15 Тохсунньу 15.01
  • -43°
  • $ 103,44
  • 106,25

ХИФУ учуонайдара Саха сиригэр саас эрдэлиирин эттилэр

14:01, 13 января
Текст:
Хаартыска: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр салгын сыллааҕы температурата биир кыраадыһынан нуорманы куоһарар. ХИФУ естественнай наукаларга институтун килиимэти үөрэтиигэ научнай-чинчийэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ Никита Тананаев эппитинэн, килиимэт уларыйыыта биллэр буолла, онно быйылгы кыһын көрдөрүүтэ эмиэ баар. Ол туһунан ТАСС суруйда.

Метеорологтар дааннайдарынан, дойду үрдүнэн кириһиэнньэ тымныылара түһэрэ күүтүллүбэт: 2025 сыл сылаастык саҕаланна.

Никита Тананаев бэлиэтээбитинэн, килиимэт сылыйар эрэ буолбатах, араас параметрдарынан уларыйар. Чуолаан, саас Саха сирин киин уонна соҕуруу өттүгэр нуорматтан биир нэдиэлэ эрдэлиирэ сабаҕаланар, ардыгар 10 хонук.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА