Хатыҥ Арыы оҕолоро бөһүөлэктэрин тупсарыыга үлэлииллэр

Бэс ыйын 1 күнүттэн Хатыҥ Арыы нэһилиэгин иһинэн 15 оҕолоох «Бригантина» сервиснэй этэрээт үлэтин саҕалаата. Бу туһунан https://www.instagram.com/gazeta_enseli/


Хатыҥ Арыы орто оскуолатын уонна Затоннааҕы ситэтэ суох оскуола оҕолоро Надежда Сивцева уонна Гаврил Макаров салалталарынан үлэлииллэр.

Оҕолор уулуссаларга, биэрэк кытыытыгар сытар бөҕү хомуйуохтара, сквердэргэ үүнэр сибэккилэргэ, мастарга уу кутуохтара, нэһилиэк ыраас буоларыгар үлэлэһиэхтэрэ.

This post was published on 08.06.2021 15:00 15:00