28 Муус устар 28.04
  • -0°
  • $ 91,78
  • 98,03

Хотугу ыстааска биэнсийэҕэ эбии туһунан саҥа бэрээдэк олохтонуоҕа

Фото: Мария Васильева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уһук хоту оройуоннарга үлэлээбит ыстааска биэнсийэҕэ эбиини 2024 сылтан сайабылыанньата суох бэрээдэгинэн аныахтара. Уураахха Михаил Мишустин илии баттаата.

Саҥа бэрээдэккэ олоҕуран, Россия олохтоохторо Социальнай пуондаҕа докумуон хомуһан биэрбэттэр. Биэнсийэ хос ааҕыллыытын туһунан иһитиннэрии «Госуслуги» порталга тус кабинекка ыытыллар эбэтэр почтанан быһаарыы ылыллыбытын кэннэ үс үлэ хонугун иһигэр.

Маны сэргэ, 2026 сылтан эмиэ сайабылыанньата суох биэнсийэҕэ тыа сирин надбавката оҥоһуллуоҕа. Эбиини тыа хаһаайыстыбатыгар 30-тан тахса сыл үлэлээбит дьон ылар.

Быһааралларынан, маннык эбиигэ 500 идэ бэрэстэбиитэлэ хабыллыан сөп. Ол иһигэр агрономнар, тигээйи иитээччилэр, тырахтарыыстар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА