Игорь Колодезников: Саха сирин бырабыыталыстыбата тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомтотун уурар

Егор Борисов ситэриилээх былаас үлэтин туһунан отчуотугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы туһунан үгүһү эттэ. Саха сирин Наукаларын академиятын бэрэсидьиэнэ Игорь Колодезников бу пууну саамай наадалааҕынан ааттаата.

Игорь Колодезников Саха сирэ үгэс курдук регионнааҕы баалабай бородуукта кээмэйинэн бастакы уон регион иһигэр киирбитин бэлиэтээтэ. “Бу бырабыыталыстыба уонна бүттүүн нэһилиэнньэ үлэтин көрдөрөр”, — диэн бэлиэтээтэ Колодезников СИА-ҕа комментарийыгар.

Санаайа Иванова.

This post was published on 28.05.2018 15:50 15:50