Күндү Сахам сирин олохтоохторо! Ытыктабыллаах ыалдьыттар! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!
Сахабыт сиригэр күүтүүлээх сайыммыт салаллан кэлэн, бу күннэргэ биһиги Ыһыах ыһабыт. Ааспыт сыллар улаҕаларыгар өбүгэлэрбит түстээбит үгэстэрин салҕаан, алгыс этэн биһиги эмиэ үрүҥ илгэни, өҥ-быйаҥ сайыны, эйэни, этэҥҥэ буолууну уонна чэлгийэ сайдыыны көрдөһөбүт.
Ыһыах норуоппут култууратын, олорон кэлбит олоҕун устуоруйатын, духуобунай сыаннастарын чөл хаалларыыга уонна салгыы сайыннарыыга, элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо биир санаалаах буолууларын чаҕылхай холобурунан буолар. Бу улуу Арассыыйа сиригэр-уотугар саамай улахан национальнай бырааһынньык. Ыһыах төрүтүгэр олоҕурбут айылҕаҕа сүгүрүйүү хас биирдии омукка чугас. Ыалдьыттарбытыгар саха норуота күн бүгүн илдьэ кэлбит үтүө үгэһин, бары үчүгэйин, кэрэтин көрдөрөбүт.
Быйыл «Туймаада Ыһыаҕа – 2023» национальнай бырааһынньыкпыт “Дьокуускай – килбиэннээх үлэ куората” сыаллаах ыытыллыаҕа уонна Арассыыйаҕа педагог уонна уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ сылыгар уонна саха халандаарынан “Дьөһөгөй Айыы” сылыгар ананыаҕа.
Былыр-былыргыттан Ыһыах кэмигэр аҕа көлүөнэ тыһыынчанан сылларга мунньуллубут үтүө үгэһин, култууратын, сатабылын, билиитин-көрүүтүн ыччатыгар биэрэр. Эдэр көлүөнэни бэйэтин тус холобурунан уһуйар.
Быйыл биһиги уран тарбахтаахтарбыт уонна өрөспүүбүлүкэбит улуустарын, куораттарын айар холбоһуктара “Саха сирин быысапкаламмыт хаартатын” бар дьон көрүүтүгэр таһаарыахтара. Хаарта сүрүн элэмиэнэ – Саха сирин гиэрбэтэ. Манна Олоҥхобут, таҥаспыт, ураһабыт, чорооммут, сирбит баайа, оһуорбут-мандарбыт барыта көстөр.
Ыһыах биһиги сүрэхпитигэр эрэли үөскэтэр, үлэҕэ, саҥа кыайыыларга кынаттыыр.
Бу кэрэ-бэлиэ күн Анал байыаннай дьайыыга Аҕа дойдуну көмүскүү сылдьар байыастарбытыгар төрөөбүт дойдуларыттан Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин! Ыһыахха этиллибит алгыс кыайыыны-хотууну аҕаллын!
Ыһыах үйэлэри уҥуордуур уонна саҥаны ситимниир уратылаах. Сыл аайы бырааһынньыкпыт биһигини тугунан эрэ үөрдэр, сөхтөрөр. Быйылгы Ыһыахха үлэһит дьону, үлэһит династиялары, уһуйааччылары, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чиэстиибит.
Ыһыахха сылдьыбыт киһи бэйэтин бу Ытык сир сорҕотунан сананар, күүһүгэр күүс, сэниэтигэр сэниэ эбиллэр. Бу күн үчүгэйи, кэрэни аҕаллын! Бар дьоммор кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, ситиһиилэри баҕарабын! Уруй-туску!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев