«Дьон санаатын этинэр, кыһалҕатын кэпсиир, сыыһаны-халтыны ыйар, ситиһиитин сэһэргиир эбэтэр сэмэлиэн да сөп. Бырабыыталыстыба чилиэннэригэр эмиэ олус суолталаах, дьону кытта кэпсэтэргэ, дьону истэргэ үөрэнэллэр. Ол иһин отчуот хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ыытыллар. Мин куруук түмүктэри хонтуруоллуубун, дьон тугу ыйыппытын, ханнык соругу туруорбутун, туох кыһалҕа баарын кэпсээбитин көрөбүн. Бырабыыталыстыба сыллааҕы үлэтигэр итини барытын учуоттуур», — диэтэ Айсен Николаев.
«Видеоконференцсибээс – бу эмиэ үчүгэй ситиһии. Суһаллык дьаһал ыларга туһалаах. Ити эрээри, атах тэпсэн олорон толору кэпсэтии уонна кыһалҕаны миэстэтигэр быһаарсыы ордук көдьүүстээҕинэн, сибээс ситэтэ суох», — диэтэ Ил Дархан.
Санаттахха, бырабыыталыстыба отчуоттара олунньу 3 күнүттэн саҕаланаллар.