22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ийэ хапытаалын тыа сирин ипотекатыгар туттуохха сөп

12:02, 03 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия бырабыыталыстыбата бэлэмнээбит уурааҕынан, Ийэ хапытаалын тыа сирин ипотекатын төлөбүрүгэр туттуохха сөп. Ол туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин эттэ, суруйар ТАСС.


Миниистирдэр кабинеттара тыа сирин ипотекатыгар бэриллэр субсидия быраабылаларын чуолкайдаһар былааннаахтар. «Уураах бэлэм, онно олоҕуран ийэ хапытаалын тыа сирин ипотекатыгар төлөбүргэ туһаныахха сөп«, — диэтэ Михаил Мишустин.

Кини бэлиэтээбитинэн, бааннар «хапытаалы тыа сирин ипотекатыгар туттуу туһунан быраабылаҕа суоҕунан, сайыам ылааччыларга аккаастыыллар». «Билигин дьиэ ылыытыгар эбэтэр туттуутугар кирэдьиити ылыы судургу буолуоҕа«, — диэтэ миниистирдэр кабинеттарын баһылыга.

Тыа сирин ипотеката бырагыраама олус наадалааҕын көрдөрдө. «3%-наах кирэдьиитинэн туһаныахха сөп тыа сиригэр дьиэ туттуутугар эбэтэр атыылаһыыга. Бу быйыл саҥа киирбит бырайыак, ити эрээри 27 тыһ тахса киһи туһанна«.

Мишустин санаппытынан, Россия президенэ Владимир Путин бырагыраама үбүлээһинин улаатыннарар туһунан эппитэ. Госдума депутаттарын кытта көрсүһүүгэ бу туһунан эмиэ этилиннэ. «2021 сыл бюджетыгар бу сыалга 4 млрд солк көрүллэр«, — бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ иһитиннэрдэ.

Үрдэтиллибит сууманы — 5 мөл солк — ылар регионнар ааттаннылар. Урут маннык өҥөнөн Уһук Илин уонна Ленинградскай уобалас регионнара эрэ туһанар бырааптаахтара. «Билигин Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка олорооччулар эмиэ туһаныахтарын сөп. Бу бырагыраама дьон тыа сиригэр көһөн олороругар кыаҕы үөскэтэригэр эрэллээхпит«, — диэтэ Мишустин.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА