24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

«Ходуһаҕа күн оонньуур» куонкуруска кыттарга ыҥыраллар

17:01, 25 июня 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сахаларга от үлэтэ саамай тыҥааһыннаах, былдьаһыктаах кэм. Былыргы сахалар от сиппитин, сибэккилэммитин кэннэ Бөтүрүөп куйааһын кэнниттэн окко киирэллэрэ. От ыйыгар Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтэ «Ходуһаҕа күн оонньуур» диэн хаартысканан күөн-күрэс биллэрэр.


Күөн-күрэс ирдэбиллэрэ:

  • «Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар» хаачыстыбалаах биир хаартыска.
  • «Бары күүһү окко» Сахам сири кэрэ алааһыгар, ходуһатыгар оттуу сылдьаргытын көрдөрөр биирдии хаартыска ирдэнэр.
  • Саха сирэ элбэх омук алтыһан олорор сирэ, онон омук дьонун кытта, бииргэ оттооһуҥҥа түспүт хаартыскаҕыт биһирэнэр.

Хаартыскаларгытын ааккытын, фамилияҕытын, аҕаҕыт аатын ыйан туран Suraluma@bk.ru  эл.почтаҕа ыытаҕыт, ону тэҥэ ватсап 8914-100-88-74. Сайаапкалары от ыйын 14 күнүттэн — балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри ылабыт. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин сайтыгар ddnykt.ru уонна инстаграм @ddn_yakutia тахсар.

Усунуоһу төлөөһүн хаамыыта:

  1. Төлөпүөҥҥэр «Сбербанк онлайн» сыһыарыытыгар киир;
  2. «Платежи» диэҥҥэ киир;
  3. «Оплата по QR-коду» диэни бул;
  4. Q-коду «Оплата по Q-коду» диэнинэн буллар (камераҕа курдук буллараҕыт);
  5. Төлүүр картаҕын бул, ааккын суруй уонна төлүүгүн. Кыттыыга хас хаартыска иһин 100 солк.

Төлөөбүт туоһугут «скриншотун» оҥорон баран  8914-100-88-74 Шишигина Любовь Егоровна (үлэ бириэмэтигэр) ыытаҕыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА