23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

ХИФУ магистрана искэн ыарыытын эрдэ билэр платформаны оҥордо

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет магистрана Виктор Белостоцкай искэн ыарыытын эрдэ билиигэ оҥорбут платформатын тестированиетыгар 2000-тан тахса киһи кыттар. Дьокуускай уонна куорат кытыытынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар 40 саастарын ааспыт олохтоохторо тыҥа рагын эрдэ билиигэ тест ааһаллар, үрдүк үөрэх кыһатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


600-тэн тахса киһи анкетированиены ааста.

«Платформа икки нэдиэлэ иһигэр оҥоһулунна. Олус түргэнник. Биир сирэйи оҥорууга биир күн барар, барыта 60-тан тахса сирэй баар. Билигин биһиги манна үлэлиир персоналы үөрэтэбит. Саҥа куруук ыарахан буолар. Оробуочай дьайыыны олохтуубут, платформаттан утары сибээһи хомуйабыт. Интерактивнай каарта оҥорор баҕалаахпыт. Ол искэни эрдэ быһаарыыны өссө эбии тупсарыа уонна салгыы үлэни хонтуруоллуурга олус туһалаах буолуоҕа», – диэтэ  Виктор Белостоцкай.

онкопоисксаха.рф – Саха сиригэр рак ыарыытын эрдэ билиигэ анаммыт платформа.

«Платформа саамай тарҕаммыт көрүҥ — тыҥа искэнин эрдэ билиигэ анкетирование ааһары сүбэлиир. Барыта 2 300 киһи бэлиэтэммит, олортон 627 киһи анкетаны толору ааста, 300 киһи бырааска суруйтарда», – диир магистрант.

Сиһилии https://ysia.ru/magistrant-svfu-viktor-belostotskij-razrabotal-platformu-po-vyyavleniyu-raka-na-rannej-stadii/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА