22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хатастар төрөөбүт тылларын харыстыырга дьоһуннаах үлэ ыыталлар

17:04, 17 февраля 2023
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хатастааҕы “Тускул” култуура киинэ былааннаах, туһуламмыт сыаллаах-соруктаах үлэни ыытар. Ол үлэ төрөөбүт тыл төрүт күнүгэр эрэ ананан декада дуу, биир ыйдаах үлэ дуу буолбакка быстыбакка ситимнэнэн төгүрүк сыл, сылтан сыл салҕанан куруутун барар. Бу үлэ ситимигэр киирэн үҥкүү, ырыа, фольклор, уруһуй, иис –уус, эт-хаан өттүнэн хамсаныы түмсүүлэрэ, олохтоох норуодунай театр иһинэн үлэлиир бөлөхтөр тиһигин быспакка дьарыктаналлар.

Бу бүтэн эрэр нэдиэлэ сонуннарын сырдатан ааһар буоллахха, бэнидиэнньиктэн саҕалаан, этэргэ дылы, олох оргуйар үөһүгэр сылдьабыт. Дьокуускай куорат уокуруктааҕы үөрэҕин, эбии үөрэхтээһинин тэрилтэлэрин уонна кинилэри кытта бииргэ үлэлиир култуура үлэһиттэрэ тыл бэлиитикэтигэр саҥардыныыны уонна бөҕөргөтүнүүнү киллэрэргэ туһуламмыт үөрэхтээһин сессиятыгар бииргэ үлэлээһин үтүө өрүттэрин сэһэргээтибит, уол оҕону иитиигэ анаммыт үлэни сырдаттыбыт. Ол күн Хаҥалас улууһун киинигэр Дьокуускай куорат өрөгөй ырыатын тылларын суруйбут Дьааҥыттан саҕыллан тахсыбыт, Хаҥалас улууһугар хаан – уруу, аймах-билэ төрдүн олохтообут, тыл-өс эйгэтигэр, хоһоон хонуутугар хоһууннук сылдьыбыт, ырыа ылбаҕай ыырыгар хотуулаахтык үлэлээбит эйэҕэс-сайаҕас Х.П.Горохов – Элгэстэй төрөөбүтэ 85 сылыгар, кини аатын үйэтитиигэ анаммыт тэрээһиҥҥэ Кэрэ –Куо ырыа ансаамбыла (салайааччылар А.К.Калининскай – Луҥха, Т.Г. Окорокова), солист , дэгиттэр талааннаах А.Л.Малышев (салайааччы А.К.Калининскай – Луҥха) уонна айар-тутар үлэ аартыктарын киэҥник тэлэйэн үлэлии сылдьар Хатас норуодунай театрын өрөсүссүөрэ Евдокия Ефимовна Семенова буолан бэрт ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Хас киэһэ аайы “Тускул” КК киэҥ уораҕайын хас биирдии муннугар ким ыллыыр, ким хоһоон ааҕар, ким өркөн –өйүн сытыылыыр, ким үҥкүүлүүр, ким оһуохайдыыр, тойуктуур, этэргэ дылы саала, хос былдьаһыга, көрсүһүүттэн үөрүү, алтыһыыттан астыныы. Манна оскуола оҕотуттан саҕалаан аҕам дьоҥҥо тиийэ нэһилиэнньэ бары араҥата биир дьиэ-кэргэн курдук бэйэ-бэйэни ситэрсэн биэрэн эйгэтин кэҥэтэр, туругун тупсарар. Татьяна Григорьевна Окорокова суруйбут, оҥорбут сценарийынан үрдүкү кылаас оҕолоругар анаммыт аныгылыы ааттаатахха квиз оонньуу сүрдээх көхтөөхтүк уонна туһалаахтык ааста. Манна даҕатан эттэххэ оҕолор маннык тэрээһиннэргэ баҕаран туран кэлэр буолбуттара сүргэбитин көтөҕөр.

Бэҕэһээ өссө биир бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Саха төрүт оонньууларыттан – остуол оонньуутугар, чуолаан хабылыкка, хаамыскаҕа Сахабыт сирин бастыҥтан бастыҥнара кэлэн ыалдьыттаатылар:

1) Никифорова Наталья Николаевна – өрөспүүбүлүкэ таһымнаах судьуйа, бу көрүҥҥэ СӨ спордун маастара, доруобуйатынан хаарчахтаах дьон икки ардыгар ыытыллар үгүс элбэх, ол иһигэр Арассыыйа үрдүнэн күрэхтэр кыайыылаахтара.

2) Аммосова Альбина Афанасьевна – остуол оонньууларыгар СӨ спордун маастарга кандидата, ыытыллар үгүс элбэх, ол иһигэр Арассыыйа үрдүнэн күрэхтэр кыттыылааҕа, кыайыылааҕа.

3) Николаева Элеонора Петровна тренер, инструктор – СӨ адаптивнай спортка киинин методиһа.

Кинилэр илиинэн – атаҕынан тутан – хабан, оонньоон көрдөрөн, оонньуу умсугутар кистэлэҥнэрин арыйан, сэргээһини-кэрэхсээһини ылыахтарын ыллылар. Манна мустубут дьон эмиэ араас көлүөнэ буоланнар, ким эрэ саҥа көрөр, ким эрэ урукку оҕо сааһын саныыр, кимнээх эрэ дьиэ кэргэнинэн мустубуттар.

Манна сыһыаран кэпсээн-сэһэргээн аһарар буоллахха, күн бүгүн оһуохай, тойук түмсүүлэрин ааттаах-суоллаах үтүөкэн дьоммут бэйэлэрин баҕа санааларынан кэлэн салайа-үөрэтэ сылдьалларын киэн туттан, махтанан этэр буоллахха, тойукка РФ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Герасим Семенович Васильев, оһуохайга өрөспүүбүлүкэҕэ оһуохай күрэҕин хас да төгүл кыайыылааҕа Саргылана Васильева. Ити курдук төрөөбүт төрүт тылбыт барахсан аныгы балысхан сайдыылаах үйэҕэ атыттартан үтүрүллүбэтин, тутахсыйбатын, тулаайыхсыйбатын туһугар айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьар бар дьоммутугар махтанабыт.

Төрөөбүт тылбыт сүмэтин, сүөгэйин сүтэрбэт туһугар туох даҕаны сиэри таһынан киэҥ халлаан киэлититтэн дуу, уйаара – кэйээрэ биллибэт куйаартан дуу күүс –уох буолбакка, бэйэбит илиибит иһигэр баар кыаҕы күүһү, үтүө үгэстэрбитин, үөрүйэхтэрбитин умнубакка, хаҥыннарбакка сайдыылаах олохпут хардыытыгар тэбис тэҥҥэ ханыылаһыннаран, алтыһыннаран сырыттахпытына төрөөбүт тыл сүтэр — симэлийэр куттала суох дии саныыбыт, диэн суруйда СИА-ҕа Хатастан Наталья Руфова.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА