Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Мииринэйгэ оҕо дыбарыаһа үлэҕэ киириэхтээх. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев социальнай ситимҥэ быһа биэриигэ иһитиннэрбитинэн, кини тус бэйэтэ маннык соруктары туруорбут, диэн СИА кэпсиир.
«Уопсайынан, тэтим куһаҕана суох, графиктан кыра хаалыы баар, аҕыйах нэдиэлэнэн. Онуоха ититиини киллэрии сүрүн соруга хайыы-үйэ быһаарылынна. Аныгыскы нэдиэлэттэн тутааччылар отделка үлэтин саҕалыахтара», — диэтэ.
Баһылык бары оборудование, миэбэл, ис уонна тас отделка атыылаһыллыбытын бэлиэтээтэ.
«Бу үлэ күүһэ баар буоллаҕына уонна үлэ көдьүүстээхтик былааннаннаҕына эбийиэк болдьоҕор туттарылларын дакаастыыр. Мин атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри тутуу сүрүн үлэтин түмүктүүр соругу туруордум. Атырдьах ыйын устата көһүү, миэбэли уонна оборудованиены таҥыы буолар», — диэтэ Айсен Николаев.
Санатан эттэххэ, Мииринэйгэ оҕо дыбарыаһын дьиэтин тутуута бара турар. Аныгы эбии үөрэхтээһин киинигэр 2500 оҕо дьарыктаныаҕа. Бу Мииринэй оройуонугар биир сменаҕа 420 оҕону батарар биир саамай улахан эбийиэк буолуоҕа. Дыбарыаска оскуола оҕолоро түөрт хайысханан дьарыктаныахтара: спортивнай, техническэй, естественнэй, научнай.