Алтынньы 17 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев РФ Госдууматын депутата Владимир Бурматовы кытта көрүстэ. Кэпсэтии сүрүн тиэмэтинэн бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын быһаарыыга анаммыт сокуону көҕүлээһин боппуруоһун тупсарыы буолла.
«Чульмаҥҥа буолбут иэдээнинэн бу боппуруос сытыытык турар. Владимир Владимирович Ил Түмэн салалтатын, бырабыыталыстыба чилиэннэрин, төрөппүттэр түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрин, кыылы-сүөлү харыстааччылары кытта көрүстэ, Дьокуускайга кыылы тутар пууҥҥа сырытта. Кини бэйэтин этиилэрин киллэрдэ, ол иһигэр регион сокуонун ситэрэн биэриигэ. Регион сокуона Үрдүкү суутунан утарылаһыыга баар», — диэн суруйда салайааччы официальнай телеграм-ханаалыгар.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/glava-yakutii-vstretilsya-s-deputatom-gosdumy-vladimirom-burmatovym/