22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев Саха сирэ орто анал үөрэҕин саҥардыыга бырайыагын киэҥ дьүүлгэ таһаарда

14:01, 01 июня 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 25 күнүгэр РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин «Үөрэхтээһин» хайысхаҕа хамыыһыйатын оробуочай бөлөҕүн бастакы мунньаҕа буолла. Саха сирин баһылыга «Орто анал үөрэхтээһин» хайысха оробуочай бөлөҕүн салайааччыта буоларынан, мунньаҕы салайан ыытта. Манна губернатордар, федеральнай министиэристибэлэр салайааччылара, учуонайдар, экспертэр, бизнес бэрэстэбиитэллэрэ орто анал үөрэхтээһин сайдыытын уонна үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев 2021 сылга регионнар киллэрбит этиилэриттэн таҥыллыбыт үлэ былаанын билиһиннэрдэ. Ол онно кини Саха сирэ орто анал үөрэхтээһин тиһигин саҥардыыга бырайыагын кэпсээтэ.


Ыам ыйын 24 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Кини вакцинанан нэһилиэнньэни хабыы, чуолаан тэрилтэлэргэ намыһаҕын бэлиэтээтэ. Ил Дархан быһыыны биэрии тэтимин түргэтэтэргэ сорудахтаата. Мунньахха этиллибитинэн,  ыараханнык ыалдьыбыт киһи ахсаана эбиллэр. Ол иһин ОРВИ бастакы сибикитэ билиннэ да, медицина көмөтүнэн туһаналларыгар ыҥырда. Бүгүҥҥү күҥҥэ вакцинаны 289 пууҥҥа биэрэллэр, итиэннэ 157 биригээдэ үлэлиир. Оҕолор ыалдьыылара арыый намтаабыт, ол оннугар эдэр уонна орто саастаах дьон ыалдьара элбиир. Мунньахха болҕомтону сайыҥҥы оҕо лааҕырдарыгар үлэлиэхтээх дьону 100% вакцинациянан хабарга туһаайылынна. Дьокуускайга уонна кэккэ улууска эпидемиологическай балаһыанньаттан тутулуктанан, оскуола лааҕырдара онлайн үлэлиэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ хонуктаах лааҕырдар олоҕурбут эрэсииминэн аһыллыахтара, онтон Дьокуускай таһынааҕы лааҕырдарга ПЦР анаалыһын түмүгүнэн оҕолору сырытыннарыахтара. Биир симиэнэҕэ үс нэдиэлэ устата сабыылаах эрэсииминэн, ханнык даҕаны тэрээһиҥҥэ барыыта-кэлиитэ суох үлэлиэҕэ.

Ыам ыйын 25 күнүгэр РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин «Үөрэхтээһин» хайысхаҕа хамыыһыйатын оробуочай бөлөҕүн бастакы мунньаҕа буолла. Саха сирин баһылыга «Орто анал үөрэхтээһин» хайысха оробуочай бөлөҕүн салайааччыта буоларынан, мунньаҕы салайан ыытта. Манна губернатордар, федеральнай министиэристибэлэр салайааччылара, учуонайдар, экспертэр, бизнес бэрэстэбиитэллэрэ орто анал үөрэхтээһин сайдыытын уонна үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев 2021 сылга регионнар киллэрбит этиилэриттэн таҥыллыбыт үлэ былаанын билиһиннэрдэ. Ол онно кини Саха сирэ орто анал үөрэхтээһин тиһигин саҥардыыга бырайыагын кэпсээтэ. Саха сиригэр бырамыысалыннаска хамсааһын барарынан бэлэмнээх каадырга улахан наадыйыы баарын ыйда. Маны таһынан креативнай индустрияҕа болҕомто ууруллар. 2027 сылга диэри каадырга наадыйыы үс бүк улаатыаҕа, сыллата 27 тыһ. специалистка наадыйыы үөскүөҕэ. Саха сиригэр орто үөрэх кыһаларыгар Суперкампус тэриллиэҕэ. Кэлэр мунньахха оробуочай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ аан дойду бастыҥ уопутун, технологиятын кэпсэтиэхтэрэ. Мунньах кыттыылаахтара Айсен Николаев билиһиннэрбит былаанын өйөөтүлэр уонна ылыннылар.

Ыам ыйын 25 күнүгэр Ил Дархан улуустар уонна куораттааҕы уокуруктар баһылыктарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап уочараттаах мунньаҕын ыытта. Регион салайааччыта өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологическай быһыы-майгы уустугун, дьаҥҥа сутуллуу ахсаана элбии турарын эттэ. Ыарахан туруктаах ыарыһах ахсаана аҕыйаабат. Ыраах сытар хотугу улуустарга дьаҥ тиийбитэ билиннэ. Онон Айсен Николаев судаарыстыбаннай былаас, олохтоох салайыныы уорганнарыгар маассабай вакцинацияны хааччыйар соругу туруорда. Бастатан туран, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ вакцинаны ылыахтаахтар, чуолаан оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын хааччыйар үлэһиттэр итиэннэ өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах улахан тэрээһиннэри тэрийээччилэр, кыттааччылар. «Манчаары оонньуулара» уонна Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаахтарынан, Өлүөхүмэ, Горнай улуустарын салалтатыгар улахан ирдэбил туруорулунна. Түмүккэ Ил Дархан  баһылыктарга вакцинацияҕа эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһалларыгар ыҥырда.

Ыам ыйын 25 күнүгэр Айсен Николаев 2021-2024 сылларга  өрөспүүбүлүкэҕэ суол хаһаайыстыбатын бырагырааматын бырайыагын көрдө. Бэс ыйын 3 күнүгэр Росавтодор былаһааккатыгар бу  бырайыак көмүскэниэхтээх. Ил Дархан айан суолун оҥоһуллуута өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүрүн оруоллааҕын бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, РФ Бырабыыталыстыбата уонна Росавтодор быһаарыыларынан суол хаһаайыстыбатын бары хайысхаларын үлэлэрин таһымнара үрдээбит. «Сүүһүнэн килэмиэтирдээх суол оҥоһуллар. Суол хаачыстыбалаахтык  оҥоһуллуутун ирдиэхтээхпит», — диэн Ил Дархан эбэн эттэ. Оҥоһуллубут бырайыагынан 2021-2024 сылларга 2 223 км уһуннаах суол тупсара былааҥҥа киирбит. Соругу толорорго уопсайа 194 млрд солк. үп ирдэнэр. Бу далааһыннаах бырайыак чэрчитинэн Бүлүүгэ, Ааллаах Үүҥҥэ, Чуоналыырга, Нүүйэҕэ, Хатыҥ Үрэххэ, Мөҥкүлэҕэ муоста тутуллуоҕа. Улахан үлэ Дьокуускайга былааннанар, 2024 сылга диэри 156 км суол тутуллуоҕа. Мунньах түмүгэр суол оҥорор былааны сөптөөҕүнэн аахтылар, Ил Дархан Росавтодорга бу барылы ситиһиилээхтик көмүскүүр соругу туруорда.

Ыам ыйын 26 күнүгэр Айсен Николаев М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Кэтээн көрөр сэбиэтин мунньаҕар кыттан,  ааспыт сыллааҕы үлэ түмүгүн уонна сайдыы бырагырааматын көрдө. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, университет үлэтин биир тутаах хайысхатынан производствоҕа инновационнай технологияны оҥорон киллэрии, хоту сир усулуобуйатыгар сөптөөхтүк туһаныы буолар. Университет социальнай эйгэҕэ аныгы каадыры бэлэмниир кылаата тэҥнэммэт. Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду хотугулуу-илиҥҥи туһаайыытыгар, Уһук Илиҥҥэ күрэстэһэр кыахтаах аныгы көлүөнэ каадыры хааччыйыы суотугар сайдыы барыаҕа. Пандемияны аахсыбакка ХИФУ 2020 сыл түмүгүнэн бары хайысхаҕа былаанын толорон, дойду 50 бастыҥ университетын кэккэтигэр киирбит. 2021-2022 сылларга 5509 устудьуону үөрэххэ ылбыт. Билиҥҥитэ 18 тыһ. тахса оҕо үөрэнэ сылдьар. Мунньахха кытта кэлбит РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин Экэнэмиичэскэй бэлиитикэҕэ департаменын дириэктэрэ Аслан Кануков университет бары хайысхаҕа хаачыстыбалаах түмүгү көрдөрбүтүн, регион салалтата университекка көмөтүн, бу регион экэниэмикэтин сайдарыгар сабыдыаллыырын  бэлиэтээтэ. Түмүккэ Айсен Николаев университет салалтатыгар, бүтүн кэлэктиипкэ пандемия кэмигэр ыарыыны утары охсуһууга улахан кылаатын киллэрэллэрин иһин махтанна.

Ыам ыйын 26 күнүгэр Ил Түмэн XVII уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара Ил Дархан киллэрбит « Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар көннөрүүлэри уонна эбиилэри киллэрэр туһунан» 236-6 №-дээх СӨ конституционнай сокуонун барылын өйөөн ылыннылар. Сокуон барыла парламеҥҥа бу дьыл муус устар 30 күнүгэр киирбитэ. Ити кэмтэн ыла өрөспүүбүлүкэҕэ араас таһымҥа уопсастыбаннай истиилэр ыытылыннылар, киэҥ иһитиннэрии барда. Дьүүллэһии, ырытыһыы кэмигэр элбэх этии киирбит. Айсен Николаев кэлэр 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ Төрүт сокуонун 30 сыла бэлиэтэнэрин туһунан эттэ. «Бу кэм устата  элбэх уларыйыы таҕыста, өрөспүүбүлүкэбитигэр, дойдубутугар, аан дойдуга уларыйыылар буоллулар. Отут сыл устата Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Төрүт сокуоҥҥа харыстабыллаах сыһыан олохтонно. Конституционнай нуормалар эволюция сокуонунан уларыйаллара тоҕоостоох. Онуоха киһи уонна гражданин бырааба, социальнай сиэр-майгы тулхадыйбат тулааһыннарынан буолаллар», – диэн Айсен Сергеевич эттэ. Ил Дархан бүгүҥҥү конституционнай уларыйыы кыттыылаахтара Саха сирин аныгы историятын оҥорсоллорун бэлиэтээтэ. Санатар буоллахха, 2020 сыл тохсунньу 15 күнүгэр национальнай лидербит Владимир Путин Туһаайыы этиитигэр дойду Төрүт сокуонугар уларытыылары киллэрэр туһунан иһитиннэрбитэ. Ил Дархан этэрин курдук, СӨ Төрүт сокуонугар уларытыылары киллэриигэ бэлэм үлэтин барыытыгар Төрүт сокуоммут сыаннастара уонна ситиһиилэрэ оннунан хааллыллар, итиэннэ Сахабыт сирин бэлитиичэскэй-правовой салгыы сайдыытын төрүттэрэ уурулуннулар.

Пленарнай мунньахха «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун көтүрэр туһунан» 241-6 №-дээх конституционнай сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар.  Сокуон барыла өрөспүүбүлүкэ сокуонун РФ Төрүт сокуонун 118-с ыстатыйатын киэбигэр киллэрэр. Онон 2021 сыл от ыйын 1 күнүттэн СӨ Конституционнай суута үлэтин тохтотор. Ол оннугар Ил Түмэн иһинэн Төрүт сокуон сүбэтэ тэриллиэҕэ. Онуоха норуот дьокутааттара «СӨ Төрүт сокуонун сүбэтин туһунан» конституционнай сокуон барылын өйөөтүлэр. Докумуон Төрүт сокуон сүбэтин статуһун уонна боломуочуйаларын, сүрүн өйдөбүллэрин чопчулуур. Бу уорган СӨ конституционнай сокуоннара, нуормаламмыт-правовой аакталара Төрүт сокуоҥҥа сөп түбэһэллэрин эбэтэр утаралларын быһаарар буолуоҕа.

Ил Түмэн XXVII пленарнай мунньаҕар Айсен Николаев СӨ  ситэриилээх былааһын 2020 сыллаах үлэтин билиһиннэрдэ.  Кини отчуоту  коронавируһу утары охсуһууттан саҕалаата. Хас куойка-миэстэ, обсерватор, анаалыс оҥоһуллубутун, эминэн хааччылыыга төһө үп-харчы көрүллүбүтүн сырдатта. Айсен Сергеевич билигин коронавируһу күргүөмнээх вакцинация эрэ тохтотуон сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. Хамсык кэмигэр бырамыысыланнас уонна олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэр үлэлэрин тохтоппотохтор. Нэһилиэнньэҕэ үгүс социальнай өйөбүл оҥоһуллубут. 9,2 млрд. солк. суумалаах көмөнөн 160 тыһ. оҕолоох дьиэ кэргэн, 57,7 тыһ. үлэтэ суох киһи туһаммыт. Уопсайа экэниэмикэ бары салааларын өйөбүлүгэр 34 млрд. солк. көрүллүбүт. Онтон 23 млрд. солк. федеральнай хааһынаттан кэлбит. Хамсык уустук кэмигэр «АЛРОСА» хампаанньа өрөспүүбүлүкэ хааһынатын 23 %-нын толорбут, 138 млрд. солк. суумалаах дивидени төлөөбүт. Маны сэргэ Ил Дархан социальнай хайысха ситиһиилэрин сырдатта. 2020 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 1763 элбэх оҕолоох ыал учаастагын инженернэй ситимҥэ холбообут. Сунтаар, Ньурба хайысхатынан уоту күүһүрдүүгэ «Русгидро» ПАУо-ну кытта дуогабар түһэрсиллибит. 2021-2025 сылларга «Газпром» ПАУо-ну кытта Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан уонна Нерюнгри нэһилиэнньэлээх пуннарыгар гаас утаҕын тардарга бырагыраама оҥоһуллубут. Өлүөнэ муостатын тутуута Уһук Илин сайдыытын Национальнай бырагырааматыгар киллэриллибит. Мииринэй улууһугар Аччыгый Ботуобуйа үрэҕи, Ньурба улууһугар Түүкээн үрэҕи, Сунтаар улууһугар Улахан Муҥур уонна Саһар Үрэх үрэхтэри туоруур муосталар тутуллубуттар. Уопсайа 534 км усталаах саҥа суоллар оҥоһуллубуттар. Ити курдук Айсен Николаев бары эйгэҕэ ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы билиһиннэрдэ. Түмүккэ дьокутааттар өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын үлэтин  биһирииллэрин биллэрдилэр.

Ыам ыйын 27 күнүгэр регион баһылыга өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕар кэккэ улууска коронавирус дьаҥынан ыалдьыы таһыма намтаабытын иһитиннэрдэ. Ол эрээри Дьокуускайтан коронавирус инфекцията тиэрдиллиититтэн, сорох улуустарга дьаҥҥа дьиэ кэргэнинэн сутуллалларын эттэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ 152 тыһ. тахса киһи быһыыны ылбытын, ити нэһилиэнньэ улахан дьонун 22% тэҥнэһэрин эттэ. Биир сыллааҕыта балыыһаҕа сүрүннээн аҕам саастаах дьон эмтэммит буоллаҕына, билигин көстүү уларыйбытын иһитиннэрдэ. Кэлин балыыһаҕа 30-49 саастаах дьон киирэр буолбут. Ил Дархан Манчаары оонньууларынан уонна Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕынан эпидемиологическай куттал суох буолуутун хааччыйыыны күүһүрдэргэ кэлим миэрэлэри ыларга соруйда.

Ыам ыйын 27 күнүгэр Айсен Николаев видеосибээс нөҥүө гражданнары приемнаата. ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһини сайыннарыыга научнай-инновационнай киинин дириэктэрэ Пантелеймон Егоров сибээскэ таҕыста. Кини 2030 сылга диэри инклюзивнай үөрэхтээһиҥҥэ СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын оҥоруу уонна бигэргэтии туһунан, сахалыы тылынан алфавит Брайль версиятын стандартааһын, саха тылын, литературатын коррекцоннай оскуолаларга үөрэтиини үөрэх былааныгар киллэрии туһунан боппуруостары көтөхтө. Салгыы Дьокуускайтан Иннокентий Тимофеев коронавирус кэннитэн чөлүгэр түһүүнү ааһыыга көмөлөһөр туһунан көрдөһүүлээх таҕыста. Маны таһынан Черскэй бөһүөлэгин олохтоохторо вакцинаны тиэрдии боппуруоһун көтөхтүлэр. Хас биирдии туруорсууну Ил Дархан болҕомтоҕо ылла, туһааннаах министиэристибэлэргэ боппуруос быһарыыллыытыгар сорудах биэрдэ уонна ону тус бэйэтинэн хонтуруолга тутуоҕа.

Ыам ыйын 28 күнүгэр Айсен Николаев Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин социальнай-экономическай сайдыытын боппуруостарыгар мунньах ыытта. Тэрээһиҥҥэ ЯТЭК сүрүн акционера Альберт Авдолян уонна хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Андрей Коробов кытынныллар. Орто болдьоххо Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ гаас хостооһунун кэскиллээх региона буолар. Онуоха Кыһыл Сыыр өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин үүнүүтүн саҥа киининэн буолуо. Ил Дархан Бырабыытылыстыба ЯТЭК хампаанньаны кытта Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин 2025 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын былаанын оҥорон бигэргэппитин ыйда. Хампаанньа экологияҕа, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа улахан болҕомтону уурарын, Орто Бүлүү гаас конденсаттаах сирин туһаныыга бары ирдэбили толорорун туһунан бэлиэтээтэ. ЯТЭК Саха сирин сайдыытыгар суолталаах атын бырайыактарын өрөспүүбүлүкэ өйүүрүн туһунан Айсен Николаев эттэ. Андрей Коробов геологическай чинчийиигэ, бөһүөлэк инфраструктуратын, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын объектарын  бөҕөргөтүүгэ, олорор дьиэни тутууга, суол өрөмүөнүгэр, уулуссаны сырдатыыга, оскуоланы техникэнэн, оборудованиенан хааччыйыыга уо.д.а атын хайысхаларга ыытыллар үлэ туһунан кэпсээтэ. Хампаанньа ааспыт сылга 2,5 млрд солк. нолуогу төлөөбүт.  Альберт Авдолян хампаанньа үлэтин сүрүн оҥкулунан социальнай эппиэтинэс буоларын эттэ уонна Айсен Николаевка бииргэ үлэлээһинин, өйөбүлүн иһин махтанна.  Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан чааһынай тэрилтэ кытаанах коммунальнай тобохтору харайыы полигонун тутууну үбүлээһиҥҥэ кыттыытын холобуругар болҕомто уурда. Ол курдук, «ЯТЭК» ПАО Кыһыл Сыыр, Тыымпы, Хампа уонна Тааһаҕар сэлиэнньэлэр кыһалҕаларын быһаарар полигон бырайыагын оҥорууну үбүлээбит уонна тутуу үбүн 50% толуйар. Ил Дархан Бырабыытылыстыбаҕа улуус уонна Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин салалтатын кытта өрөспүүбүлүкэ өттүттэн сайдыы былаана туолуутугар эбэһээтилистибэлэри толоруу боппуруостарын ураты хонтуруолга ыларга сорудахтаата.

Ыам ыйын 28 күнүгэр Айсен Николаев навигация саҕаланыыта Өлүөнэ өрүскэ «Валдай 45Р» диэн түргэн тэтимнээх саҥа суудунулары туттууга киллэрэр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Жатайга кытынна. Бу пассажирдары таһар икки саҥа суудунаны өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата чэпчэтиилээх лизиҥҥэ Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын «Ленатурфлот» тэрилтэтигэр биэрдэ. Айсен Николаев Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн федеральнай бырагырааманан дойдуга уу анныгар кынаттаах  суудунаны оҥорор буоллулар. «Үөрүүлээҕэ, бу экэниэмикэҕэ судургута суох кэмҥэ биир бастакынан дойдуга маннык аныгы көлүөнэ суудуна биир бастакынан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэллэ. Саҥа уу аала пассажирдар куттала суох уонна табыгастаах айаннарын хаачыйыаҕа. Биирдиитэ 45 киһини тиэйэр, сымнаҕас кириэһилэлэрдээх, кондиционердаах, сылытар систиэмэлээх. Бу суудуналар номнуо Дьокуускай-Өлүөхүмэ туһаайыытынан айаҥҥа турунуохтара», — диэтэ Ил Дархан. Саха сиригэр пассажирдары таһар өрүс флота 40 сыл устата саҥардыллыбатаҕа. Онон туһугар историческай түгэн.

Ыам ыйын 28 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада түмүк түһүмэҕин кыайыылааҕын уонна призердэрин кытары көрүстэ. Айсен Николаев оҕолору, кинилэр төрөппүттэрин, учууталларын үрдүк ситиһиилэринэн, дойду таһымыгар Саха сирин чиэстээхтик көмүскээбиттэринэн эҕэрдэлээтэ. Кини үүнэр көлүөнэ интеллектуальнай, духуобунай сайдыыта өйөнөрүн, эһиил Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕа интеллектуальнай оонньуулар ыытыллыахтарын, Наука аччыгый академятын саҥа дьиэтэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттээн тутулларын, өрөспүүбүлүкэҕэ талааннаах оҕолору кытта үлэҕэ ураты болҕомто уурулларын, үөрэх сайдыы тирэҕэ буоларын эттэ уонна оҕолорго ситиһиини баҕарда. Кини Арассыыйаҕа обществоведениеҕа кыайбыт Дьокуускай куораттааҕы лицей 11 кылааһын үөрэнээччитэ Кирилл Ескиҥҥа, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ — физикаҕа призер Станислав Новиковка, биологияҕа призер Павел Николаевка, Дьокуускай куорат лицейин 11 кылааһын үөрнээччитэ, экологияҕа призер Диана Гомбоеваҕа, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлү орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, литератураҕа призергэ  Валерия Матросоваҕа, Нерюнгри 24 №-дээх лицей 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ физкультураҕа призердэр Дарина Кравецкэ, Данил Плотниковка олимпиада дипломнарын, кинилэр учууталларыгар Ил Дархан Махтал суругун туттарда.

Ыам ыйын 28 күнүгэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус дьаҥыттан муҥутуур бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ бэс ыйын 15 күнүгэр диэри уһатылларын туһунан ыйаах таһаарда. Ыйаахха сөп түбэһиннэрэн, бэс ыйын 15 күнүгэр диэри түүҥҥү кулууптар (дискотекалар), караоке-саалалар уонна да атын итинник, ол иһигэр эргиэн кииннэригэр үлэлиир сынньатар-аралдьытар эбийиэктэр, аттракционнар, оҕолор оонньуур хосторо, оҕолору аралдьытар кииннэр салгыы үлэлээбэттэр. Итиэннэ маскалаах сылдьыы уонна социальнай арыты тутуһуу салгыы ирдэнэр.

Ыам ыйын 28 күнүгэр Айсен Николаев Элгэтээҕи таас чоҕун комплексын салгыы сайыннарыы туһунан бырайыак дириэктэрдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Альберт Авдоляны и ««ЭльгаУголь» салайар хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Александр Исаевы кытта дьүүллэстэ.  Бырайыагы олоххо киллэрии түһүмэхтэринэн: билигин 10 тыһ. салгыы  20 тыһ. үлэһиккэ наадыйаллар. Онон сибээстээн Нерюнгритээҕи технологическай техникум уонна ХИФУ Нерюнгритээҕи техническэй институтун базатыгар каадыры бэлэмнээһиҥҥэ анал бырагырааманы тэрийбиттэр. «Олохтоох каадыры — бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн үлэһит ахсаана элбээбит. Айсен Николаев саҥа инвестор кэлиэҕиттэн чоҕу хостооһун биллэрдик тэтимирэн, «Эльга-Улак» тимир суол аһарар кыамтата улаатан, бырайыак дойдуга инники кэрдиискэ тахсыбытын бэлиэтээтэ. Альберт Авдолян бырайыак сайдыытын боппуруостарыгар көмөтүн иһин Айсен Николаевка уонна өрөспүүбүлүкэ Бырабыытылыстыбатыгар махтанна, салгыы үлэ былаанын кэпсээтэ. Бу сылга 18 мөл. тонна чоҕу хостуур, онтон 2023 сылга 45 мөл. тоннаҕа диэри үрдэтэр сабаҕаланар. Саҥа хайа байытар фабрикатын тутан эрэллэр. Александр Исаев ааспыт сылга былаан бары көрдөрүүтүн толорбуттарын эттэ. Бу сыл алтынньытыгар диэри «Эльга-Улак» тимир суолу тутуу үһүс түһүмэҕэ түмүктэнэн, аһарар кыамтата ыйга  2 мөл. тонна чоххо тиэрдиллиэҕэ. Салгыы 2022 сыл иккис кварталыгар сылга 30 мөл. тонна чоҕу аһарар кыахтаныаҕа. Элгэҕэ дьон олорор аныгы бөһүөлэгин тутуохтара. Тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа ураты болҕомто ууруллара күүһүрэр.  Өрөспүүбүлүкэ түмүллүбүт бүддьүөтүгэр киириини улаатыннарыахтара. Айсен Николаев бырайыак нолуокка улахан чэпчэтиитэ суоҕун ыйда уонна Уһук Илинҥэ, чуолаан Саха сиригэр, сөптөөх сыһыанҥа бөдөҥ инвестиция бырайыактарын, нолуок уопсай эрэһиимин туттан да, олоххо кииллэриэххэ сөбүн көрдөрөр диэтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА