15 саастаах Амма оҕотугар Ил Дархан Айсен Николаев анал бэлэҕин туттардылар. Тэрээһин «Баҕа санаа харыйата» дьаһал чэрчитинэн ыытыллынна. Ол туһунан регион салайааччыта бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.
Амма оҕото хомустаныан баҕарарын суруйбут. Кини ыра санаата туолла. «Бүгүн бэлэҕин тутта. Оҕолор бэйэлэрин норуоттарын култууратынан интэриэһиргииллэрэ, кэрэҕэ талаһаллара — олус үчүгэй. Артур саҥа инструменынан оонньуур буоларыгар эрэнэбин, киниэхэ ситиһиини баҕарабын!» — диэтэ Николаев.