Кыыдааннаах кыһын кэнниттэн күүтүүлээх сайыммыт тиийэн кэллэ, ону кытары тэҥҥэ үрүҥ илгэни үксэтэр, үөрүүнү-көтүүнү, үтүөнү түстүүр ыһыах ыһар кэммит үүннэ. Ыһыах элбэх омуктаах Сахабыт сирин бары олохтоохторун, араас эрэгийиэннэртэн уонна тас дойдулартан кэлбит ыалдьыттары түмэр. Үгүс үйэни уҥуордаан бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэлбит үгэстэргэ бары бииргэ сүгүрүйэбит, эйэлээх халлааны, уйгулаах олоҕу үҥэн-сүктэн көрдөһөбүт. Ыһыах сырдык күүһү, эрчими эбэр, айарга-тутарга кынаттыыр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 17-с сылын ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕа Саха сирин биир кэрэ көстүүлээх өрүһүгэр Амма кытылыгар Муона Чараҥар буолар. Бу бырааһынньыкка 15 тыһыынча кыттыылаах уонна ыалдьыт муһунна. 2005 сыллаахха Олоҥхобутун ЮНЕСКО киһи аймах култууратын үйэлээх баайын тылынан айыллыбыт уһулуччулаах айымньытынан билиммитэ. Олоҥхо – саха норуотун тылынан айымньытын чыпчаала.
Олоҥхо Ыһыаҕын бырагырааматыгар 80 тахса тэрээһин, ол иһигэр олоҥхоһуттар, оһуохайы таһаарааччылар, норуот тылынан айымньытын жанрдарын толорооччулар, хомусчуттар, уустар, норуот уран тарбахтаах маастардарын уопсайа 22 куонкуруһа ыытыллар. Ыһыах бырагырааматыгар аан бастаан олоҥхо дьоруойдарын ырыаларын толорооччулар куонкурустара киирдэ.
Успуорт национальнай көрүҥнэригэр эр дьон ортотугар “Эр Бэрдэ” үгэс буолбут күрэхтэһии буола турар. Ону сэргэ ипподромҥа сэттэ дистанцияҕа ат сүүрдүүтэ, ат үрдүттэн ох саанан ытыыны көрдөрүү тэрилиннэ.
Маннык бөдөҥ тэрээһини ыытарга улуус киинигэр Амма сэлиэнньэтигэр социальнай эбийиэктэри, суоллары саҥардан биэрии, тупсаҕай оҥорор үлэлэр тэрилиннилэр. Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар Аал Луук Маһы, балаҕаннары, түһүлгэлэри, ипподрому уонна атын эбийиэктэри тутуу үлэтэ көхтөөхтүк барда. Бырааһынньык сүрүн тэрээһиннэрин тэрийэн ыытыыга 3,5 тыһыынча киһи түмэ тардылынна, 100 тахса волонтер үлэлээтэ.
Быйыл Үс Хатыҥҥа бэс ыйын 29-30 күннэригэр 27-с төгүлүн ыытыллар Туймаада Ыһыаҕа Арассыыйа Федерациятыгар биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар, Саха сиригэр биллэриллибит Оҕо сылыгар ананыаҕа. Дойду саамай киэҥ далааһыннаах национальнай бырааһынньыгын ыалдьыттарынан “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт VIII оонньууларын кыттыылаахтара буолуохтара. Бу оонньууларга барыта 3 тыһыынчаттан тахса киһи, ол иһигэр 2 тыһыынчаттан тахса эдэр спортсмен кыттыаҕа. Оҕо успуордун бырааһынньыгын ыытарга 1,9 тыһыынча волонтер көмөлөһүөҕэ.
Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн уонна тас дойдулартан кэлбит доҕотторбут, бастатан туран, эдэр ыалдьыттарбыт сүрэхтэригэр хотугу кыраайбыт туһунан үтүө эрэ өйдөбүлү саҕар туһугар ыалдьыттарбытыгар биһиги былыргы сирбит эриэккэс кэрэтин, хатыламмат уратытын, өрөспүүбүлүкэбитигэр олорор норуоттар эгэлгэ култуураларын көрдөрүөхпүт, кэрэхсэтиэхпит.
Үрүҥ Тунах Ыһыахха этиллибит алгыс барыбытыгар ситиһиини түстээтин, дойдуларын көмүскүү сылдьар буойун уолаттарбытыгар эр санааны, модун күүһү эбиэхтин. Сомоҕолоһуубут, Улуу Арассыыйаҕа тапталбыт, таһаарыылаах үлэбит көрсүллэр моһоллору туоруур кыаҕы биэриэ, Кыайыы Ыһыаҕын бары өрө көтөҕүллэн туран тэрийиэхпит диэн бигэтик эрэнэбин.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, эйэни, үтүөнү, дьолу, бары кэрэни баҕарабын! Уруй-туску!
Айсен Сергеевич Николаев, Ил Дархан