Филологическай наука дуоктара, ХИФУ профессора, САССР, РФ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ Иван Алексеев – Хомус Уйбаан 80 сааһыгар түбэһиннэрэн ХИФУ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн саха тылын хаапыдырата норуоттар ардыларынааҕы «Евразия норуоттарын хомустарын тыла, култуурата» диэн научнай-практическай конференция тэрийэн ыытта.
ZOOM нөҥүө ыытыллыбыт конференцияҕа сэттэ секциянан Евразия омуктарын хомустарын тылын, култууратын, муусукатын тула кэпсэтии барда. Тэрээһиҥҥэ 130 учуонай, преподавателлэр, аспираннар, магистраннар уонна устудьуоннар, ол иһигэр Франциятан, Англияттан, Австрияттан, Нидерландытан, Японияттан, Германияттан, Казахстантан, Кыргызстаантан итиэннэ Алтай, Тува, Бурятия өрөспүүбүлүкэлэриттэн кытыннылар.
Конференцияҕа анаан 80 научнай ыстатыйалартан турар электроннай хомуурунньук бэчээттэнэн тахсыбыт. Ону таһынан, Иван Егорович үлэлэрин библиографическай ыйынньыга.