саха сирэ бүгүн бүтүн Арассыыйаны кытта уустук кэмнэри ааһан эрэрин, маннык кэмнэргэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» норуоту сомоҕолуур күүс буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Бэс ыйын 29 күнэ. Айсен Николаев «Саха сирэ, инники диэки!» биэриигэ «Саха сирэ 24», «Саха» НКИХ ханаалларга, «Тэтим» араадьыйаҕа бэс ыйын түмүктэрин кэпсээтэ. Саха сирин олохтоохторугар биэс сыл анараа өттүгэр төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбитин салайары итэҕэйбиттэрин иһин махтанна. Ити уустук, пандемия, ойуур баһаардарын, арҕаа дойдулар санкцияларын сылларын, ыарахаттартан чаҕыйбака, бары бииргэ ааһан кэллибит уонна ааһабыт диэн эттэ. «Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбатах, дойдуга биир тэтимнээхтик сайдар эрэгийиэн буолабыт. Төһө баҕарар өр экэниэмикэҕэ, социальнай эйгэҕэ ситиһиилэр, тутуллубут 274 улахан эбийиэк туһунан кэпсиэххэ сөп эрээри, ол сүрүн көдьүүһэ – Саха сиригэр дьон олоҕо уһаата уонна олохторо тупсар, нэһилиэнньэ ахсаана элбээтэ, ол туһунан миигин кытта көрсөрүгэр дойду Бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээбитэ», — диэн Айсен Николаев эттэ.  Ити салгыы үлэлииргэ көҕүлүүр уонна сөптөөх суолунан баран иһэрбитин туоһулуур, мин элбэх омуктаах норуот иннигэр өрөспүүбүлүкэ сайдыытын иһин эппиэтинэһи сүгэбин диэтэ Ил Дархан.

 Бэс ыйын 29 күнэ. Айсен Николаев Саха сирттэн дойду Уопсастыбаннай палаататыгар чилиэн Наталья Кашперскаяны кытта патриотизмҥа иитэр уонна дьону сомоҕолуур бырайыактар тустарынан кэпсэттилэр. Саҥа телекоммуникация бырайыагар хас биирдии Саха сирин олохтооҕо өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрэр кылаатын туһунан кэпсиэн сөп. Ил Дархан бу бырайыагы өйөөтө.

Бэс ыйын 30 күнэ. Томпо улууһугар «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Дьааҥы» эрэгийиэннээҕи массыына суолугар Мөҥкүлэ өрүһү туоруур 900 м уһуннаах муоста тутуллуохтаах болдьоҕун түөрт ый иннинэ үлэҕэ киирдэ. Айсен Николаев муоста тутуллуута Томпо улууһугар эрэ буолбакка, дойду хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр суолталааҕын туһунан эттэ. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники биэс сылга тутуллубут 48-с муоста буолар.

Салгыы Айсен Николаев Хаандыгаҕа саҥа аэропорт дьиэтэ тутуллан, үлэҕэ киирэр тэрээһинигэр мустубут дьону эҕэрдэлээтэ. Үс мэндиэмэннээх киэҥ-куоҥ дьиэҕэ айанныыр дьоҥҥо, үлэһиттэргэ бары усулуобуйа тэриллибит. Өссө 10 массыына миэстэлээх гараж, хонтуруоллуур-аһардар пуун, олбуор онна да атын инфраструктура оҥоһуллубут.

Бу күн Ил Дархан Томпо улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар аналлаах мунньаҕы ыытта. Эргэрбит үс хочуолунай оннугар биири тутууну хонтуруолга ыларга туһааннаах министиэристибэҕэ сорудахтаата. Дьабарыкы Хайаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр инженернай ситимнэрэ эргэрбитинэн, өрөмүөн оҥоруу боппруоһун быһаарарга этилиннэ. Теплай Ключ нэһилиэгин бүддьүөтүгэр үп тиийбэтин оробуочай бэрээдэк быһыытынан көрөргө Үп министиэристибэтигэр ыйылынна. Тыа хаһаайыстыбын сайдыытыгар көмө оҥоруу туһунан этилиннэ. Айсен Николаев Кириэс Халдьаайыга успуорт саалатын тутууну балаҕан ыйыгар диэри саҕалыырга дьаһал биэрдэ.

Салгыы Ил Дархан «Томпо-Ас» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин үлэтин кытта билистэ. Кэпэрэтиип ааспыт сыл сэтинньититтэн тэриллэн, олохтоох аһы-үөлү оҥоруу саҕаланан эрэр. Айсен Николаев чугастааҕы сылларга манна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын хаачыстыбатын саҥа таһымҥа таһаарарга сорук турарын бэлиэтээтэ. Ил Дархан хаһаайыстыба оҥорон таһаарар эбийиэгин көрөн баран кэпэрэтиип салалтата туруорсар боппуруостарын быһаарарга өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сорудах биэрдэ.

От ыйын 1 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Өймөкөөн улууһугар ыытыллар 16-с Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ. Кини урукку өттүгэр Олоҥхо ыһыаҕа хотугу улуустартан Үөһээ Дьааҥыга ыытыллыбытын аҕынна. Быйылгы ыһыаҕы Тымныы полюһунан аатырбыт, суон сураҕырбыт Өймөкөөн улууһугар ыытыы дьоһун суолталааҕын бэлиэтээтэ. Бу маннык киэҥ хабааннаах тэрээһин улуустарбытын социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайыннарарга уонна ураты үгэстээх култуурабытын чөл хаалларарга төһүү буоларын санатта.

«Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэбитигэр төрүт култуураны өйүүргэ судаарыстыба өттүттэн улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, Олоҥхо дьиэлэрин кэлим тиһигэ тэрилиннэ. Былырыын Олоҥхо күнүгэр олоҥхоһуттарга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар Ил Дархан ыйдааҕы истипиэндьийэлэрэ аан бастаан туттарыллыбыттара. Оттон быйылгыттан Саха сирин норуотун маастардарыгар истипиэндьийэлэр олохтоннулар. Онон Олоҥхобут ыһыаҕар төрүт култуурабытын үйэтитээччилэрбит бу күҥҥэ туох-ханнык ситиһиилээхтэрин илэ-чахчы көрүөхпүт. Сүрүн түһүлгэҕэ Саха сирин бастыҥ олоҥхоһуттара түмсүөхтэрэ. Ол онно дуулаҕа бухатыырдар хорсун быһыыларын, сырдык уонна хараҥа күүстэр киирсиилэрин, үтүө мэлдьи кыайарын туһунан хатыламмат устуоруйалары истиэхпит, бу билиҥҥи судургута суох кэмҥэ сүргэбитин көтөҕүөҕэ, куппутун-сүрбүтүн бөҕөргөтүөҕэ. Күн бүгүн Сахабыт сирин боотурдара төрөөбүт дойдубутун – Улуу Арассыыйаны көмүскүү сылдьаллар. Онуоха биһиги кыайыахпыт диэн эрэнэбит. Олоҥхо ыһыаҕын алгыһа биһиги буойуттарбытыгар тиийдин, уҕараабат күүһү, энчирээбэт эрчими эптин!» -– диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.

От ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев Национальнай бэчээт күнүнэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, бу эйгэҕэ үлэлээччилэри уонна бэтэрээннэри эҕэрдэлээтэ.

«Национальнай бэчээттээх буоламмыт хаһыаты, кинигэни төрөөбүт тылбытынан ааҕар, тэлэбиисэринэн, араадьыйанан биэриилэри эмиэ төрөөбүт тылбытынан көрөр-истэр кыахтаахпыт. Бу барыта национальнай суруналыыстыка олугун уурбут национальнай бэчээттэн саҕаламмыта. Бүгүн сахалыы тылынан хаһыат – «Саха дойдута» бастакы нүөмэрэ тахсыбыта 116 сылын туолла. Национальнай литературабыт бастакы айымньылара бу хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбыттара. Бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр 30 хаһыат, 3 сурунаал саха тылынан тахсар. Ону таһынан «Илкэн» диэн Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын хаһыата тахсар. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар төрөөбүт тылларынан тахсыбыт хаһыаты тутан ааҕар ураты долгутуулаах, төрөөбүт дойдуларын кытары быстыбат ситим туоһута буолан, ыарахаттары туоруулларыгар күүс-көмө буолар. Биһиги таһаарыыларбыт аныгы сыыппара кэмин кытта тэҥҥэ сайдан, интернет куйаарыгар төрөөбүт тылынан иһитиннэрэр портааллар тэрилиннилэр. Тыллары сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраамабыт үбүлэниитэ быйыл икки төгүл улаатыннарыллан, 100 мөл. солк. тэҥнэстэ. Төрөөбүт тылбытынан тахсар хаһыаттары, кинигэлэри ааҕыҥ, биэриилэри көрүҥ, истиҥ. Оҕолоргутун, сиэннэргитин онно уһуйуҥ. Ол буолуоҕа төрүт култуурабытын өйүүргэ, төрөөбүт тылбытын, төрүт үгэспитин чөл хаалларарга тус кылааккыт», – диэн Ил Дархан бар дьоҥҥо туһаайда.

От ыйын 1 күнэ. Саха сиригэр бэлиэтэнэр Бойобуой дьайыылар бэтээрээннэрин күнүнэн Ил Дархан эҕэрдэлээтэ. Эҕэрдэҕэ этиллэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай дьайыыларга, локальнай сэриилэргэ кыттыбыт 3 751  киһи баар. Кинилэр ахсааннара эбиллэр. Бэтэрээннэртэн үгүстэрэ бу уустук кэм тирээбитигэр, дойдубут көҥүл олоҕун иһин туруулаһарыгар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн бойобуой этэрээттэргэ киирдилэр, РФ байыаннай күүстэрин кэккэтитигэр сылдьаллар, инструктор быһыытынан көмөлөһөллөр, байыаннай-патриотическай үлэни киэҥник ыыталлар, аныгы көлүөнэҕэ настаабынньык буолаллар. Биһиги уопсастыбабыт ытык иэһэ – хас биирдиилэрин саныахтаахпыт уонна көмө оҥоруохтаахпыт. Билиҥҥитэ эрэгийиэҥҥэ 19 араас өйөбүл миэрэтэ оҥоһуллар, ол иһигэр доруобуйаны, социальнай өттүнэн чөлүгэр түһэрии, үлэни булууга, идэҕэ үөрэтиигэ көмөлөһүү, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар чэпчэтиини көрүү. Саха сиригэр «Аҕа дойдуну көмүскээччи» судаарыстыбаннай фонда өрөспүүбүлүкэтээҕи салаата аһыллан үлэлиир. Айсен Николаев байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарыгар хорсун санааларын,  сулууспаларын иһин махтанна, кытаанах доруобуйаны баҕарда.

От ыйын 1-2 күнэ. Өймөкөөн улууһугар Томтор нэһилиэгэр «Көмүс күрүө» этнокомплекска XVI-c Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Үгэс быһыытынан киирии ааркаҕа хас биирдии ыалдьыты арчылыыр сиэринэн-туомунан көрүстүлэр. Ил Дархана Айсен Николаев Олоҥхо Ыһыаҕын Ытык Дуоҕатын күөрэччи көтөҕөн, бар дьонун истиҥник эҕэрдэлээн тыл эттэ.

«Биһиги олоҥхобутугар саха олоҕун философията барыта баар, билигин Арассыыйа көмүскэлигэр сылдьар уолаттарбыт бүгүн этиллибит алгыс көмөтүнэн дойдуларыгар чөл туруктаах, этэҥҥэ эргилининнэр. Бүгүн Томторго буола турар ыһыах сүрдээх уратылаах. Саха сирин, Өймөкөөн дьоно-сэргэтэ хайдахтаах курдук олоххо тардыһалларын, айылҕаны кытта биир ситим буолан олороллорун көрдөрөр. Ис сүрэхпиттэн махтаныам этэ: ырааҕы ыраах диэбэккэ, ыараханы ыарахан диэбэккэ ыһыаҕы тэрийбит бар дьоммор», — диэн Айсен Николаев эҕэрдэтин тириэртэ.

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ, Олоҥхо ыһыаҕын режиссерэ Андрей Борисов, олоҥхоһуттар Дмитрий Тихонов, Василий Иванов-Чиллэ Баһылай, Валентин Исаков, Никандр Тимофеев уо.д.а., Өймөкөөн улууһун бочуоттаах гражданина, сылгыһыт Дугуйдаан Винокуров уонна сахалартан бастакынан Эверест чыпчаалын дабайбыт Евгений Кривошапкин кыттыыны ыллылар.

Олоҥхо тыйаатырын артыыстара «Дугуйа Бөҕө» олоҥхонон театрализованнай туруорууну көрдөрдүлэр. Өймөкөөн дьоно-сэргэтэ, ыһыах ыалдьыттара 1 гильдиялаах атыыһыт, меценат Николай Кривошапкиҥҥа, саха литературатын төрүттээччи Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө, кини ытык сэргэтигэр, Өймөкөөн сирин дьиктилээх күүһүн — барытын түмэр сиргэ сүгүрүйэ муһуннулар. Өймөкөөн саха төрүт дьарыгын сылгыны иитии дойдута буоларынан, ыһыахха Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйүү, сылгыны иитии ураты култуурата көһүннэ.

Олоҥхо ыһыаҕар уопсайа култуураҕа 80-тан тахса тэрээһин, 20 куонкурус, успуорка 15 күрэхтэһии ыытыллар. Олоҥхоһуттар, оһуохай тылын этээччилэр, уустар, хомусчуттар, норуот уус-уран айымньытын жанрдарын толорооччулар, норуот уус-уран оҥоһуктарын маастардарын ортолоругар кыайыылаахтар – төрүт култуурабытын бастыҥ үйэтитээччилэр быһаарылыннылар.  Олоҥхо ыһыаҕар ат симэҕин көрдөрүү ыытылынна. Бу иннинэ 2015 сыллаахха Чурапчыга Олоҥхо ыһыаҕар, онтон Алтайга, Тываҕа, Казахстаҥҥа, быйыл Өймөкөөҥҥө буолла. Өймөкөөҥҥө Алтайтан, Тываттан — үс уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 10-тан тахса маастар кэлэн аттарын симэҕин көрдөрдө. Саха сирин, Өймөкөөн аттарын симэҕин түһүлгэҕэ Айсен Николаев кэлэн көрдө-иһиттэ. Кини Дугуйдаан Винокуровтыын, Алтай, Тыва маастардарын кытары көрүстэ.

Кылаан бириистэр туттарылыннылар: Хомус күрэҕэр — Эдуард Тарабукиҥҥа (Таатта улууһа) 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт;
Оһуохайга — Каролина Харлампьеваҕа (Бүлүү улууһа) 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт; Олоҥхоҕо  — эдэр дьоҥҥо Марфа Аммосоваҕа (Мэҥэ Хаҥалас) 300 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээт; улахан дьоҥҥо Алексей Николаевка (Таатта улууһа) 700 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээт. Олоҥхоҕо Кылаан кыайыылаах Алексей Николаев наҕараадаламмыттар  ааттарыттан эҕэрдэтин тойугунан тириэртэ.

Ыһыах Ытык дуоҕатын Өймөкөөн улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Александр Иванов эһиил Олоҥхо 17-с  ыһыаҕа ыытыллар Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмиҥҥа туттарда. Амматтан кэлбит 56 киһилээх дэлэгээссийэ сэлэлии хаамыста. Ыһыах ыалдьыттара, Өймөкөөн олохтоохторо, кыттааччылар Олоҥхо ыһыаҕын оһуохайынан түмүктээтилэр. Тымныы оройугар ыытыллыбыт ыһыахха ыраахтан-чугастан 5 тыһыынчаттан тахса киһи түмүстэ. Ыһыах театрализованнай дьүһүйүүтүгэр барыта 800 киһи, ол иһигэр Олоҥхо, С.Зверев аатынан Үҥкүү национальнай, Үүнэр көлүөнэ уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдара, «Эрэл» норуодунай үҥкүү ансаамбыла, Өймөкөөн нэһилиэктэрин олохтоохторо кытыннылар. Улуус  киинигэр буолбакка, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа аан бастакынан ыытыллыбытынан Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһиннэрин тыһыынчанан киһи «Саха» НКИК быһа биэриилэригэр көрдө.

От ыйын 2 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Өлүөнэ эбэбит күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.  «Былыргы дьыллартан саҕалаан Өлүөнэ эбэбит дьону-сэргэни аһатан-маанылаан баччаҕа диэри кэллэ.  Суол биир сүрүн хорук тымырынан буолар, хотугу таһаҕас үгүс өттө Өлүөнэ эбэнэн тиэрдиллэр. Өлүөнэ эбэбит ураты өрүһүнэн биллэр, сураҕырар, ирбэт тоҥ сиринэн-уотунан нэлэһийэ устар  биһиги баайбытын кэлэр көлүөнэҕэ анаан харыстыах, араҥаччылыах тустаахпыт. Эбэбит барыбытын ураты кыраһыабай көстүүтүнэн үйэлэргэ үөрдэ турдун, биһиги кининэн киэн туттуубут хаһан да уҕараабатын!», -– диэн Ил Дархан бэлиэтиир.

От ыйын 2 күнэ. РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев бу күн Дьокуускайга оробуочай сырыытыгар Бэргэн ытыы киинин үлэтин кытта билистэ. Полигоҥҥа вице-премьер Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын Айсен Николаевы кытта сырытта.

«Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сирэ чулуу снайпердарынан уонна ытааччыларынна аатырбыта, Саха сириттэн 25 киһи Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа буолбута. 400 өстөөҕү сууһарбыт Федор Охлопков номоххо киирбитэ. Киин Уһук Илиҥҥэ бүттүүнүгэр уонна Арассыыйа атын эрэгийиэнигэр үлэлиэҕэ. Оттон бу киини Арассыыйа Федерациятын Дьоруойа Александр Колесов салайбыта олус сөптөөх. Кини кыайыыга туох ирдэнэрин чопчу билэр. Байыаннай дьайыы хайдах баран иһэрин бэйэтин  этинэн-хаанынан билбит киһи», — диэтэ Юрий Трутнев.

Бэргэн ытыыга бэлэмниир киини тутуу 2022 сыл ахсынньыга Юрий Трутнев сорудаҕынан саҕаламмыта. Эбийиэги арыйыыга байыаннай дьайыыга кыттар анал подразделениелар хамандыырдара – тактическай уонна бойобуой снайпиҥҥа сүрүн исписэлиистэр кытыннылар. Үөрэтэр-эрчийэр полигон иэнэ 400 гектрга тэҥнэһэр. Үөрэтэр кииҥҥэ байыаннай дьыаланы кытта билсэр үөрэнээччилэри, байыаннай эпэрээссийэ бара турар сириттэн ыытыллыбыт байыаннай сулууспалаахтар бөлөхтөрүн таһымнарын уонна дьоҕурдарын үрдэтэргэ үлэлиэхтэрэ. Манна көннөрү дьон, силовой структуралар уонна идэтийбит тэрилтэлэр үлэһиттэрэ сааны-сэби кытта сэрэхтээхтик туттарга, чугастан уона ыраахтан ытыы дьоҕурдарыгар үөрэниэхтэрэ.

Санатан эттэххэ, дойду 12 эрэгийиэнигэр быйыл ыам ыйыгар “Воин” байыаннай-спортинай бэлэмнэнии уонна ыччаты патриоттуу иитии киинин эрэгийиэннээҕи филиаллара үлэлэрин саҕалаабыттара. Саха сиригэр билиҥҥитэ итинник киин суох, ол эрээри Дьокуускайга үөрэтэр-эрчийэр киин дойдуга тэриллэр байыаннай-патриоттуу бэлэмнээһин ситимигэр биирдэстэринэн буолуоҕа.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Номнуо сайыммыт бастакы ыйа — бэс ыйа ааһан, тулабыт силигилээн, өҥүрүк куйаастар үүннүлэр. Буһан-хатан, үлэ-түбүк быыһыгар дуоһуйа сөтүөлээн, айылҕалыын алтыһан, сайын үтүөтүн билиэҕин!

 Афанасий Ноев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА