22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан Айсен Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлиир

11:42, 25 ноября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлиибин! ЮНЕСКО 16 сыл анараа өттүгэр Олоҥхону киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт нэһилиэстибэтин шедевринэн биллэрбитэ саха олоҥхото аан дойдуга сүҥкэн суолталааҕын билинии буолар.

Уон тыһыынчаттан түөрт уон тыһыынчаҕа тиийэр устуруокалаах олоҥхону өйтөн кэпсиир, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, дэгиттэр талааннаах олоҥхоһуттарбыт айан хаалларбыт айымньылара былыргы өттүгэр төһө да сурукка тиһиллибэтэллэр, үйэлэри уҥуордаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уостан-уоска бэриллэн, норуоппут киэн туттуута, төрүт култуурабыт, баай тылбыт күндү чөмчүүгэ буолаллар. Олоҥхо ырыаларын сорох чаастарын ХIХ үйэ 40-с сылларыгар Афанасий Уваровскай, Отто фон Бётлингк сурукка аан бастаан киллэрбиттэрэ. Саха норуотун сүдү айымньытын чөл хаалларыыга уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ, суруйааччы уонна учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай сүҥкэн кылааты киллэрбитэ.

Урукку дьылларга Олоҥхо өбүгэлэрбит култуурунай сынньалаҥнарын биир сүрүн көрүҥүнэн буолара. Дьиҥэ даҕаны, Олоҥхо – биир киһи тыйаатыра. Олоҥхону толорооччу куолаһын уларытан хас да араас киһи оруолун толорор. Былыр олоҥхоһут кэлэрин истиһэн, ыаллыы алаастартан оҕолуун-уруулуун элбэх киһи мустара. Ол курдук, саха дьоно төрөөбүт тыл бараммат баайын, эриэккэс эйгэтин, дэгэтин, кустук өҥүнэн оонньуур өҥүн-дьүһүнүн эттэригэр-хааннарыгар оҕо эрдэхтэриттэн иҥэринэллэрэ.

Олоҥхо биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр билигин даҕаны тыыннаах. Сыл аайы Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар. Быйылгы ыһыах Өлүөхүмэ улууһугар тэриллэн, оҕо, ыччат, улахан дьон ортотугар олоҥхону толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустара ыытыллыбыттара. Олоҥхо доллоһутар тойуга Өлүөхүмэ туонатыгар үс күн устата дуорайбыта. Бу ыһыахха ыччаттар бөлөхтөрүгэр 20 киһи кыттыбыта киһини үөрдэр. Инникитин кинилэр ааттаах-суоллаах олоҥхоһут буолуохтара диэн эрэнэбин.

Олоҥхону чөл хаалларыы уонна сайыннарыы үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ үс хайысханан барар. Ол курдук, Дьокуускайга Олоҥхо Тыйаатыра ситиһиилээхтик үлэлиир. Кэнники кэмҥэ ыччакка анаан Амма биллиилээх олоҥхоһута Тимофей Захаров – Чээбий олоҥхотунан “Ала Булкун” диэн комедия-испэктээги туруорда. Саха олоҥхотун матыыбынан оҥоһуллубут испэктээктэр тас дойдулар сыаналарыгар тахсан, аан дойду көрөөччүлэрин сэҥээриилэрин, билиниилэрин ылаллара кэрэхсэбиллээх.

Иккис хайысханы Научнай-методическай үлэҕэ уонна норуоттар икки ардыларынааҕы сибээскэ Олоҥхо Киинэ салайар. Бу Киин өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа үгэс буолбут олоҥхоһуттар бэстибээллэрин, сэминээрдэри, маастар-кылаастары, кэмпириэнсийэлэри ыытар, “Олоҥхо олуктара”, “Ийэ тыл биһигэ” научнай-методическай сиэрийэлэри таһаарар.

Үһүс хайысханы М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка тэриллибит Олоҥхо научнай-чинчийэр института салайар. Кыhа саха олоҥхотун кыһалҕаларын үөрэтэр, тиэкистэри, монографиялары, хомуурунньуктары, ыстатыйалары бэлэмнээн таһаарыыны,  олоҥхону омук тылыгар тылбаастааhыны былааннаан үлэлиир.

Күндү биир дойдулаахтарым!

Бу бэлиэ күҥҥэ анаммыт тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан Олоҥхону сайыннарыыга уонна киэҥник тарҕатыыга бэйэҕит кылааккытын киллэрэргитигэр ыҥырабын. Олоҥхо Дэкээдэтэ сыл аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйда. Быйылгы Дэкээдэ бырагырааматыгар 50-тан тахса тэрээһин киирдэ: тэлэбиисэринэн биэриилэр эргиирдэрэ, куонкурустар уонна бэстибээллэр, испэктээктэр, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, төгүрүк остуоллар, сэминээрдэр, маастар-кылаастар, айар киэһэлэр.

Барыгытыгар чэгиэн-чэбдик, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу баҕарабын! Саха норуотун духуобунай сыаннастарын уонна аан дойду олоҕун анаарыытын иҥэриммит сүдү айымньыны – Олоҥхону – истиҥ уонна ааҕыҥ, оҕолоргутун уонна эдэр ыччаты төрөөбүт тылы таптыырга, ытыктыырга үөрэтиҥ!

А.С. Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА