“Росньиэп” Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Естественнэй наукаларга институтугар “Росньиэп” ньиэп уонна ньиэп бородууктатын физико-химическэй анаалыһын саҥа лабораториятын арыйда.
“Лабораторияны арыйыыга 2016 сылтан үлэлэспиппит. Лаборатория аныгы оборудованиелаах буолан, ньиэп салаатын идэтийбит исписэлиистэрин бэлэмнииргэ уонна ыччат өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ буларыгар төһүү буолуоҕа”, — диэтэ ХИФУ ректора Анатолий Николаев.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет “Росньиэп” анал идэлээх каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, научнай уонна инновационнай үлэни ыытыыга партнерунан буолар. Университет филиалыгар – Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй институкка “Ньиэп уонна гаас дьыалата” тирэх кафедра тэриллибитэ. Сыл аайы тэрилтэ кафедра устудьуоннарыгар истипиэндьийэлэри туттарар, диэн “Росньиэп” пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Инникитин манна “Химическэй технология” хайысха устудьуоннара лабораторнай уонна үөрэхтэрин түмүктүүр үлэлэрин толоруохтара. Устудьуоннар ньиэп, конденсаттар, гаас физико-химическэй тутулларын үөрэтиигэ фундаментальнай уонна прикладной чинчийиилэри ыытыахтара, суруйда «Саха сирэ» сайт.