Ил Дархан Кэбээйи суолун тутуутун билистэ

Айсен Николаев атырдьах ыйын 6 күнүгэр Кэбээйи улууһугар үлэлиир. Ил Дархан Кэбээйи суолун тутуутун көрдө. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.  


90-с сыллартан тутуллар суолга барыта 133 км уһуннаах кэрчик кутуллуохтаах. Былырыын 13 км тутуллубут. Быйыл сэтинньи ыйга «Бэс-Күөлүгэр – 95 км», «Түгэнэ өрүһүгэр 108 км» уонна Түгэнэ өрүһү туоруур күргэ тутуулара үлэҕэ киириэхтэрэ.

«Сыл бүтүөр диэри Кэбээйигэ сылы эргиччи сырыы олохтонуо. Дьокуускайга, олохтоохтор этэллэрин курдук, биэс чааһынан тиийиэххэ сөп буолуо», — диэтэ Айсен Николаев.

Кэскиллээх үлэ салҕанан Кэбээйиттэн Мукучуга диэри суолу тутуохтара.

«Дьон суолу Мукучуга диэри тутары туруорсар. Маныаха диэри 180 км, 200 мөл тахса үп наада. Аара хас эмэ нэһилиэк суола тутуллуон сөп. Федеральнай киини кытары үлэлэстэхпитинэ ити кыаллыа.Тыа сирин сайыннарыы биһиги сорукпут», — диэтэ Ил Дархан.

This post was published on 06.08.2020 14:14 14:14